Өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар хаамыыта ытыска уурбуттуу көстөр

Share

Бүгүн сонуну киэҥник тарҕатар ситим үлэһиттэрин ыҥыран, Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай кэтээн көрөр киин үлэтин кытта билиһиннэрдилэр. Быыбар хаамыытын сүүнэ экран нөҥүө ытыска уурбуттуу көстөр.  

“Дьэҥкэ”, “аһаҕас буолуу” диэн официальнай тыллары этэбит. Ити тыллар олоххо киириилэрэ бу манна көстөр. Ханнык учаастакка быыбар хайдах баран иһэрин көрө олоробут.

Киин 2021 сылтан, бэрэбиэркэ быһыытынан видеонан кэтээн көрүү маҥнай туттуллуоҕуттан үлэлиир. Хас биирдии учаастакка икки камера турар. Биир — сиэйпэни, иккис бүллэтиэн угуллар дьааһыктары көрдөрөр. Өскөтүн туох эмэ саарбаҕалааһын үөскээтэҕинэ, биһиэхэ турар 10 ноутбукка бириэмэтин эргитэн, хас чааска туох буолбутун көрүөхпүтүн сөп” – диэн уопсастыбаннай кэтээн көрөр киин салайааччыта Альбина Черепанова кэпсиир. Дьон маннык кэтээн көрөр киин баарын көрөн соһуйар, ону ааһан сэҥээрэр эбит.

Холобур, Дьокуускай килбэйэр кииниттэн ыраах Өлөөн улууһугар дьон хайдах кэлэн куоластыырын көрүөххэ сөп. “Өлөөн олохтоохторун эҕэрдэлиибин, бэҕэһээ нэһилиэнньэ 77 % куоластаата.

Саха сирин олохтоохторо быыбарга үөрэн-көтөн, таҥнан-симэнэн туран кэлэллэр диэн этэллэрэ оруннаах. Кыра оҕолордоох дьон оҕолорун көтөхпүтүн күргүөмүнэн кэлэллэр, биир ыал саахса кэнниттэн таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ көстөрө, сахалыы таҥастаах кэлэллэр. Учаастак үлэһиттэрэ, чуолаан Нам улууһугар, сахалыы таҥастаах үлэлии олороллоро. Ити курдук барыта аһаҕастык көстөр” – диэн этэр.

Кулун тутар 16 күнүнээҕи, 11 чаастаах туругунан биир даҕаны кэһии суох диэн этэллэр. Уопсастыбаннай кэтээн көрөр киин Курашов уулуссатын 24-с нүөмэрдээх дьиэтин 6-с мэндиэмэнигэр (Идэлээх Сойуустар дьиэлэрэ) үлэлиир. Пааспардаах кэлэн ким баҕарар экран нөҥүө онлайн көрөр кыахтаах. Бэҕэһээ сарсыардаттан, уопсайа, сүүсчэкэ киһи кэлэн барбыт.

Санатан эттэххэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар быыбар кулун тутар 15-17 күннэригэр буолар. Дойду олохтооҕун быһыытынан быраапкын туһан, куоласкын биэр.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago