Салгыы
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт салалтата Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын бэдэрээтчиттэрин кытта көрүстэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт салалтата Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын бэдэрээтчиттэрин кытта көрүстэ

19.02.2023, 20:59
Бөлөххө киир:

Өймөкөөҥҥө ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр Томтор нэһилиэгин олохтоохторун иннигэр отчуоту ыытыахтарын иннинэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников  уонна министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара быйыл сайын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар тутууну ыытар бэдэрээтчиттэри кытта көрсөн, үлэ хаамыытын дьүүллэстилэр.

Хас биирдии эбийиэги тутуутуга салайааччылар санааларын үллэһиннилэр.

Олохтоох дьаһалтаҕа мунньахтаан баран, өрөспүүбүлүкэ суолталаах тэрээһинин ыытар салайааччылар ыһыах ыһыллар миэстэтин көрдүлэр-иһиттилэр.

Бэдэрээтчит «ИП Ефремов Родион Родионович»  тэрилтэ салайааччыта Родион Ефремов  СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Сергей Местниковка «бу күннэргэ 80 кууб тутуу матырыйаалын тиэммит массыына Дьокуускайтан кэлэн сүөкэннэ. Тимир турба матырыйаал сакааспытын олунньу ый бүтэһигэр соҕурууттан тутан, Томторго ыытыахпыт» диэн иһитиннэрдэ. Бу бэдэрээтчит «Олоҥхо түһүлгэтэ (Туос ураһа), «Күнү көрсүү түһүлгэтэ», «Оҕо балаҕана», «Тойон аан», «Сүрүн түһүлгэ» эбийиэктэри тутуоҕа.

Аал Луук Мас ис тутула оҥоһуллан, иһэрдиллэн бүппүт. Хаар уулуннаҕына, «Уран» дизайн устуудьуйа» ХЭУо тутааччылара кэлэн, салгыы  ситэриэхтэрэ. «Тойон түһүлгэ» эбийиэги эмиэ «ураннар» туталлар.

Тутуу ыытыллар миэстэтин көрдөрө сылдьан, улуус баһылыга Иннокентий Сивцев СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковка “Көмүс күрүө” этнографическай комплекска 16 эбийиэк тутулларын иһитиннэрдэ. «Ытык дуоҕа», «Аал уот олоҕо», «Аар баҕах», «Атыы-эргиэн», «Уус түһүлгэтэ» эбийиэктэри «БААТстрой» ХЭУо тутааччылара тутуохтара.

Бары тутуулары бэдэрээтчиттэр болдьоммут кэмигэр түмүктүүр былааннаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: