Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх тэрилтэтин 98,8% саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм

Share

Саха сиригэр саҥа үөрэх дьылын көрсө үөрэх тэрилтэлэрин бэлэмнээн туттарыы үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин 98,8% саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм.

Күн бүгүн Саха сиригэр баар 630 оскуолаттан 623 оскуола оҕолору үөрэтэргэ олоччу бэлэм, “Оскуола үөрэҕин систиэмэтин саҥардыы” федеральнай бырагыраама усулуобуйата ирдиирин курдук, алта оскуоланы атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри туттарыахтара. Сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Маймаҕа оскуолатын өрөмүөнэ атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри түмүктэниэҕэ.

Өрөспүүбүлүкэ бары 43 орто анал үөрэҕин тэрилтэтэ устудьуоннары ыларга бэлэм. Ону тэҥэ, Саха сирин 176 эбии үөрэхтээһинин тэрилтэтэ саҥа үөрэх дьылыгар бэлэм.

Санатан аастахха, Саха сирэ кэлиҥҥи 6 сылга оҕо билиини иҥэринэригэр үөрэх аныгы эйгэтин, усулуобуйатын тэрийиигэ улахан хардыыны оҥордо.  “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн 51 оскуола үлэҕэ киирдэ, быйыл өссө 18 эбийиэги тутан бүтэрэр былааннаахтар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

39 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

1 час ago