Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа 90 сылын бэлиэтиир
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа Саха сирин биир кырдьаҕас уонна инники иһээччи мэдиссиинискэй тэрилтэтинэн биллэр. Балыыһа устуоруйата 1932 сыл алтынньы 15 күнүттэн саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабыла сайдарынан, балыыһа аата хаста да уларыйбыта, үлэлиир сирэ, штат ахсаана, структура эмиэ уларыйбыттара. Оттон төһө киһи эмтэнэн ааспытын ааҕар да уустук.
Билигин балыыһа структуратыгар 6 улахан подразделение киирэр.
Ол – Кулаковскай аатынан уулусса 6 дьиэтигэр баар салаа, Эмтиир-доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин, Гериатрия киинэ, Предиктивнай мэдиссиинэ уонна биоинформатика лабораториялаах киинэ, Уһун үйэлэнии киинэ уонна сиэстэрэ көрөр-истэр отделениета.
Поликлиника
Уобарастаан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа тэбэр сүрэҕинэн симиэнэҕэ 299 киһи сылдьар кыамталаах поликлиника буолар. Манна 15 көрүҥҥэ бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү терапия 11 учаастагар оҥороллор. Улахан болҕомто ыарыыны сэрэтии уонна аҕыйатыы дьаһалларыгар, социальнай суолталаах ыарыылары уонна ыарыы үөскүүр кутталын булууга, диспансеризацияҕа, мэдиссиинискэй реабилитацияҕа, быһыыны биэриигэ ууруллар.
Поликлиникаҕа “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Мэдиссиинискэй тэрилтэ саҥа модела” бырайыага олоххо көхтөөхтүк киллэриллэр.
Поликлиника киэн туттуутунан хайа быспакка оҥоһуллар эпэрээссийэлэри туһанар амбулатория хирургиятын киинэ буолар.
Горькай аатынан уулусса 94 дьиэтигэр мэдиссиинискэй көрүү-истии бары көрүҥэ оҥоһуллар. Актыыбынайдык уһун үйэлэнии киинин, Өйгө тутар дьоҕур кэбиниэтин, “Гормезис” бырагыраама исписэлиистэрэ улахан ыарыы кутталын аччатарга, нэһилиэнньэ чөл олоҕу тутуһарыгар уонна кырдьыы хаамыытын бытаардарга көмөлөһөллөр.
Төлөбүрдээх өҥө отделениетыгар өҥө нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтө ыарыыны сэрэтэр, эмтиир-быһаарар, чөлүгэр түһэрэр, протез-ортопедия уонна тиис протеһын оҥоруу көрүҥнэринэн оҥоһуллар.
Эмтиир-реабилитациялыыр киин (ЛРЦ)
Эмтиир-реабилитациялыыр киин 1997 сылтан балыыһа састаабыгар киирбитэ, 2011 сылтан мэдиссиинискэй реабилитацияҕа анаан үлэлиир. Киин 60 куойкалаах икки отделениетыгар инсульт, инфаркт миокарда уонна нейрохирургияҕа эпэрээссийэлэр, төбө уҥуоҕа-мэйии эчэйиитин, коронавирус инфекциятын кэнниттэн уонна соматическай патологиялаахтар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр.
Эмтиир-реабилитациялыыр киин быраактыкаҕа тугунан да сыаналаммат улахан үөрүйэхтээх, эмтээһин уонна чөлүгэр түһэрии инники иһэр ньымаларын туһанар, Арассыыйа сүрүн кииннэригэр үөрэммит уонна аккредитацияламмыт үрдүк таһымнаах мэдиссиинискэй үлэһиттэрдээх.
Гериатрия киинэ
Гериатрия киинэ 2000 сыллаахха Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакынан аһыллыбыта. Билигин бу аныгы килииникэ 100 куойкатыгар гериатрияҕа, кардиологияҕа, неврологияҕа, мэдиссиинискэй реабилитацияҕа, эндокринологияҕа уонна паллиативнай көмөҕө үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор.
Гериатрия, интенсивнай терапия, гериатрическай кардиология, гериатрическай неврология уонна чөлүгэр түһэрэр эмтээһин отделениелара үрдүк таһымнаах исписэлиистэрдээхтэр, аан дойду стандартыгар эппиэттиир мэдиссиинискэй тэриллээхтэр. Гериатрия киинэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин кытары “Демография” национальнай бырайыак “Кырдьаҕас көлүөнэ” эрэгийиэннээҕи бырайыак дьаһалларын олоххо киллэрэллэр.
Предиктивнай мэдиссиинэ уонна биоинформатика киинэ
Предиктивнай мэдиссиинэ уонна биоинформатика киинэ персонализированнай мэдиссиинэ саҥа концепциятын киллэрэр. Киин исписэлиистэрэ инфекциянан бэриллибэт ыарыыларга ылларар кутталы быһаарарга генетическэй пааспары оҥороллор уонна фармакогенетиканан — молекулярнай-генетическай чинчийиилэргэ олоҕуран эмтиир терапияҕа персонализированнай сүүмэрдээһининэн дьарыктаналлар.
Үлэ өссө биир улахан суолталаах хайысхатынан ыарыыны быһаарарга ыарыы мониториныгар сыыппаралаах платформалары сайыннарыы буолар.
Киин састаабыгар киирэр ПЦР-лабораторияҕа киһи эми-тому тулуйарыгар, социальнай суолталаах ыарыыларга ылларымтыатыгар молекулярнай-генетическай чинчийиилэри, ковидка ПЦР-тиэһи ыыталлар, киһи папилломатын вируһугар 14 генотибы быһаараллар.
Сиэстэрэ көрөр-харайар отделениета
Бу отделение бэйэтин аанын 2021 сыллаахха Кырдьаҕастар күннэригэр арыйбыта. Отделение аҕам саастаах, ыарахан ыарыһахтарга 15 куойкалаах. Манна паллиативнай мэдиссиинискэй көмө бырааһа үлэлиир. Кинини уонна мэдиссиинискэй сиэстэрэлэри сэргэ, балыыһа “узкай” идэлээх исписэлиистэрэ сүбэ-ама биэрэллэр, эмп-том аныыллар.
Отделение “Уһуннук олоруохха” уопсастыбаннай тэрилтэни кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир уонна өрөспүүбүлүкэҕэ паллиативнай көмөнү сайыннарарга хайысхаланар социальнай бырайыактары олоххо киллэрэр. Холобур, “Паллиативнай ыарыһахтары дьиэҕэ көрүүгэ аймахтар оскуолалара”, ыарахан ыарыһахтар дьиэ кэргэттэригэр респиснай көмө.
Диагностикалыыр сулууспалар
Ыарыыны быһаарар сулууспалар сардаҥа диагностикатын уонна килиниичэскэй-диагностикалыыр отделлара аныгы үрдүк технологиялаах тэриллэринэн сэбилэммиттэр. Сардаҥа диагностикатын отделениетыгар көмпүүтэр томографията, маммография, флюорография, рентгенологическай уонна ультразвуковой чинчийиилэр киирэллэр. Эми-тому уонна мэдиссиинискэй суолталаах тэриллэри балыыһа подразделениеларыгар аптыака тириэрдэр. Онтон бары подразделениелар тиһигин быспакка үлэлииллэрин тиэхиньиичэскэй сулууспа хааччыйар.
Яна Байгожаева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: