2024 сыл бастакы аҥаарыгар Саха сиригэр Арассыыйа баана 2000 уонна 5000 солк. суумалаах түөрт албын кумааҕы харчыны булбут. Бу туһунан Арассыыйа баанын Саха сиринээҕи отделениета иһитиннэрэр.
«Бу былырыыҥҥытааҕар икки купюранан кыра. Бу иннинэ 5000 купюралаах сымыйа харчы баара арыллар эбит буоллаҕына, быйыл 5000 уонна 2000 солк. купюралаах харчылар булуллубуттар», — диэн иһитиннэриигэ бэлиэтииллэр. Исписэлиистэр Саха сирин олохтоохторугар ордук болҕомтолоохтук улахан суумалаах харчыны бэрэбиэркэлииргэ сүбэлииллэр. Ону анал оборудованиета суох эмиэ быһаарыахха сөп.
«Төһө да сымыйа харчы ахсаана аҕыйаабытын иһин, улахан номиналлаах харчыны көмүскэнэр бэлиэлэринэн көрөргүтүгэр сүбэлиибин. Харчыны водяной уонна көмүскэнэр бэлиэлэринэн арааран көрүөххэ сөп», — диэтэ Арассыыйа баанын Саха сиринээҕи салаатын кассовай операциялыыр отделын кылаабынай эспиэрэ Ирина Селина. Харчы дьиҥнээх буоларыгар саарбахтааһын баар буоллаҕына, ханнык баҕарар бааҥҥа бэрэбиэркэҕэ илдьэн көрдөрүөххэ сөп диэн эбэн эттэ.
«Харчы дьиҥнээх, ол гынан баран хайдыбыт эбэтэр эргэрбит түгэнигэр баан уларытар. Сымыйа харчыны баан үлэһиттэрэ быраабы араҥаччылыыр уорганнарга тиксэрэллэр», — диэн кини бэлиэтээтэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…