Өрөспүүбүлүкэҕэ 30 туонна кэриҥэ үүтү ыатылар

Share

От ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 29949,83 туонна үүтү ыан, сыллааҕы былаан 54,5%-нын толордулар. 2023 сыллааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, 1%-нан элбэҕи толорбуттар.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2024 сылга үүтү ыаһыҥҥа 3 570,110 мөл.солк. суумалаах субвенция көрүллүбүт. Бу мантан 20 муниципальнай тэриллиигэ 2430,217 мөл. солк. суумалаах субвенция ыытыллыбыт. Бу сыллааҕы кээмэй  68,0%-на буолар.  Итини тэҥэ Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара үптэрин 80%-нын ылан олороллор. Үүтү туттарааччыларга уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга субсидия толору тиэрдилиннэ.

20 улууска уонна Дьокуускай куоракка 44 тэрилтэ ыаммыт үүтү тутар.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ үүккэ субсидия кээмэйэ 1 киилэ бородууксуйаҕа 60-тан 65 солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ.

Субсидияны үрдэппиттэрин кэнниттэн, ыаммытынан үүт атыылаһыллар сыаната 80 солкуобай, ол онтон 15 солкуобайы фермердэргэ соҕотуопка тэрилтэтэ төлүүр.

Уопсайа өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы сылга 54 924,78 туонна үүтү ыыр былаан баар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago