Өргөннөөххө үүт сүүрдэллэр, сүөгэйдээн арыы оҥороллор

Share

Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар 2021 сыллаахха саха сүөһүтүн иитэр тохсус салаа аһыллыбыта. Амматтан уонна Өймөкөөнтөн саха сүөһүлэрин тиэйэн аҕалан, 100 миэстэлээх хотон тутуллан Өргөннөөх учаастак биирдэ сэргэхсийэ түспүтэ.

Өргөннөөх Сыымах бөһүөлэгиттэн 30 км ыраах сытар. Уруккута бөһүөлэк буолан дьон-сэргэ олохсуйбут сирэ, 1954 сыллаахха холкуостары бөдөҥсүтүү саҕана эстибитэ.

Санатан суруйдахха, «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтэ өбүгэлэрбититтэн хаалбыт төрүт сүөһүбүтүн ыраастык, атын боруоданы кытта булкуһуннарбакка иитэр, көрөр-истэр сыаллаах. Ол иһин салаалар, сайылыктар бөһүөлэктэн тэйиччи тураллар.

Василий Петрович Жирков биригэдьиирдээх Өргөннөөх салаатыгар күн бүгүн 112 төбө сүөһү баар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 24. Филипп Петрович Соловьев, Александр Петрович Соловьев уонна Роман Георгиевич Шарин бэрт үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үүттэрин сүүрдэн, сүөгэйдээн арыы оҥороллор. Туталлара-хапталлара бэрт ыраас.

«Саха сүөһүлэрэ көрөргө судургулар. Киһи кинилэргэ ылларар, тардыһар. Энергетикалара атын эбит. Улаханнык ыарыыга бэриммэттэр, тулуурдаахтар. Бу дьон-сэргэ урут олохсуйа сылдьыбыт үтүө сиригэр олох баарын биллэрэн, саха сүөһүлэрэ алааска мэччийэ сылдьалларын көрөр үчүгэйин. Уоппут киирэрэ буоллар, өссө үчүгэй буолуо этэ», — диэн бэтэринээр Филипп Соловьев санаатын үллэстэр.

Үлэһиттэргэ олорор дьиэ тутуллан усулуобуйа тэриллэр, ый аайы хамнастара кэмигэр түһэр. Ханна да ыарахаттар бааллар буоллаҕа, ону барытын биирдэ саба тутар кыаллыбат. Өргөннөөххө 90-с сылларга быстыбыт уот лииньийэтин киллэттэрэргэ үгүс үлэ бара турар. Бу саас лииньийэ үс гыммыттан биирэ тардыллыбыта.

Бу күннэргэ «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ үлэһиттэрэ — технолог Александра Жиркова, зоотехник Очир Мухленов уонна бухгалтер Лена Иванова Өргөннөөххө бара сырыттылар. Кинилэр зоотехническэй үлэлэри, инвентаризацияны ыыттылар. Мантан күһүн тамыйахтар хааччахтарын күрүөтэ-хаһаата оҥоһуллара былааннанар.

Өргөннөөххө быйыл салаа үлэһиттэриттэн ураты аҕыс ыал тахсан сайылаан олорор. Дьон оттуур-мастыыр, сир астыыр.  Онон уот кыымнаах, өтөх төнүргэстээх диэн СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

6 часов ago