Эргэ малы хайдах ыраастыыбыт?
Былырыын биири бэлиэтии көрбүтүм – дьон былыргы араас малы-салы сыанатын кэрэйбэккэ хото атыылаһарын. Туох сыаллаах атыылаһалларын ыйыталаһан көрдөххө, “оҕо эрдэхпитинэ дьиэбитигэр маннык мал баар этэ, ону эргитэбит”, “анаан-минээн мунньабыт”, “эргэ малынан эргинэбит” дэһэллэр. Оттон хас биирдии мал бэйэтэ туспа энэргиэтикэлээх эбээт, маны хайдах ыраастыыбыт?
Тоҕо?
Кэлин былыргы малынан-салынан эргинэр, атыылаһар даҕаны дьон биллэ элбээтэ. Хас биирдии мал-сал урукку хаһаайынын энэргиэтикэтин, араас информацияны илдьэ сылдьар диэн этэллэр. Атыыласпыт, булбут малгытын кэмигэр ыраастаабатаххытына, бу киһиэхэ бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр даҕаны кутталы үөскэтиэн сөп диэн быһаараллар. Бу ис-иһигэр киирдэххэ кэҥээн, тэнийэн барар бэйэтэ туспа тиэмэ. Онон манна болҕомтобутун уурумуохха. Ол оннугар эргэ малы хайдах ыраастыыр, хайдах саҥатыгар түһэрэр туһунан толкуйдуоҕуҥ.
Мал-сал, таҥас-сап, иһит-хомуос… уопсайынан, эргэ мал мөкү да, куһаҕан даҕаны тыыннаах, салгыннаах буолуон сөп. Оннооҕор уһуннук туттуллубут бэйэ малыгар мөкү эниэргийэ мунньуллар диэн быһаараллар. Ол эрээри, көннөрү киһи маны кыайан быһаарбата биллэр. Ол иһин чугас дьоҥҥуттан, эркин курдук эрэнэр киһигиттэн даҕаны кэлбит малы хайаан даҕаны ыраастыыр, сууйар-сотор ирдэнэр. Маныаха хас даҕаны ньыма баар эбит.
Тууһунан…
Атын ньымалардааҕар ордук киэҥник туһанылларынан үгүс дьон тууһу ааттыыллар. Туус тугу баҕарар бэйэтигэр оборон ылар хаачыстыбалааҕынан биллэр. Ыйыталаһан көрдөххө: “Иһиккэ туус кутан баран атыыласпыт малбытын онно уган хонноробут. Сарсыныгар ылан сууйан-сотон кэбиһэбит, оттон тууһун сүөкүүбүт, туохха даҕаны туттубаппыт”, – дэһэллэр.
Атыттар эргэ малы туустаах ууга сытыара түһэллэр эбит. Сорохтор таһааран баран эбии тууһунан сотоллор үһү.
Ол гынан баран, ханнык баҕарар малы-салы, киэргэли тууска, туустаах ууга сытыарыах, туустаах уунан сотуох иннинэ бу мал састаабын билэр хайаан даҕаны ирдэнэр. Ыраастыыбын диэн төттөрүтүн быһа сиэтэн, буорту гынан кэбиһиэххэ сөп.
Аны ыраастааһын ньымаларын үөрэтэн көрдөххө, киртийбит тууһу, туустаах ууну көннөрү сүөкүүр, тоҕор табыллыбат эбит. Бу туус атын дьоҥҥо иҥиэн сөп диэн ыйаллар. Туһаныллыбыт тууһу, туустаах ууну күн устата күн көрөр сиригэр ууруллар, ол эрэ кэнниттэн тоҕуллуохтаах эбит.
Уунан сууйуу
Өскөтүн эргэ мал сууйуллар кыахтаах буоллаҕына, уһаппакка-кэҥэппэккэ малы дьиэҕэ аҕалаат даҕаны булгуччу сууйар ордук. Олох, эт-сиин ууттан турарын курдук, уу ханнык баҕарар малтан куһаҕан энэргиэтикэтин ыраастыырга көмөлөһөр. Оттон уу өссө күүһүрэрин туһугар үрүҥ көмүһүнэн сэрээттээҥ диэн сүбэлииллэр. Ый туолар кэмигэр ыраас, сиикэй ууга үрүҥ көмүс оҥоһугу түүн устата хонноруллар. Сарсыныгар үрүҥ көмүһү ылан баран эргэ малы ууга туруора түһүллэр итиэннэ таһааран ыраас уунан сууйан эбэтэр сайҕаан кэбиһиллэр.
Буруонан…
Атыттары сэргэ буруонан ыһаарыы киэҥник тарҕаммыт ньыманан биллэр. Маныаха малы-салы бэйэтин эрэ буолбакка, бастатан туран, мал турар эйгэтин эмиэ ыраастыыр диэн быһаараллар. Буруонан ыһаарарга хайаан даҕаны маҕаһыыҥҥа атыыланар сыттаах чүмэчи ирдэнэр буолбатах. Айылҕаҕа үүммүт үөрэ отун хомуйан уматар өссө үчүгэй дииллэр. Уопсайынан, үөрэ ото куһаҕан тыыны ыраастыырга саамай туһалаах үүнээйинэн аатырар. Кэмиттэн-кэмигэр дьиэҕэ сыт таһаарар, буруолатар ирдэнэр диэн сүбэлииллэр.
Чуораанынан…
Эргэ малы хайаан даҕаны уунан сууйан, тууһунан сотон буолбакка, чуораанынан эмиэ ыраастыыллар эбит. Ол курдук, элбэх норуот куһаҕан күүстэр тыаһы-ууһу сөбүлээбэттэр диэн итэҕэйэллэр. Ол иһин балары үтэйэргэ чуорааны туһаналлар. Хайдах гыныллар? Эргэ малы тула өттүттэн тэтимнээхтик сөп буолла дии саныахтарыгар диэри лыҥкынас чуораанынан тыаһаталлар. Чуораан тыаһын сөбүлээбэккэ, куһаҕан эниэргийэ тэскилиир эбит.
Салгыҥҥа тутуу
Малы-салы ыраастыырга өссө биир туһалыыр ньыманан тоһуттар тымныыны ааттыыллар. Ол эрээри, кырдьаҕастар таҥха иһиллиир, сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр сууллубут таҥаһы таһырдьа хоннорумаҥ диэн этэллэринэн сирдэттэххэ, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, ый бастакы аҥаарыгар, чуолаан бу ньыманы туһамматах ордук эбитэ дуу. Дьолго, Саха сиригэр тохсунньуттан да ураты ыйдарга тымныы турар. Онон таһырдьа таһааран чиккэччи ыйыахха, туруоруохха, салгыҥҥа оҕустаран ыраастыахха сөп.
Оттон дьиэни, кыбартыыраны, массыынаны ааннарын, түннүктэрин арыйан ыраас салгыны киллэриҥ диэн сүбэлииллэр. Атыылаһыллыбыт малга салгын сыта иҥиэхтээх диэн ыйаллар. Ол гынан баран, бу ньыма киэргэли, иһити-хомуоһу, миэбэли ыраастааһыҥҥа барсыбат дииллэр.
Чүмэчини туһаныы
Чүмэчинэн, уотунан ыраастааһын эмиэ биир көдьүүстээх ньыманан биллэр. Маныаха парафин буолбакка, дьиҥнээх соевай эбэтэр буоска чүмэчи эрэ барсар диэн чопчулууллар. Биллэн турар, ыраастыыр малгытын, уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһар булгуччулаах.
Чүмэчини уматан баран ыраастыыр мал тула эргитиллэр итиэннэ киһи бэйэтэ хайдах сатыырынан көрдөһөр тыллары этиэхтээх: “Бу малы ыраастыыбын туох баар манна сыстыбыт куһаҕан эниэргийэ барда”, – диэн этиинэн түмүктүөхтээх эбит. Ыраастааһыҥҥа туһаныллыбыт чүмэчини дьиэҕэ хаалларбакка, суулаан баран тута быраҕыҥ диэн сүбэлииллэр. Оттон көмүһү хаттаан куттаран саҥа киэргэл оҥорторор ордук диэн этэллэр
Атыылаһыллыбат маллар
Хаһан да атыылаһыллыбат маллар диэни истибиккит дуо? Дьиэтээҕи ыраастааһыҥҥа дэбигис бэриммэт маллары атыыласпатах, ыраастыы сорумматах, дьиэҕэ киллэрбэтэх ордук диэн этэллэр. Биллэн турар, итэҕэйэрэ-итэҕэйбэтэ хас биирдии киһи тус бэйэтин дьыалата эрээри, сорох дьон инньэ диэн этэллэр. Манна ханнык маллар киирсэллэрий?
Бастакытынан, ким эрэ ымыыта буолбут таас, мал, минераллар. Сиргэ сытар таас ымыыны буллаххытына эбэтэр ким эрэ бэлэхтээтэҕинэ, бу саҥа, туттуллубатаҕар, оттон маны бэлэхтээбит киһи эйиэхэ куһаҕаны баҕарбатыгар бигэ эрэллээх буолар наада. Эбэтэр маны хантан ылбытын, ким оҥорбутун ыйыталаһар ордук. Саарбаҕалыыр түгэҥҥэр бэлэх быһыытынан буолуохтааҕар, сиргэ да сытар малы ылбатах ордук.
Иккиһинэн, кириэстэр. Хантан эрэ булуллубут кириэстэр, итэҕэлгэ туһаныллар онтон даҕаны атын мал анаммыт миэстэтигэр туруохтаах. Өскөтүн бу кириэс буоллаҕына – таҥара дьиэтигэр. Ол эрээри, аныгы олоххо төнүннэрэр киһи ахсааннаах буолуохтаах. Оччотугар көмүс малы түргэнник уһааран атын малга кубулутар ордук диэн этэллэр. Оттон кириэһи бэлэх быһыытынан чугас дьоҥҥутуттан эрэ ылыҥ, илииттэн ылыллыбыт буолуо суохтаах.
Үсүһүнэн, сиэркилэ. Өскөтүн атыыласпыт дьиэҕитигэр эргэ сиэркилэ ыйанан турар түгэнигэр, дьиэттэн бастакынан сиэркилэни быраҕыллыахтаах эбит. Бу атын сиргэ сирдиир аан диэн быһаараллар.
Төрдүһүнэн, эргэ миэбэл. Эргэ, хампархай миэбэл – кыһалҕаны тардар, ыарыыны көбүтэр диэн быһаараллар. Баар түгэнигэр саҥардар эбэтэр быраҕар ордук. Саҥардар түгэҥҥэ маҥнай ханнык баҕарар ньыманан ыраастанар. Манна даҕатан эттэххэ, кэлин Саха сиригэр эргэ миэбэли саҥатыгар түһэрэр, көрүөхтэн кэрэ көстүүлээн иккис тыынныыр дьиэ хаһаайкалара үксээтилэр. Ирдэбил тутуһуллар ини диэн бүк эрэнэбит.
.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: