Хаартыска СӨ баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Эргэ Табаҕаҕа сир учаастагын бас билэр биэс киһи атыылаһан ылыы туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар, кинилэртэн иккитэ уу харчынан толуйуу ыллылар. Аҕыйах хонуктааҕыта сэлиэнньэҕэ докумуоннары толоруу боппуруостарыгар сүбэлии исписэлиистэр сырыттылар диэн ЯСИА суруйар.
Көрсүһүү сыалынан олохтоохторго хамсаабат баай-дуол эбийиэктэригэр быраабы бигэргэтэр докумуоннары толоруу бэрээдэгин быһаарыы буолла. Ол иһигэр Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын олоххо киллэрэргэ сир учаастагын атыылаһыы былааннанарынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ социальнай наймылаһыы дуогабардарын туһунан.
Өлүөнэ муостатын тутуу дириэксийэтин дириэктэрэ Артем Артемьев маннык эттэ: “Өлүөнэ муостатын бырайыага – бу эрэгийиэн тырааныспарка инфраструктуратын сайыннарыыга дьоһун хардыы. Ол эрээри ханнык баҕарар уларыйыы дьоҥҥо сыһыаннааҕын өйдүүбүт. Ол иһин барыта дьэҥкэ буоларын туһугар олохтоохторго докумуоннары толоруу хас биирдии түһүмэҕэр көмөлөһөргө бэлэммит”.
Бүгүҥҥү күҥҥэ сир учаастагын бас билэр биэс киһи атыылаһан ылыы туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар, кинилэртэн иккитэ уу харчынан толуйууну ылла.
Алтынньы ыйга Саха сиригэр өссө 20 км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суолталаах суол өрөмүөнэ түмүктэннэ. Бу туһунан…
Үлэ ырыынагар үлэһит илии тиийбэтэ уонна импорты солбуйар оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыыта кэнники сылларга хамнас…
Таатта улууһун борокуратууратын быһаарбытынан, Алдан нэһилиэгин баһылыга дуоһунаһын туһанан, урбаанньыт быраатын кытта 453 тыһ. солк.…
Реабилитацияланарга тэхиниичэскэй сириэстибэлэри прокаттыыр пууннар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка аһылыннылар, диэн СӨ Үлэҕэ…
Бүгүн Хаҥалас улууһугар бэлиэ тэрээһин – Тыгын Дархан пааматынньыгын уонна кини сыдьааннарыгар анаммыт мемориальнай комплексы…
«Кыайыыга бииргэ!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа байыаннай сулууспалаахтары эбии хааччыйыыга былааннаах үлэтин салгыыр. Кэлэр нэдиэлэҕэ байыаннай дьайыы…