Мин сахабын. Саха киһитэ нэлэмэн киэҥ сирдээх, үрүҥ туманынан будулуйбут, муос тостор кырыалаах уһун кыһыннаах, өҥүрүк уот куйаас сайыннаах, ханнык да атын дойдуга суох айылҕалаах сиргэ олорор.
Саха киһитэ – айылҕа оҕото, айылҕа көстүүлэрин кытта дьыл түөрт кэмигэр кыһын, саас, сайын, күһүн өрө тустан тахсар. Ол иһин, айылҕа хайдах уларыйарын-тэлэрийэрин кыраҕытык кэтээн көрөр. Олоҕо, үлэтэ бүтүннүүтэ айылҕа көстүүлэриттэн чопчу тутулуктаах.Саха киһитин үҥэр сүктэр таҥарата – айылҕа.
Саха киһитэ айылҕатын олус ытыктыыр, итэҕэйэр.
Саха киһитэ олорор сирин, айылҕатын олус таптыыр, харыстыыр.
Былыр саха дьоно киэҥ нэлэмэн иэннээх Сахатын сиригэр ким хайдах сири ордоро санаабытынан, баҕар, өрүс хочотугар, күөл кытыытыгар, баҕар хайыр таас хайа быыһыгар, баҕар баай хара лиҥкир мастаах тыатын сиһигэр баар алаастарынан бытанан олохсуйан олорбуттара.
Саха киһитэ дьиэ-уот туттан, сылгы сүөһү ииттэн, от оттоон, мас мастаан дьаһанан сылдьыбыта.
Саха киһитэ айылҕа туох баар көстүүтэ бэйэтэ туһунан тыыннаах диэн итэҕэллээх буолан, тулалыыр эйгэ көстүүлэрэ барыта иччилээхтэр диирэ.
Саха киһитэ тулалыыр айылҕатыттан, дьиэтигэр-уотугар да буоллун, оттубут уотуттан өрүү көрдөһө-ааттаһа, сүгүрүйэ сылдьара, сиэри-туому тутуһары ирдиир элбэх үгэстэрдээҕэ.
Биир үгэһэ дьиэтин-уотун аттыгар эбэтэр от оттуур сыһыытыгар, ыһыах ыһар кырдалыгар сэргэ туруорар үгэстээҕэ.
Сэргэни туруорарыгар дьиэтин, алааһын иччилэриттэн, күнүттэн, үрдүкү айыылартан көҥүл ылара, арчылыы-араҥаччылыы сылдьалларыгар көрдөһөрө-ааттаһара.
Бу үгэһи билиҥҥи саха дьоно эмиэ өрүү тутуһа сатыыбыт.
Киһи, тэрилтэ үбүлүөйдээх саастарын туолалларыгар, ыһыах ыһалларыгар, туох эмэ бэлиэ түгэн буоллун — барытыгар сэргэ туруоран иһэр буоллубут. Онон, билигин алаас буоллун, дьиэ, тэрилтэ тэлгэһэтэ буоллун, тобус-толору араас суруктаах, сыыппаралаах, киэргэтиилээх сэргэ элбээтэ. Биллэн турар, сэргэни туруоруу, быраабылата, сиэрэ-туома олус элбэх. Ол быраабылалары, сиэрдэри-туомнары толоруллан туруоруллубут сэргэлэр барахсаттар үгүс дьыл-кэм кэрдиитэ ааһан, эмэҕирэ хатан, токуруһан-бокуруһан боруоран туралларын көрдөххө, киһи хайдах эрэ олус хараастар, сык гына түһэр, туох барыта кэмнээҕин-кэрдиистээҕин ордук өйдүү түһэр курдуккун.
Итиннэ хайдах гыныахха сөп эбитэ буолла? Айылҕаны, иччилэри хомоппокко, хайдах гынан ити киһи хараҕын аалар буолбут көстүүлэри туоратыахха сөп эбитэ буолла. Манна диэн эттэххэ, сэргэ эрэ буолбатах, бөһүөлэк, куорат ортотугар турар эргэ дьиэлэр түннүктэрэ-үөлэстэрэ чөҥөрүһэн, бэйэлэрэ сиргэ тимирчи киирэн иҥнэһэн-хаҥнаһан тураллара, хайдах эрэ сайдыы барыытын хадьардыыр да курдук буолбут көрүҥнэнэллэр дии саныыбын.
Кэмигэр сэргэни туруоруу, дьиэни-уоту туттуу, үөрүү-көтүү, сайдыыга инники хардыы буоллаҕа ээ. Ол эрээри, кэм-кэрдии баран иһэрэ, тыал, хаар самыыр сытытара-ымытара, кэм-кэрдии баран иһэрэ, туох барыта эргэрэрэ, туох барыта кэмнээх кээмэйдээх буолар буоллаҕа ээ…
Оттон эргэрбит, эмэҕирбит үтүө санааны, дьайыыны оҥорбото биллэр дии саныыбын.
«Хайдах гынан ити эргэрбит, эмэҕирбит көстүүлэри, куһаҕан, киһиэхэ, олоххо буортулаах дьайыылары оҥорторбокко суох гыныахха сөп эбитэ буолла?» диэн санаа үүйэ-хаайа тутара элбээтэ. Үтүө көстүү үтүөнү кэрэһилиир, оттон мөкү көстүү мөкүнү үксэтэрэ, оччото суох дьайыыны тардара, ыҥырара саарбаҕа суох.
Дьэ, онон, кэлиҥҥи кэмҥэ итэҕэл эйгэтигэр учуонайдары, айылҕалаах дьону, араас мучумааҥҥа түбэспит дьону кытта элбэхтик алтыспыт киһи быһыытынан, сиэри-туому тутуһан, сөптөөхтүк харайыы туһунан матырыйааллары хасыһан, үөрэтэ сатаатым. Саха сирэ киэҥник тайаан сытарын быһыытынан, итэҕэл сиэригэр-туомугар харайааһын үгэстэрэ араастаах буоларын үгүстүк көрдүм. Биирдиилээн улуустарга эргэрбит, эмэҕирбит, ардыгар сыыһа да дьаһаллыбыт сэргэлэри сиэри-туому тутуһан харайааһыны саҕалаабытым сэттис сылыгар барда.
Сахалар биһиги олохпутун күн, ый хаамыыларын кытта ситимниибит. Олоххо саҥаны киллэрии үксүн ый саҥа үүнүүтүгэр оҥоһуллара ордук үтүө дьайыылаах буоларын кэтээн көрөбүт. Аны ый саҥа үүнүүтүгэр уот дьайыыта ордук күүһүрэр. Ол иһин, ый саҥа үүнүүтүгэр оттуллубут уоттуун дьүөрэлэспит алгыс тыллара тиийимтиэлэр, туолумтуолар. Онон, саҥа кэскиллээх саҕалааһыннарга: ыал буолууга, дьиэ тутуутугар о.д.а. анаммыт алгыстар ый үүнүүтүгэр оҥоһуллубут буоллахтарына, өрүү үтүө түмүктээх буолаллар.
Эргэрбит сэргэлэри, тутуулары ыраастааһын, харайыы сиэрэ-туома ыл кэлтэйэригэр оҥоһуллара табыгастаах.
Сахалар киин куораппытыттан саҕалаатахпытына, Дьокуускай куорат иһигэр, тулатыгар, чугаһыгар эргэрбит, эмэҕирэ хараарбыт сэргэлэр олус элбэхтэр, ол сэргэлэри анаан харайар сир ананара ирдэнэр. Оччоҕуна туох баар сиэри-туому тутуһан туран ыраастаныы үлэтэ олохтоохтук саҕаланыа этэ.
Максим Максимович ДУРАНОВ,
Айдарыылаахтар «Сандаар» түмсүүлэрин кыттыылааҕа.
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…