Өргөннөөххө уот киирдэ

Share

Уотунан хааччыллыы тыйыс усулуобуйалаах Саха сиригэр олус суолталаах. 

Бэҕэһээ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымаҕар дьоро күн буолла. Ол курдук, Өргөннөөххө уот лииньийэтин тардан бүтэрдилэр. Уопсайа 30 км уһуннаах ситим. Бу уоту тардар үлэни манна баһылыктаабыт Иван Матвеев көҕүлээбитэ. Онуоха «Саха сүөһүтэ» ГКП салайааччыта Александр Еремеевич Артемьев күүстээх туруорсуутун оччолорго Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Прокопьевич Старостин өйөөбүтэ төһүү буолбута. Ф.К.Попов аатынан сылгы собуота уоту тардыыны сакаастаабыта. Онон дириэктэр ИннокентийСанников саамай сөпкө дьоһун боппуруоһу туруорсубут.

Хаартыскалар олохтоох дьаһалта тиксэриилэрэ

Онуоха Никифор Павлович Дмитриев уонна Николай Николаевич Старостин уоту тардар үлэни ыыттылар. Бу иккиэн ИП-нан буолаллар. Киһи кэрэхсиирэ диэн Дмитрий Тихонов баһылыктаах улуус дьаһалтата үбүлээбит. Олохтоохтор бу үөһээ ааттаммыт дьоҥҥо уонна үлэлэспит Александр Докторовка, үлэһиттэргэ махтаналлар.
Таарыйа аҕыннахха, бу Өргөннөөххө барыыга 25 км сиргэ сылгы собуотун баазата, ону тэҥэ «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ хаһаайыстыбата бааллар. Онон Өргөннөөххө уот кыһыннары быстыбакка баар буолуоҕа. Халыҥ хаар түһэ илигинэ, таһырдьа сылаас кэмнэри баттаһа уот лииньийэтэ үлэҕэ киирбитэ олус үчүгэй. Уонна өр сылларга туһалаатын.

Хаартыскалар олохтоох дьаһалтаттан

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago