Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
2024 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар мэдиссиинэ 10 пуунун олоххо киллэрии былааннанар.
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан, биэлсэр-акушер пууннара уонна быраас амбулаториялара Уус Алдан улууһун Бээдитигэр, Хаҥалас Чапаевотыгар, Мэҥэ Хаҥалас Суола-Мэлдьэхситигэр, Нуораҕанатыгар, Амма Бөтүҥэр, Бүлүү Илбэҥэтигэр, Нам Хатаһыгар, Таатта Кыйытыгар, Чурапчы дириҥэр тутуллаллар.
«Билигин 10 ФАП-тан уонна быраас амбулаториятыттан 7 эбийиэк тутуута хайыы үйэ 100% бэлэм. Уопсайынан, 5 сыл иһигэр Саха сиригэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх эбийиэк – 80 биэлсэр-акушер пууннара уонна амбулаториялар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тутуллан үлэҕэ киллэрилиннилэр. Саҥа пууннар наадалаах тэриллэринэн толору сэбилиннилэр, ону таһынан мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбалаах оҥорорго теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн сүбэ-ама биэрэр кыах баар”, — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһинэн олоххо киллэриллэр.
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…