Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын иһин наҕараадалары туттарда.
Судаарыстыбаннас күнүн иннинэ, балаҕан ыйын 24 күнүгэр наҕараадалары туттарыы кэмигэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо судаарыстыбаннай бырааһынньыкка, үгэс курдук, тосту уларыйыылаах кэмнэргэ эрэгийиэни салайбыт лиидэрдэргэ ытыктабыл биллэриллэрин туһунан эттэ.
«Бу дьоһуннаах бырааһынньык буолаары турдаҕына биһиги, үгэс быһыытынан, эһигини -– өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьонун чиэстиибит. Эһиги — араас эйгэ уонна салаа, өрөспүүбүлүкэ куораттарын уонна улуустарын дьоноҕут. Ол гынан баран, эһигиттэн хас биирдиигит Арассыыйа Федерациятын састаабыгар аныгы Саха сирин сайыннарыыга этиллибит санаалары батыһааччыларынан буолаҕыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уонна биир санаалаахтарын быһаарыыларынан, өрөспүүбүлүкэ уларыйыы улахан суолун ааспытын, социальнай-экэнэмиичэскэй олох бары эйгэтигэр үчүгэй түмүктэри ситиспитин бэлиэтээтэ.
«Ытыктабыллаах доҕоттор, эһиги ситиһиигит барыта билиҥҥи судургута суох кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үтүө туругар тугунан да сыаналаммат кылаатынан буолар. Үлэҕитинэн, дьулуургутунан туруоруллубут соругу ситиһэргэ дьиҥнээх патриотизм уонна бэйэ норуотугар сулууспалааһын холобурун көрдөрөҕүт», -– лиэн Айсен Николаев наҕараадаламмыт дьону эҕэрдэлииригэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларынан култуура уонна наука, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын диэйэтэллэрэ, быраамысыланнас уонна тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнара, социальнай эйгэ, тырааныспар уо.д.а. салаалар бэрэстэбиитэллэрэ бэлиэтэннилэр.
Санатан эттэххэ, Судаарыстыбаннас күнүн Саха сирин олохтоохторо балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтииллэр. 1990 сыллаахха бу күн Михаил Николаев баһылыктаах ХII ыҥырыылаах САССР Үрдүкү сэбиэтэ Саха сирин устуоруйатын саҥа түһүмэҕин саҕалаабыт өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны биллэрбитэ. 1990 сыллаахха САССР РСФСР уонна ССРС састаабыгар Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтигэр уларыйбыта. Онтон биир сылынан, 1991 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһа бигэргэтиллибитэ. Бу сыл ахсынньытыгар буолбут бастакы быыбарга Михаил Николаев кыайыыны ситиспитэ, ахсынньы 28 күнүгэр САССР Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уларытыллыбыта.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…