Хаартыска: РБ 2
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин оториноларингологияҕа отделениетыгар «Атмос» диэн лор-комбайннары биэрдилэр.
«Биһиги ааспыт нэдиэлэҕэ лор сулууспата 75 сылынан балыыһа салалтатыттан наадалаах бэлэҕи – “оториноларингологтар оробуочай миэстэлэрин», элбэх хайысхалаах инсталляциялары туттубут. Биир комбайн балыыһабыт мэдиссиинэ-хирургияҕа киинигэр, иккиһэ биһиги отделениебытыгар үлэлиэхтэрэ. Бүгүҥҥүттэн ыла комбайн көмөтүнэн үлэбитин саҕалаатыбыт. ЛОР-комбайҥҥа наадалаах систиэмэлэр, оториноларингология ыарыыларын быһаарарга уонна эмтииргэ наадалаах үнүстүрүмүөннэр нобуордара киирэллэр. Үлэ миэстэтэ ону таһынан эндоскобунан сэбилэммит, ол иһин лор-уорганнар ыарыыларын быһаарыы хаачыстыбалаах. Комбайн ону таһынан электроотсоһунан, ыгыллыбыт салгынынан, Политцер кэтэрдиинэн уо.д.а. хааччыллыылаах. Биһиэхэ, быраастарга, сөптөөх усулуобуйа үлэбит кээмэйин улаатыннарар. Биллэн турар, ити эмтээһиҥҥэ улахан суолталаах”, — диэн оториноларингология отделениетын сэбиэдиссэйэ Иннокентий Александров сонунун үллэһиннэ.
Санатан эттэххэ, лор отделение суукканы быһа анал, ол иһигэр үрдүк технологиялаах, көмөнү оҥорор. БМС полиһын таһынан, отделение мэдиссиинэ төлөбүрдээх өҥөтүн эмиэ оҥорор. Отделение 30 куойкалаах 8 балааталаах.
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Өлөөн, Мииринэй, Эдьигээн оройуоннарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ…
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…