Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа быраастара Ленскэй улууһугар үлэлээтилэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин мультидисциплинарнай биригээдэтэ Ленскэй улууһугар үлэлээтэ.
Оториноларинголог, УЗИ, кардиолог, колопроктолог, травматолог-ортопед, эндоскопист быраастартан турар биригээдэ нэһилиэнньэни эрдэттэн суруйтарыынан көрдө. Улуус олохтоохторо ити исписэлиистэри ордук күүппүттэрэ.
«Сырыы сыала-соруга — эмиэ уруккутун курдук, ыраах сытар улуустар олохтоохторугар төһө кыалларынан мэдиссиинэ анал үрдүк таһымнаах оҥөнү оҥоруу. Биһиги кииммит исписэлиистэрэ икки күн иһигэр 200-тэн тахса киһи доруобуйатын туругун көрдүлэр. Кинилэртэн тымырга УЗИ-га — 47, лор-бырааска 52 киһи көрдөрүннэ. Биир киһи Дьокуускай куоракка онкология диспансерыгар, 4 киһи Мэдиссиинэ национальнай киинин сурдологияҕа киинигэр ситэри көрдөрүнэ, 11 киһиэхэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа эпэрээссийэлэнэ барарыгар сүбэлээтилэр», – диэн быраастар биригээдэлэрин салайааччыта Павел Ермолаев кэпсэээтэ.
Колопроктолог 17 киһини бэрэбиэркэлээтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа 9 эмтэнээччи эпэрээссийэҕэ барар буолла.
«Быраастар маннык кэлиилэрэ бириэмэни уонна үбү-харчыны кэмчилиир. Бара-кэлэ сатаабакка, сүрүнэ — доруобуйаны көрдөрөргө направлениены эрэ күүтүөххэ наада.
Тус бэйэбэр лор-быраас сүбэтэ-амата наада этэ, тоҕо диэтэххэ, хроническай тонзиллиттаахпын. Бүгүн мин интэриэһиргиир ыйытыыларбар барытыгар быраас быһааран биэрдэ, ону таһынан УЗИ-га чинчиттэрдим. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа быраастарыгар махтанабыт. Кинилэр маннык куруук кэлэ турдуннар», – диэн Ленскэй улууһун олохтооҕо Виктория Ш санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: