Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ Суһал киинин хирурдара улуустарга эпэрээссийэлэри тиһигин быспакка оҥорор буолуохтара.
Саха сиригэр 2024 сыл тохсунньутуттан саҕаланар саҥа бырайыак «Мобильнай хирургическай киин» (МХЦ) диэн ааттанна. Бу бырайыагы СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Анал этиитин олоххо киллэрии чэрчитинэн үлэлэтэр.
Хирургия мобильнай киинин мультидисциплинарнай биригээдэтин састаабыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа араас хайысхалаах эмчиттэрэ киириэхтэрэ.
Исписэлиистэр Саха сирин оройуоннааҕы балыыһаларыгар тиһигин быспакка барыахтара, балыыһалар базаларыгар хирургия анал көмөтүн оҥоруохтара, сүбэ-ама биэриэхтэрэ уонна бу балыыһалар хирурдарыгар маастар-кылаастары ыытыахтара.
Онуоха биригээдэлэр Оройуоннааҕы киин балыыһалар былааннарынан уонна мэдиссиинэ өҥөтүгэр төһө наадыйалларынан тэриллиэхтэрэ. Ол эбэтэр улуустар наадыйар быраастарын: гинекология, травматология, колопроктология, рентген-хирургия, кардиология, неврология, эндокринология, сыҥаах-сирэй хирургиятын, отоларингология уо.д.а. салааларыттан ылыахтара.
Хирургия мобильнай киинин бастакы айана тохсунньу ортотугар Нерюнгри улууһугар былааннанар.
Бырайыагы олоххо киллэрэргэ Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатын исписэлиистэрэ улахан бэлэмнэнии үлэтин ыыталлар – эмтэнээччилэргэ лаборатория чинчийиилэрин оҥороллор, ол түмүгүнэн салгыы исписэлиистэр эмтэнии көрүҥүн быһаараллар.
Саҥа бырайыак эмтэнээччигэ (ханна олороруттан тутулуга суох) мэдиссиинэ анал көмөтө чугаһыырыгар, табыгастаах буоларыгар, ону сэргэ улуустарга мэдиссиинэ таһымын уонна хаачыстыбатын үрдэтэргэ көмөлөһүөҕэ.
(Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Дьокуускайга Саҥа дьылы көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа перинатальнай киинигэр – Мэдиссиинэ национальнай киинигэр сэтинньи…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр «Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраама нөҥүө тутуллубут…
Саха сирин дьоно-сэргэтэ байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга уонна госпиталларга эмтэнэ сытааччыларга төһө кыахтааҕынан тиһигин быспакка…
Саха сиринээҕи эрэгийиэни салайар киин социальнай ситимнэринэн кэлин түөкүннээһин саҥа ньымата тарҕаммытын бэлиэтээбит. Аны түөкүттэр…
Ньурба улууһун Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирдэ. Бу олохтоохтору хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыаҕа.…
“Национальнай эриэйтин” бырайыак иитинэн “Рейтинг” информационнай коммуникациялар кииннэрэ дойду субъектарын баһылыктарын үлэлэрин сыаналааһыҥҥа аналлаах 2024…