Өрөспүүбүлүкэҕэ Боломуочунайдар бырааптара кэҥиэҕэ

Share

Бу күннэргэ Ил Түмэн көрүүтүгэр киирбит сокуон барылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатыгар уларытыылар киириэхтэрэ.

Быһаарыы сурукка ыйылларынан, Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатыгар киирэр уларыйыылар гражданнар, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар, урбаанньыттар холбоһуктарын кэһиллибит бырааптарын уонна сокуонунан көрүллүбүт интэриэстэрин көмүскүүр уонна төнүннэрэр, өрөспүүбүлүкэҕэ Боломуочунайдар үнүстүүттэригэр көмөлөһөр инниттэн ырытан оҥоһуллубут. Сокуон барыла Ил Түмэн саайтыгар таҕыста.

Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Боломуочунайдар быһаарыыларыгар сабыдыаллыыр сыаллаах үлэлэригэр орооһууга, сокуонунан көрүллүбүт ирдэбиллэрин толорбот буолуу эбэтэр кинилэр үлэлэригэр атын көрүҥүнэн харгыстааһыны таһаарар түбэлтэлэригэр, иһитиннэриини-биллэриини (сибидиэнньэлэри, докумуоннары, матырыйааллары) тиксэрбэт эбэтэр кэмигэр киллэрбэт буолууга сололоох дьоннор – 10 тыһ. солкуобайтан 20 тыһ. солк. диэри, оттон юридическай тэрилтэлэр – 50 тыһ. солкуобайтан 100 тыһ. солк. диэри ыстарааптаныахтара.

Бэлиэтээн эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ түөрт Боломуочунайдаах:
— Киһи быраабыгар Боломуочунайа;
— Оҕо быраабыгар Боломуочунайа;
— Урбаанньыттар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ Боломуочунайа;
— Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааптарыгар Боломуочунайа.

Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин дьаһалынан сэттис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа Дьокуускай куоракка бэс ыйын 18-19 күннэригэр олохтоох бириэмэнэн 10 чааска ыытыллыаҕа.

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ахсынньы 26-тохсунньу 2 күннэрэ)

Хой Бу нэдиэлэ саҕаланыыта улахан дьыалаҕа ылсыма, туттуна сырыт. Ол эрээри, уһун кэмнээх былааннары санааҕар…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -51 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -51 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйи оройуонун олохтоохторо массыынаны уоран барбыттарын иһин ыстараап төлүөхтэрэ

Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Яков Михайлов — «СОФИУМ» Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбардыыр быраап олимпиадатын эрэгийиэннээҕи кыайыылааҕа

Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит?

Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтин үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары көрүстүлэр

СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…

13 часов ago