Бүгүн Өймөкөөн улууһугар от ыйын 1 уонна 2 күннэригэр ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмин көрө-истэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт уочараттаах көһө сылдьар мунньаҕын Томтор нэһилиэгэр тиийэн ыытан кэллэ.
Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местниковы кытта СӨ Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо ыһыаҕын Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ тырааныспарга миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев уонна Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын сүрүннүүр Вячеслав Яроев ыһыах түһүлгэтигэр ыытылла турар тутуулары биирдиилээн кэрийэ сылдьан билистилэр.
Үлэ хаамыытын көрөн баран, үгэс быһыытынан, тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ нэһилиэктэр баһылыктарын уонна уопсастыбаннаһы кытта көрүстүлэр. Сергей Местников мунньах кыттыылаахтарыгар бэйэтин санаатын маннык тиэртэ:
— Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын кытта билсэн баран, эбийиэктэр бары кэмигэр, ол эбэтэр бэс ыйын 20 күнүгэр, тутуллан бүтүүһүлэр диэн көрдүбүт.
Бу кэмҥэ тустаах хамыыһыйа анаан кэлэн көрөн, эбийиэктэри тутуоҕа. Суол-иис мөлтөҕүн истэ-билэ олоробут. Ол иһин СӨ тырааныспарга миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов биһигини кытта кэлсэн, Томторго от ыйын 2 күнүгэр диэри хаалан, анаан үлэлиэҕэ. Ол эбэтэр ыһыах бүтүөр диэри суолу-ииһи, муосталары кэтээн көрөн, туох баар үлэни хонтуруоллуоҕа. Уунан уонна уотунан хааччыйар исписэлиистэр бу күннэргэ кэлэн тустаах үлэлэрин толоруохтара. Сибээс өттүгэр бэс ыйын 13 күнүгэр Инновация уонна сибээс миниистирин солбуйааччы Андрей Суслов исписэлиистэрин кытта анаан кэлэн үлэлэһиэхтэрэ. Онон ыһыах кэмигэр интернет сибээһин хааччыйыахтара. Дьону түһэрии, аһынан хааччыйыы боппуруостара эмиэ быһаарыллан тураллар. Онон Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ тэтимнээх, барыта силигин ситэн эрэр диэн түмүккэ кэллибит.
Салгыы кэпсэтиигэ СӨ Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо ыһыаҕын Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кыттыыны ылла. Кини ордук Өксөкүлээх Өлөксөй ыһыаҕы ыспыт сиригэр учуонайдар, баҕалаах дьон чопчу тиийэр кыахтаахтарын, Өймөкөөн нэһилиэгэр ыытыллыахтаах меценат-атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын балаҕана төһө бэлэмин ыйытта.
Онуоха бу боппуруостарга эппиэттээх Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыга Павел Васильев Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕана турар Үүт Уурбут сиргэ суол куһаҕанын, вахтовка автобус наадатын эттэ. Уус-Ньара бөһүөлэгин баһылыга Иван Максимов бу боппуруоһу көмүс хостуур тэрилтэлэр салайааччыларын кытта быһаарса сылдьалларын иһитиннэрдэ. Павел Валентинович икки балаҕаҥҥа ( Үрэх төрдүгэр уонна Өймөкөөҥҥө) ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттар дьону көрсүүнү, аһатыыны бэлэмнии сылдьалларын, онон ыалдьыттарын көрсөргө бэлэмнэрин иһитиннэрдэ.
СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕын режиссера Андрей Борисов Дьокуускайга тыйаатыр артыыстарын кытта бэлэмнэниини саҕалаабыттарын, бэс ыйын 16 күнүгэр Томторго кэлэн, олохтоохтору кытта үлэлиэхтэрин туһунан иһитиннэрдэ.
— Бүгүҥҥү туругунан 731 киһи кэлэрин туһунан сайаапка киирэн сытар. Күн аайы ахсаан эбиллэ турар. Быһа холуйан, 1000-тан тахса киһиэхэ суоттанабыт. Бу улуустар дэлэгээссийэлэрэ. Онтон бэйэлэрин көлөлөрүнэн испиһэккэ киирбэт дьон эбилиннэҕинэ, дьэ, элбэх ыалдьыт кэлэрэ буолуо. Норуот маастардара Тываттан, Хакассияттан, Бурятияттан кэлэллэрэ билиннэ. Кинилэр ат симэҕэр идэтийэллэр. Онон сүрүннээн дьөһөгөй тиэмэтигэр үлэлэри аҕалыахтара. Өссө да атын эрэгийиэннэртэн кэлиэн баҕалаахтары кытта «Симэх» национальнай галерея салалтата үлэлэһэр. Ити курдук, араас хайысханан үлэ барар.
Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов «Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр кыттар, үлэлэһэр, сырдатар 1200 киһи тэрээһиннээхтик аһыахтаах» диэн иһитиннэрэн туран:
— Оскуолаҕа кинилэргэ анаан үс улахан шатер туруоҕа. Атын ыалдьыттарга атаан хорчуоппалар үлэлиэхтэрэ. Сайаапклар киирбиттэрэ. Олоҥхо ыһыаҕын араас үлэтигэр кыттыһыан баҕалаахтар улуустааҕы хамыыһыйа чилиэнигэр Саргылаана Можуковаҕа суруттарыҥ. Кэлээччи ыалдьыт 90 %-на балааккаларга түһүөхтэрэ, — диэн бэлиэтээтэ улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов.
Уус-Ньара баһылыга Иван Максимов улуус кииниттэн 200-чэкэ араас омук дьонуттан таҥыллыбыт дэлэгээссийэни аҕалаары сылдьарын, бары балааккалаах кэлэн, бэйэлэрин түһүлгэлэрин бэлэмнээн, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттаары сылдьалларын иһитиннэрдэ.
Үчүгэй нэһилиэгин баһылыга Семен Аммосов аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэригэр эппиэттээхтэрин, онно эмиэ күүстээх үлэ барарын иһитиннэрдэ.
Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров бу күннэргэ бастаан Саһыл учаастагар былааннанан тутуллубут Балаакка куоратын тутууларын— дууштары уонна туалеттары, ыһыах ыытыллар түһүлгэтин аттыгар көспүт сиргэ тиэйэн аҕалан туруорбуттарын иһитиннэрдэ. Кинилэр кэннилэриттэн бу сиргэ аны Сордоҥноох нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ кэлэн, тустаах үлэни ыытыахтарын иһитиннэрдэ. Бу күннэргэ Томторго 100-тэн тахсалыы киһилээх ырааһырдыы субуотунньуктара ыытылла туралларын, нэһилиэк эр дьоно бэдэрээччиттэргэ көмөлөһө сылдьалларын туһунан кэпсээтэ.
Тэрийэр кэмитиэт салайааччыта Сергей Местников мунньаҕы түмүктүүрүгэр: «Олоҥхо ыһыаҕын ыытыы сүрүн соруга — олохтоохтору, дьону-сэргэни түмүү, сайдар саҕах аартыктарын арыйыы, сонун сүүрээннэри тобулууга сирдээһин. Бу буолар өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһини ыытыыга дьулуһуубут. Промышленнай Алдан оройуонун олохтоохторо хайдахтаах курдук дьон уоһуттан түһэрбэт үчүгэй ыһыаҕын ыытан баран «Олоҥхо ыһыаҕа сайдар аартыкпытын арыйда, норуоттар култуураларын сайыннарыыга сонун толкуйдары сахта» диэн этэллэр. Оттон Горнай улууһун көрүҥ, хайдахтаах курдук куораттыы балысханнык сайынна? Онон Өймөкөөҥҥө ыытыллар ыһыах бары нэһилиэктэри түмэн, туризм сайдыытыгар өссө кыахтаахтык үлэлииргэ суолу арыйыаҕа. Бүгүҥҥү мунньахха сылдьан, тутуулар кэмигэр бүтэн эрэллэрин көрөн, биһиги барыта этэҥҥэ баран иһэриттэн үөрдүбүт. Сарсын, бэс ыйын 10 күнүгэр, Ил Дархан Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын туһунан ыытар мунньаҕар үтүө сонуммутун үллэстиэхпит», — диэн санаатын тиэртэ.
… Түгэнинэн туһанан, мин, суруналыыс быһыытынан, бүгүҥҥү мунньаҕы сиһилии дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиибэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут Томторго ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччыта Николай Обоюковка истиҥ махталбын тиэрдэбин. Кини мунньах стенограмматын анаан тиэрдэн, мин олох боротокуол быһыытынан тиэрдэр кыахтанным. Махтал буоллун СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноевка.
Кини бэйэтэ суруналыыс буолан, тугу көрбүтүн-устубутун барытын миэхэ тиэрдэн, бу матырыйаал бэлэмнэнэригэр эмиэ улахан өйөбүлү оҥордо.
Ити курдук, Өймөкөөн улууһун олохтоохторо аны аҕыйах хонугунан өрөспүүбүлүкэ суолталаах тэрээһинин — Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга толору бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…