Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ “Тарбаахаптыы астыахха” күрэскэ кытта кэллилэр
Дьокуускайдааҕы өҥө технологическай тиэхиньикумугар бүгүн өрүү буоларынааҕар маҥан колпактаах, баартыктаах оҕолор биллэ элбээбиттэр. Бу – өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын ыытыллар “Тарбаахаптыы астыахха” күрэскэ кытта кэлбит оскуола үөрэнээччилэрэ.
Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай оҕолорго күрэскэ ситиһиини баҕарда: “Бэйэ-бэйэҕититтэн үөрэниҥ, бэйэ-бэйэҕитин өйөһүҥ. Иннокентий Иннокентьевич Тарбахаов эмиэ үйэтин тухары үөрэннэ. Кини бастакы кинигэтэ тахсыаҕыттан олус улаханнык сайдыбыта, үүммүтэ”, —— диэн эттэ.
Дьокуускайдааҕы өҥө технологическай тиэхиньикумун дириэктэрэ Ольга Кокош тустаах үөрэх кыһата И.И.Тарбахов үөрэҕин тутуһарын, тиэхиньикум устуоруйата кини аатын кытта быһаччы сибээстээҕин бэлиэтээтэ. “Иннокентий Иннокентьевич сүрэҕин баҕатынан олоҕун ыччаты кытта ситимнээбитэ, бу – биһиги тиэхиньикуммут уонна атыы-эргиэн кэллиэһин устудьуоннара. Барытыгар бириэмэ аттаран саха төрүт аһын туһунан куурус ааҕара, квалификациялаах эксээмэннэргэ барытыгар сылдьара. Күрэс өрөспүүбүлүкэ таһымнаммыта олус үчүгэй”, — диэн эттэ.
“Тыгын Дархан” эрэстэрээн эксплуатационнай-тиэхиньиичэскэй хааччыйар сулууспатын дириэктэрин солбуйааччы Светлана Львова күрэс 13 сыл устата Таатта улууһугар ыытыллыбытын, быйыл аан бастакытын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбытын иһитиннэрдэ. “Биһиги, үлэ биэрээччи быһыытынан дьону уопсастыбаннай аһатыы салаатыгар төһө кыалларынан талааннаах ыччат кэлиэн баҕарабыт, талааннаах оҕолору көрдүүбүт. Асчыт идэтин таларгытыгар эрэллээхпит”, – диэн эттэ.
“Аҕам, биһиги дьиэ кэргэн аатыттан күрэскэ кыттааччыларга ситиһиини баҕарабыт. Сатабылгытын арыллан көрдөрүҥ. Идэҕитин сүрэххит баҕатынан талыҥ. Өссө үрдүк таһымҥа тахсыҥ”, — диэн Тарбаховтар дьиэ кэргэн аатыттан кыттааччыларга баҕа санааны И.И.Тарбахов кыыһа Агафья Харлампьева тириэртэ.
“Бастыҥ асчыттар – эр дьон” диэн мээнэҕэ эппэттэр быһыылаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи маҥнайгы күрэскэ үксэ уолаттар кытта кэлбиттэрин бэлиэтии көрдүм. Үгүстэрэ кыра эрдэхтэриттэн бу эйгэҕэ сыстаҕас оҕолор эбит. Амма улууһун Чакыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ Матвей Шадрин бэртээхэй асчытын таһынан, сэһэн-сэппэн мааны киһитэ:
— Күрэскэ Амма улууһуттан Абаҕа оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Коля Осиповы кытта иккиэн кытта кэллибит. Былырыын “Будущие профессионалы” күрэскэ сааспынан хапсыбакка хаалбытым. Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан “Техноград” күрэскэ кыттыбытым, онно барыта бэлэмнэммит аһы астаабытым. Кыра эрдэхпиттэн ас астыырбын сөбүлүүбүн. Саамай сөбүлээн астыыр аһым французстуу буспут эт, үксүгэр өрөбүллэргэ буһарааччыбын. Эспэримиэнниирбин олус сөбүлүүбүн. Тиэстэнэн иһит оҥорон баран иһигэр араас аһы кутан буһарабын. Бурдук астартан саамай сөбүлүүрүм — чебурек, балыктаах бөрүөк.
Төрөппүттэрим үөрэх эйгэтигэр үлэлииллэр. Ийэм иллэҥ кэмигэр торт астыыр.
Кыра эрдэхпиттэн астыырбын нэһилиэгим дьоно бары билэллэр. Салайааччыбын Тихон Михайлович Матвеевы кытта ыаллыы олоробут. Биирдэ таһырдьа плов астыырбын көрөн: “Күрэскэ кыттыаххын баҕараҕын дуо?” – диэн ыйыппыта. Сөбүлэһэн, номнуо бэлэмнэнэн барбытым. Улуустааҕы күрэскэ бастаабытым.
Күрэскэ үс чаас бэриллэр, бары тута астаабытынан барабыт. Усулуобуйа барыгытар тэҥ диэн бородууктабытын барытын биир остуолга уурдулар. Онтон бэйэбит тиийэн ылабыт.
Астаах саламаат, икки гарнир, десерт астыыр сорудахтаахпыт. Астаах саламааты харталаах гына буһардым, кыратык духуопкаҕа уган ыллым. Гарнирбар пюре, рис буһардым. Соуспар сэбиэскэйдии подлив оҥордум. Этигэр убаһа этин буһардым. Десертар коржигы быһан кириэмнээх кыра туорт оҥордум. Кириэмэ иэдьэгэйдээх, чөчөгөйдөөх уонна сгущенай үүттээх.
Төһө да оскуола үөрэнээччилэрэ буолбуттарын иһин, асчыт идэтигэр, аһы киэргэтэн уурууга бэрт сыстаҕастара тута көстөр. Ол эрээри, күрэс аата күрэс, ким эрэ кыайар, ким эрэ кыайтарар. Бастакы күрэс кыайыылааҕын сарсын билиэхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: