Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх тэрилтэ уонна үлэһит — Вячеслав Давыдов

Share

 Сыллата үгүс тэрилтэ сыл түмүгүнэн бастыҥ тэрилтэни, үлэһиттэри бэлиэтиир үтүө үгэстээх.

ЫБМ Сунтаардааҕы кэтээн кɵрɵр уонна сэрэтэр отделениета өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сыл түмүгүнэн бастыҥ буолла. Вячеслав Давыдов — Сунтаар оройуонугар баһаары кэтээн кɵрɵр уонна сэрэтэр үлэтин салаатыгар үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Үлэтигэр олус бэриниилээх, ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх үлэһит билигин салайааччы эбээһинэһин толорор.

Хаартыскаҕа Тускулаана Горохова-Кобельянова түһэриитэ

Нэһилиэнньэ нус-хас олоҕор баһаар суоһаабатын туһугар үлэлиир тэрилтэ икки үлэһиттээх . Вячеслав бэйэтэ уонна дознаватель Цветана Мамонтова. Кинилэр күнүн аайы улууспут тэрилтэлэрэ баһаартан сэрэхтээх буолалларыгар 910 тэрилтэҕэ профилактика үлэтин тиһиктээхтик ыыталлар. Исписэлиистэр сэрэтэр үлэ хайаан да баар буолуохтаах диэн санааларын үллэстэллэр. Хас биирдии тэрилтэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын курдук эрдэттэн сэрэтии үлэтэ хайаан да ирдэнэр. Тута ботуччу ыстарааптаан барбакка ɵйдɵтɵн, сүбэлээн үтүɵ түмүгү кɵрɵр хайҕаллаах суол.

Ситиһиигитинэн истиҥ эҕэрдэ!

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

6 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

1 час ago