Салгыы
Өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтоото

Өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтоото

Ааптар:
28.01.2024, 17:00
Бөлөххө киир:

Ким, ханна, хаһан диир буоллахха, бу өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэргэ күрэхтэһиитигэр бастаабыт биир дойдулааҕым, Бээдигэ төрөөн-үөскээн улааппыт, билигин Дьокуускайга олорор саха саарына Андрей Захарович Бочкарев буолар.

Кини бэйэтин туһунан кэпсиирин сөбүлээбэт. Онон киниттэн тугу билбиппин ааҕааччыга кэпсииргэ сананным.
Андрей Бээди бөһүөлэгэр 11 оҕолоох ыалга ахсыс оҕонон төрөөбүтэ. Сэттэ уол, түөрт кыыс. Ыаллыы олорбут буолан, Андрей оҕо сааһа мин хараҕым ортотунан ааспыта. Түгэнинэн туһанан, биир түгэни ахтан аастахпына сатанар.

Ыаллар уубутун бөһүөлэктэн 200 м. тэйиччи сытар күөлтэн баһынабыт. Саас хаардаахха күөлгэ киирэн иһэн Андрейы утары көрүстүм. Киһим бэйэ оҥоһуга тимир улахан салаасканан уу баһан иһэр эбит. Бөтүөннэр көстөллөр. Төһөнү соһон иһэрин билээри ааҕан көрбүтүм биэс бөтүөн, хас биирдиилэрэ 40 лиитирдээх. Онон киһим барыта холбоон 200 л ууну соһон иһэр эбит. Ити сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан. Түбэлтэтигэр ыалбыт оҕонньор оҕустаах сыарҕанан 200-тээх буочукаҕа уу баһан иһэр эбит. Онно киһибин дьээбэлээн: «Хайа, Андрей, оҕустуун күрэхтэһэргэ сананныҥ дуу?», — диэтим.

Андрей оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, кэлин даҕаны анаан дьарыктанар диэни билбэтэҕэ. Ол үрдүнэн хайа даҕаны көрүҥҥэ күрэхтэһэн хотторон эрдэ туораабыта суох. Тустуу диэни истэн эрэ билэр киһини улуус киинигэр туһуннара илдьэ барбыттар. Киһилэрэ барыларын лаппаакыларыгар хам баттаталаан кэбиспит. Онон хаһан даҕаны тустубатах киһи бастакы миэстэни ылбыт,  улуус чөмпүйүөнэ буолбут. Итиннэ барытыгар кини кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллибитэ, буспута-хаппыта туһалаатаҕа. Оҕус эрэ тардар таһаҕаһын — ыараханы сосуһан үлэлээбитэ туһалаабыта чуолкай.

Өссө биир түгэн баа. Кэлин сааһыран баран олбуорун таһыгар сүөкэммит уонтан тахсалыы миэтэрэлээх лафет бэрэбинэлэри соҕотоҕун олбуорун иһигэр таһан сааһылаабыта. Биир лафет ыйааһына икки сүүстэн тахса киилэ баара буолуо.
Андрей кэргэннэнэн баран куоракка көһөн киириэҕиттэн, бэйэтэ тэрилтэ тэринэн араас үлэнэн дьарыктанар. Соҕотоҕун хас даҕаны дьиэни тутунна. Элбэх араас мааркалаах тиэхиньикэлээх. Барытын бэйэтэ оҥостор, өрөмүөннүүр. Онно аналлаах мастарыскыай уонна араас тэрилэ барыта баар. Таҥара биэрбит талаана итинэн эрэ муҥурдаммат. Успуорка ситиһиитэ эмиэ сөҕүмэр. Ааһан иһэн өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтуур, Эмиэ ааһан иһэн ГТО нуорматын кыһыл көмүскэ туттарар. Маныаха
ааһан иһэн диирим оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, кини итини барытын үлэтин быыһыгар ситиһэр.

«Саалаҕа сылдьан дьарыктанарбар бириэмэ да суох. Уонна кыратык доруобуйаны көрүнэн сынньаныахха наада», — диир. Андрей суол аһылыннаҕына кыһын хоту улуустарга дьону, таһаҕаһы таһар идэлээх. Ол үлэтэ ураты эппиэттээх уонна ыарахан. «Ити быыһыгар күрэхтэһии буоларын иһиттэхпинэ, эмискэччи кыдьыгыран кэлэбин уонна аҕыйах күн дьарыктанаат, күрэхтэһиигэ кыттабын. Хаста даҕаны өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэригэр бастаталыы сылдьыбытым, өрөспүүбүлүкэ успуордун маастарын аатын ылбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытым таһынан өссө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үстэ төхтүрүйэн (тройной прыжок) ыстаныыга саҥа рекорду олохтообуппун», — диир кини бэрт холкутук.

Ол маннык эбит. Өрөспүүбүлүкэ урукку рекордун 8,36 м. түһэн, 2001 с. Роман Романов (Мэҥэ Хаҥалас) олохтообут. Онтон Андрей 9,40 м түһэн, итини 1,4 м аһарда уонна өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтоото.
Арай, Андрей бэйэтэ баҕаран туран анал ньыманан тириэньэр этэринэн утумнаахтык дьарыктаммыт буоллун?  Маныаха санаттахха, ааттара-суоллара аан дойдуга аатырбыт улуу спортсменнарбыт бары кыра саастарыттан үлэнэн эрчиллэн тыа сириттэн тахсыбыттара. Кини оскуоланы бүтэрэр сылыгар чэпчэки атлетикаҕа хас даҕаны рекорду олохтообута.

Андрей кыттыбыт күрэхтэһиититтэн аҕыйах түгэни ахтан ааһар тоҕоостоох. Кини Водоканал ыытар күрэхтэһиитигэр өрөспүүбүлүкэ күүстээх спортсменнарын баһыйан, бастакы миэстэни ылбыттаах. «ЗаБег.РФ» диэн 5 км сүүрүүгэ бастакы кэлэн муҥутуур кыайыылаах аатын ылар. Итинник өссө да элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта. Онно бириистээх миэстэттэн түспэт этэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Үөһээ Бүлүүгэ буолбут чэпчэки атлетика өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитигэр эстэпиэтэҕэ 400 м рекорд олохтоспут. Онон Андрей үлэтин быыһыгар өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэригэр икки рекорду олохтоото. Бу күрэхтэһиигэ кини иккис миэстэни ылар. Аны эмиэ манна ыытыллыбыт спорт национальнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэригэр күрэхтэһиитигэр иккис миэстэни ылбыт. «Дьиҥэр, хамаанда көрдөһүүтүн ылынан таксистаан барбытым уонна дьонум наһаа көҕүлээннэр, аны, күрэхтэһиигэ кыттар буоллум. Спортивнай таҥаһа суох кэлбитим. Хата, эргэрэн быраҕыллыбыт кроссовканы булан ылан кэтэн, өрөспүүбүлүкэ ааттаахтарын кытары киирсэн, атах оонньуутугар иккис миэстэни ылбытым», — диир кини.

Андрей этэринэн, 2022-2023 сылларга успуорка ситиһиитэ ураты суолталаах уонна үчүгэй эбит. Ол курдук, кини 30 сыл устата ыараханнык ыалдьан баран сыыйа бэйэтэ эрчиллэн успуорка төннүбүт кэмэ буолар. Бу курдук кини улахан бэлэмэ суох бэтэрээннэргэ успуорт маастарын нуорматын толорор, ГТО нуорматын кыһыл көмүскэ туттарар. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ бастаталыыр. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ бириистээх миэстэттэн түспэт. Өссө бастакы рекордун Үөһээ Бүлүүгэ 400 м эстэпиэтэ көрүҥэр олохтуур.

Бу сыл киниэхэ эмиэ кыайыынан саҕаланна. Үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтоото.

«Күрэхтэһиилэргэ үчүгэй эрчиллиитэ суох киирэр буолан, атахтарбар эчэйии элбэх. Сүрүн күүспүн үлэбэр уонна дьиэ кэргэммэр уурабын. Онон аҕыйах күн эрчиллэ түһээт, күрэхтэһиигэ барабын. Төһө даҕаны эчэйии мэһэйдээтэр, мэтээлэ суох кэлбиппин өйдөөбөппүн», — диир кини. Андрей өссө элбэҕи ситиһиэн сөп этэ. Ону баара 1990 сылтан 2017 с диэри ыалдьан сыппыта. Сааһырдым диэн санаатын түһэрбэккэ ситиспит ситиһиилэрэ атыттарга холобур буолар. Андрей мүччүргэннээх сырыыларын, айанын туһунан өссө да элбэх суруллубата. Кини убайдарын кытта бииргэ үөрэммит, үлэлээбит буоламмын, бу удьуор күүстээх уонна үлэһит аймах туһунан суруйуом диэн толкуйдуубун.

Түмүккэ этиэм этэ, ааспыт сүүрбэһис үйэ улуу тириэньэрэ, саха норуотун аатырдыбыт Дмитрий Коркин талааннаах оҕолору тыа сирин кыракый бөһүөлэктэриттэн хомуйан, талааннарын, дьоҕурдарын чочуйан Олимп чыпчаалын дабайалларыгар олугу уурбута. Онон сибээстээн өссө төгүл санатабын уонна талааны тыаҕа көрдөөҥ диэнинэн бу сурукпун түмүктүүбүн.

Иван Сивцев — Бээди.

Хаартыскалар Андрей Бочкарев тус архыыбыттан.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: