Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай вакансия дьаарбаҥкатыгар ыҥыраллар

Share

Кэлэр оптуорунньукка, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ педагог идэлээх үлэ көрдүүр уонна быйыл үрдүк, орто анал үөрэх тэрилтэлэрин бүтэрбиттэргэ анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥканы ыытар. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Тэрээһин, 2023-2024 үөрэх дьылын көрсө өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин педагогическай каадырынан хааччыйар соруктаах ыыталлар.

Дьаарбаҥка олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннары көҕүлүүр киинин баазатыгар (ГУК), сарсыарда 9 чаастан күнүс 16 чааска диэри буолар.

Тэрээһиҥҥэ үлэ биэрээччилэр уонна улуус, куорат үөрэҕин управлениетын исписэлиистэрэ кыттыахтара. Үөрэхтэрин бүтэрбиттэргэ, үлэ көрдөөччүлэргэ үөрэх тэрилтэлэригэр, уопсайа, тыһыынчаттан тахса вакансияны билиһиннэриэхтэрэ.

Дьаарбаҥкаҕа кыттыы туһунан бу нүөмэринэн төлөпүөннээн ыйытылаһыҥ: 50-69-27, 50-69-20.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago