Салгыы
Өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат үөрэҕин сайыннарыыны кэмпириэнсийэҕэ ырытыстылар

Өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат үөрэҕин сайыннарыыны кэмпириэнсийэҕэ ырытыстылар

15.12.2022, 19:25
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат үөрэҕин сайыннарыыны саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи III кэнгириэһин түмүк кэмпириэнсийэтигэр кэпсэттилэр. Тэрээһин видеонан сибээс нөҥүө барда. Манна Саха сирин, дойду эрэгийиэннэрин, Москва, Бурятия уонна Армения үөрэҕин, билимин, успуордун, уо.д.а. эйгэтин исписэлиистэрэ кытыннылар.

СӨ саахымакка федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Егоров кэмпириэнсийэ саҕаланыытыгар бүгүн тустаах боппуруоска уопсастыбаннас уонна исписэлиистэр эмиэ улахан болҕомтону уурар буолбуттарын бэлиэтээтэ.

“Кэмпириэнсийэҕэ биһиги саахымат үөрэҕин исписэлиистэрин, учуонайдарын, педагогтарын иһиттибит, үөрэх систиэмэтигэр бу хайысха суолталааҕын чахчы өйдүүллэр. Мин санаабар, бу кэнгириэс олус түмүктээхтик ааста. Билигин саамай сүрүнэ – уопсай сайдыы туһугар бу түмсүүнү күүһүрдүү”, — диэн кини кэмпириэнсийэ түмүгэр эттэ.

Санатан аастахха, бэйэтин кэмигэр үөрэх эйгэтигэр саахыматы киллэриини СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев саҕалаабыта. Чопчу кини тирэҕи ууран, өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат үөрэҕэ салҕаммыта, сайдыбыта.

Михаил Ефимович тыл этэригэр бүгүҥҥү тэрээһин саахымат үөрэҕэр уонна уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх  сайдыытыгар быһаарар күүһүнэн буоларын бэлиэтээтэ. Бастакытынан, билим чахчыларыгар тирэҕирэрэ ирдэнэр, бары мэтиэдикэни уонна бырагыраамалары билим чинчийиилэригэр олоҕуран оҥоһуллуохтааҕын эттэ. Иккиһинэн, үлэни бииргэ көхтөөхтүк ыытар уонна түмсэр наадатын ыйда.

“Саахыматчыттар ураты дьон, кинилэр – улуус, дойду, аан дойду чөмпүйүөннэрэ. Бу биирдиилээн дьон, ол эрээри, арыый түмсэр, бары күүһү түмсүүгэ туһаайар уонна ханнык эрэ тэрилтэни (структура) тэрийэр наада. Бу кэлэр көлүөнэ кырааматынай буоларын уонна Арассыыйа кинилэр көмөлөрүнэн өрө тахсарын туһугар оҥоһуллар”, — диэн бастакы бэрэсидьиэн бэлиэтээтэ.

Михаил Николаев үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-тиэхиньиичэскэй хааччыллыыларын боппуруоһун тумнубата. Болҕомтону технология сайдыытыгар, үөрэх тэирлтэлэрин саамай аныгы тэрилинэн, инвентарынан тэрийиигэ туһаайда.

“Арассыыйа икки эрэгийиэнигэр эрэ – Саха сиригэр уонна Курган уобалаһыгар оскуолаларга, уһуйааннарга саахымат уруогун тэрийиигэ хаачыстыбалаах уонна систиэмэлээх үлэ барар, маны киэҥ таһымҥа таһаарар ирдэнэр”, — диэн педагогика билимин хандьыдаата, Үөрэҕи сайыннарар стартегия институтун (Москав к.) билимҥэ үрдүкү үлэһитэ Игорь Сухин эттэ.

Саахымат уруогун биэриигэ бэйэлэрин уопуттарын Армения бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ үллэһиннилэр. Ол курдук, педагогика билимин хандьыдаата, Х.Абовян аатынан Армянскай судаарыстыбаннай педагогическай университет преподавателэ Марианна Агамирян уһуйааннарга саахымат дьарыктарын туһунан кэпсээтэ. Кинилэргэ саахымат үөрэҕэ киирбитэ быданнаабыт уонна бырабыыталыстыба таһымыгар өйөнөр эбит. “Биһиги Саха сирин кытта бииргэ үлэлэһэргэ уонна уһуйааннарга оҕолору саахымакка үөрэтэр уопуппутун үллэстэргэ бэлэммит. Ону тэҥэ, успуорт бу көрүҥүн эһиги хайдах өйүүргүтүн уонна сайыннараргытын эмиэ сэҥээрэбит”, — диэн эттэ.

Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова саахымат үөрэҕэр хас оҕо хабылларын билиһиннэрдэ. Ол курдук,  күн бүгүн уһуйааҥҥа, оскуолаҕа уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ 4700 оҕо саахыматынан ситимнээхтик дьарыктанар.

Саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи III кэнгириэһин кыттааччылара түмүктүүр кэмпириэнсийэ бүтүүтэ туһааннаах тэрилтэлэргэ этиилэрин, сүбэлиир ис хоһоонноох резолюция бырайыагын билиһиннэрдилэр. Манна каадыры бэлэмнээһин, талааннаах оҕолору өйөөһүн, спортсменнар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыылара уонна турнирдарга барыылара, педагогтар идэлэрин хайысхатын уларытыы (переподготовка), уопут атастаһыытын боппуруостара киирбиттэр. Резолюция бырайыагын СӨ Билим дьоҕус академиятын саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.

СӨ саахымакка федерацията.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: