Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын дьайыыта кэҥээбитэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын дьайыытын кэҥэтэр туһунан былырыын Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр, кылгас кэм иһигэр боппуруоһу быһааралларыгар эппитэ.
Быйыл олунньу 26 күнүгэр буолбут Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара Ил Дархан көҕүлээһинин өйөөбүттэрэ.
«Элбэх көрсүһүүлэргэ миэхэ элбэх оҕолоох төрөппүттэр төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, судаарыстыбаттан чопчу көмө суох диэн боппуруоһу көтөҕөөччүлэр. Онон бу кыһалҕаны туоратарга быһаарыныы ылынныбыт. Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын хат ылар кыахтаннылар, Ил Түмэн бу боппуруоһу өйөөтө», — диэн Айсен Николаев Анал этиитигэр бэлиэтээбитэ.
Онон төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын ылар кыахтаммыттара. Урут үһүс эрэ оҕоҕо бэриллэрэ.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Билигин дьайыыта кэҥээн, төрдүс, бэһис, алтыс, сэттис… оҕо төрөөтөҕүнэ, «Үйэ оҕолоро» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы сэргэ, уопсай суумата 433 тыһыынча солкуобай бэриллэр буолла. Ол аата, хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн тутулуга суох, саҥа төрөөбүт оҕо барыта ийэ хапытаалын ылар кыахтанна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: