“Эргиллэн кэлбит байыастары Хара муора кытылыгар сынньатыахха”
Аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэҥҥэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быстах хомуурга ыҥырыллыбыт, баҕа өттүлэринэн кыттар дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр тустарынан” “төгүрүк остуол” тэрилиннэ. Билиҥҥи кэм тыын боппуруоһугар сүрүн иһитиннэриини СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылла турар сирдэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн кыттар дьону эбии хааччыйыыга суһал ыстаап бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Садовников оҥордо.
“Төгүрүк остуолга” анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччылары хааччыйыы, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр хайдах көмөлөһөр, өйүүр туһунан санааларын атастастылар, баар кыһалҕаларга тохтоотулар. Туруорсуулар, үгүс ыйытыылар киирдилэр. Холобура, сорохтор хомуурга кыттар киһилээх ыалга СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан бэриллэр биир кэмнээх 200 тыһ. солк. төлөбүрү байыаннай сулууспалаахха төлөнүү курдук өйдүүллэр эбит. Ону чопчулаан быһаардылар – бу дьиэ кэргэҥҥэ көмө, байыаннай сулууспалаахха төлөбүр буолбатах диэн. Бу төлөбүргэ сорохтор эбии докумуоннары ирдииллэрэ билиннэ. Ону, Элбэх өҥөнү оҥорор киин сайабылыанньаны эрэ ирдиирин Ольга Балабкина чопчулаата. Тааттаттан Петр Захаров быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр хомунаалынай өҥөлөргө 50 быр. чэпчэтиини өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр көрөргө, ону тэҥэ дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр биир кэмнээх көмөнү, атын социальнай өйөбүллэртэн бу ыал маппатын туһугар, дохуот быһыытынан аахпаттарыгар этии киллэрдэ. Дьааҥыттан, маннык ыалга интэриниэти холбуурга эбии миэрэлэри ылыныахтара дуо диэн ыйыттылар. Тоҕо диэтэххэ, хоту дойдуга дьон спутник тэриэлкэтинэн туһанар буолан, төлөбүрэ ыарахан. Быстах хомуур кыттыылаахтарын оҕолорун инники дьылҕата долгутар. Дьокуускайтан Туяра Колесова, быйыл оскуоланы бүтэрэр оҕото бүддьүөт миэстэтигэр киириэн сөптөөҕүн туоһуласта. Онуоха тус сыллаах үөрэтиигэ бүддьүөт үбэ көрүллэр диэн буолла.
“Чугас киһилэрин суохтаппат курдук”
РФ Бэрэсидьиэнин 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи 647 №-дээх быстах хомууру биллэрэр туһунан ыйааҕынан хабыллыбыт дьонтон үгүстэрэ дьиэ-уот тэринэ сатыы сылдьан, ыҥырыллан бардахтара. Онуоха бааннар Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэни ылалларыгар аккаастыыр түгэннэрэ бэлиэтэммитин туһунан олохтоох риэлтордар иһитиннэрбиттэр. Быһата, хомуурга хабыллар саастаах киһи буоллаҕына, ыҥырылла да илигинэ аккаастыыр түгэннэрэ бэлиэтэммит. Дмитрий Садовников маннык көстүү хатыламматын курдук, бу кыһалҕаны быһаарыыны көҕүлүөххэ диэн эттэ.
Өссө ыҥырыыга хабыллан барбыт дьон оннуларыгар үлэ миэстэтин хааччыйыы айылҕа уустук усулуобуйалаах Саха сиригэр эмиэ быһаарыыны эрэйэр боппуруос буолсу. “СӨ ОДьКХ“ ГУП ыҥырыллан барбыт 100 үлэһитин оннугар бу салааҕа үлэтэ суохтары үлэлэтиэххэ диэн этии киирдэ эрээри, ити вакансиялар, хата, туолбуттар. “Полярнай авиалиниялар” курдук хампаанньаттан 16 борт мэхээнньиктэн 6 киһи ылыллыбыт. Онон ити миэстэлэргэ (идэҕэ) түргэн тэтимнээх куурустарынан үөрэтиэххэ баара диэн чопчу этии киирдэ. Онон ити ситими чопчулуохха диэн көрдөстүлэр. “Төгүрүк остуолга” биир ситиһии быһыытынан Елена Голомарева туруорсуутунан, табаһыттар хомуурга ылыллыбат буолбуттарын ааттыахха сөп. Ол туһунан икки улуус общинатыттан истэн турабын. Ол да буоллар, үс табаһыт бэйэтин баҕа өттүнэн барбыт. Елена Христофоровна аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт норуоттар боппуруостарынан үрдүкү салайааччыларга сурук бэлэмнээн ыыппыт. Онон күүскэ туруулаһа сылдьар.
СӨ норуодунай дьокутаата, “Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фрона” эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта Валерий Лютай чопчу этиилэри оҥордо. Барааччылары үчүгэйдик бэлэмниэххэ уонна хааччыйыахха, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ чугас киһилэрин суохтаппат курдук этэҥҥэ олороллорун хааччыйыахха диэн. Уолаттар этэҥҥэ дойдуларын буоругар үктэннэхтэринэ, инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ эрэ буолбакка, кырылас кумахтаах Хара муора кытылыгар булгуччу сынньата ыытыахха. Суһал сулууспаҕа сылдьан (срочниктар) хантараакка илии баттаспыттары быстах хомуурга ыҥырыллыбыттар курдук быраабынан хааччыйыахха, быһата, тэҥнээн биэриэххэ диэн саамай сөпкө туруорсар.
Уонна уйулҕа үөрэхтээхтэригэр наадыйыы бу уустук кэминэн хаһааҥҥытааҕар даҕаны улааппыта этилиннэ.
Төрөппүттэр туохтан долгуйалларый?
Хомойуох иһин, байыаннай эпэрээссийэҕэ сүтүк баар. Ньурба дьоно барахсаттар уолларын көрдүүллэр эбит. “Сүтүк баар. Испииһэги оҥорбуппут, 7 киһи аата-суола биллэр”, – диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын управлениетын салайааччыта А.В.Никифоров.
Ийэлэр, дьахталлар госпиталь боппуруоһун быһааралларыгар көрдөстүлэр. Тоҕо диэтэххэ, госпиталларга киирии хааччахтаах, көрүһүннэрбэттэр. Онон ити ситими чопчулуохха диэн көрдөстүлэр. Дьокутааттарга госпиталы кытта сибээстээх 5 ыйытыы киирбит.
– Сорохторго бу дьайыыга кыттыы балаҕан ыйын 21 күнүттэн буолбакка, олунньу 24 күнүттэн саҕаламмыта. Уон ый устата кыһалҕабытын бэйэбит быһаарыстыбыт, гуманитарнай көмө оҥорбуппут. Сураҕа суох сүппүт оҕолоох ийэлэр кыһалҕаттан мордарга туоһулаһыыга бэйэлэрэ барбыттара. Госпиталларга киирэр ыарахан. Хас биирдии төрөппүт оҕотун көрүөн баҕарар. Байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбиттэр бааллар, кинилэргэ толору мэдиссиинэ көмөтө ирдэнэр. Невролог, сурдолог, МРТ түһүү эҥин. Иккиһин байыаннай дьайыыга ыытыахпытын баҕарбаппыт. Үрдүк үөрэххэ киириэхтэрин, үөрэххэ ылар хампаанньа бүппүтэ ыраатта, бүддьүөккэ миэстэ суох, төлөбүрдээх ыарахан. Онон, саатар, ботуччу хамнастаах үлэҕэ киирэллэригэр көмөлөһүөххэ, – диэн байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин аатыттан Н.А.Хоютанова тыл эттэ.
Араас ыйытыыларга тохтоотоххо, Жатайтан Нина Щеголева, чугас киһилэрэ ханна ыҥырыллан тиийбитин билэр кыахтара суоҕун эппитигэр, А.В.Никифоров, испииһэги “байыаннай учуот остуолун” нөҥүө билиэххэ сөп диэн сүбэлээтэ.
Быстах хомуур – куоталаһыы буолбатах
Быһа сибээскэ норуот дьокутаата, быстах хомуурга сылдьар Мичил Николаев бастакынан тахсыбыта. Кини этэринэн, ыаллыы Хабаровскай эҥин курдук эрэгийиэннэртэн сылдьааччылар Саха сириттэн тиийбиттэргэ дойдуларыттан көмөлөһөллөрүн иһин ымсыыраллар эбит. Уонна биир дойдулаахтарын ыйытыыларын – 200 тыһ. солкуобай көмөнү хайдах биэрэллэрин туоһуласта. Маныаха Ольга Балабкина дьиэ кэргэҥҥэ бэриллэр көмө харчы быстах хомуурга сылдьар киһи дьиэ кэргэнин чилиэнин сайабылыанньатыгар олоҕуран бэриллэрин эттэ. Елена Голомарева Мичил Николаевка туһаайан: “Эн дьиҥнээх норуот дьокутаатаҕын, эйигинэн киэн туттабыт!” – диэтэ.
“Төгүрүк остуолу“ түмүктүүрүгэр СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ А.И.Еремеев быстах хомуур куоталаһыы буолбатаҕын санатан туран, баартыйаларынан, улуустарынан эҥин хайдыспакка, бары биир ситиминэн үлэлииргэ ыҥырда.
Хаартыска: Ил Түмэн саайтыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: