Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 33613,8 туонна от бэлэмнэннэ

Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко уопсайа 4137 звено, 12427 киһи үлэлии сылдьар. Олортон 1548 звено механизированнай, 1773 аҥара механизированнай, 43 атынан уонна илиинэн, 740 илиинэн үлэлииллэр диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
От үлэтигэр 5818 араас модификациялаах тыраахтыр үлэлиир.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 57854 гектар сир оттоммут. 33613,8 туонна от бэлэмнэммит, бу былааннаммыт кээмэй 8 бырыһыанын ылар.
Саамай элбэх от Хаҥалас (5962 туонна, былаан 19%) уонна Мэҥэ Хаҥалас (5740 тонна, былаан 13%) улуустарыгар оттоммут.
Амма улууһугар 3997 туонна (былаан 13%), Уус Алдаҥҥа 2837 туонна (9%), Өлүөхүмэҕэ 2498 туонна (17%), Сунтаарга 2 339 туонна (7%), Ньурбаҕа 1947 туонна (7%), Үөһээ Бүлүүгэ 1914 туонна (8%) уонна Ленскэйгэ 1078 туонна (19%) от бэлэмнэммит.
Санатан суруйдахха, быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оту бэлэмнээһин уопсай былаана: 434334 туонна, 13443 туонна сенаж уонна 24184 туонна сиилэс.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: