Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа быраастарын биригээдэтэ Хатырык сэлиэнньэтигэр үлэтин саҕалаата
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа – Мэдиссиинэ Суһал көмөтүн киинин быраастара Нам оройуонун Хатырык сэлиэнньэтигэр тиийдилэр. Биригээдэҕэ кардиолог, невролог, отоларинголог, функциональнай диагностика уонна мэдиссиинэ сиэстэрэтэ бааллар, кинилэри кылаабынай бырааһы бастакы солбуйааччы Леонид Слепцов салайар. Биригээдэ ыам ыйын 21 уонна 22 күннэригэр үлэлиэҕэ.
Быраастар пациеннары көрүүнү уонна сүбэ-ама биэриини саҕалаатылар. “Биһиги көрдөрүнүөн баҕалаахтары барыларын көрүөхпүт уонна мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруохпут. Өскөтүн стационарга эмтэнэр наадата тирээтэҕинэ, пациеннар Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа – Мэдиссиинэ Суһал көмөтүн киинигэр доруобуйаларын чинчийиигэ уонна эмтэниигэ ыытыллыахтара”, — диэтэ Леонид Алексеевич.
Санаттахха, Нам оройуонун хас да сэлиэнньэтэ халааҥҥа түбэспитэ, ол иһигэр Хатырык сэлиэнньэтэ. Бу туһунан СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: