Эргиллиэм хайаан да…
Артыыс өрөгөйдөөх күнүгэр лыык курдук тоҕуоруспут көрөөччү иннигэр, хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтэтэн оонньуура, этэрэ-тыынара — дьол үрдүк мындаата, кини талаанын билинии, сүгүрүйүү буоллаҕа эбээт!
Алтынньы 11 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Анатолий Павлович Николаев 75 өрөгөйдөөх сааһын туолар күнүн олоҕун уйата буолбут Саха драматическай театрыгар Баһылай Харысхал «Эргиллиэм хайаан да…» айымньытынан Андрей Борисов туруоруутугар Манньыаттаах уолун — Хабырыыһы оонньоон бэлиэтээтэ.
Аан дойдубут үөскүөҕүттэн ылата икки атахтаах араас кыргыһы, киирсиини, хапсыһыыны туораан кэллэҕээ… Арай, киһи аймах былыргы дьыллар хаттыктарын өҥөйөн көрөн сыыһаны-халтыны хатылаабат да буолбаат! Төһөлөөх үтүө дьоммут субай хааннара тохтубакка хаалыа этэй?! Олох эргиирэ, кэм-кэрдиис, хомойуох иһин, араас мускуурдары, моһоллору, ааттас-ааттаһыма, бэлэмнии турар.
Ол онтон ким да, туох да төлө түспэт. Оннук кэмҥэ норуот кыахтаахтара, тумус дьоно норуот симэлийбэтин туһугар киирсэллэр. Номох буолбут дьоммут олохторо — бу норуоппут устуоруйата. Кинилэр үтүө ааттарын өрө тутан, дойдубутун тупсарар, сайыннарар ыра санааларын олоххо киллэрэн үтүөҕэ, сырдыкка талаһыыбыт — бу кэнэҕиски саргыбыт, дьоллоох тускубут!
Испэктээккэ таба көрдөрбүттэрин курдук, Манньыаттаах атыыһыт (Герасим Васильев-Дьарааһын) оҕолоро үөрэхтэнэн, улахан билиилээх-көрүүлээх ыччаттар бэйэлэрин сырдык ыраларын Саха сирин сайдыытын кытары ситимнииллэрэ, дьүөрэлииллэрэ. Кинилэр кырдьык да хараҥаҕа тыкпыт сырдык кэриэтэ кэскиллээх санаалаах, үтүө майгылаах, инникилээх эдэр дьон этилэр. Кинилэр төһөлөөх үтүөнү үксэтиэх, дойдуларын сайыннарыах этилэрий?
Ол ааспыт үйэ саҕаланыытыгар Манньыаттаах саха чулуу ыччаттарын үөрэхтээһиҥҥэ анал харчынан истипиэндьийэ олохтообутугар М.Аммосов, С. Аржаков, С.Васильев тиксибиттэрэ архыып докумуоннарыттан биллэр.
Ону баара ааспыт үйэ хабыр хапсыһыытыгар былаҕайга былдьаннахтара. Хайа баҕарар былаас былыр да, быйыл да бэйэтэ ураты күрүөлээх-хаһаалаах, хааччаҕы олохтуур ньымалардаах. Ол олох сокуона, онтон туох да төлөрүйбэт. Ол эрэн, дойдубут устуоруйатыгар «кыһыл террор» диэн саҥа былааһы ылымматах дьону кыдыйыы ыар баттык буолан хаалбыт түгэнин бары билэбит. Ол эрэн, ол хабыр дьайыыны бас-баттах туһаммыт, буруйа суох дьону өлүү аадыгар утаарбыт «үтүөлээх» дьону норуот эмиэ умнубат.
Ол хабыр дьайтан, сойуолааһынтан Манньыаттаах уола Хабырыыс курдук норуоппут ааттаах-суоллаах үтүө дьоно туора сиргэ тэскилииргэ күһэллибиттэрэ. Ол кинилэр куттастарыттан буолбакка, саха норуота бу сиртэн симэлийбэтин туһугар тыын былдьастахтара. Манньыаттаах уола ол халбаҥ кэмҥэ олохтонон эрэр былааһы утары дьону күөртээбэккэ, саа-саадах туппакка туһугар норуотун харыстаатаҕа.
Манньыаттаахтар дьиэ кэргэннэрин дьылҕатыгар бүтүн норуот дьылҕата, айгырааһына көстөр.
Испэктээк күүрүүлээх, киһи уйулҕатын хамсатар түгэнинэн Манньыаттаах уола дойдутун, дьонун-сэргэтин кытары тиһэх көрсүһүүлэрэ, быраһаайдаһан кый ыраах сиргэ аттаныыта, эмээхсин (Зоя Багынанова) амалыйан алгыс тылын этиитэ. Манньыаттаах уола (Анатолий Николаев): «Мин хайаан да эргиллиэм!» — диэн кэс тылын этэн төрөөбүт сириттэн тэскилээһинэ. Дьоно-сэргэтэ, кыра-хара дьон ытаһа, энэлийэ хааллылар: «Ким биһиэхэ дурда-хахха буолар? Ким биһигини дьаһаахтан-түһээнтэн төлөрүтэр?». Дьэ, кырдьык да диигин… Билигин бу Манньыаттаах уолун курдук дьэллэм, дойдунаат (патриот), киэҥ ыырдаах атыыһыттар, эргиэмсиктэр аҕыйахтар. Киһи сонньуйара диэн, аныгы кэмҥэ тарбахха эрэ баттанар урбаанньыттар үйэлэргэ ааттарын ааттатыах бэрт ахсааннаах тутуулары дьэндэттилэр. “Норуотум, дьонум-сэргэм туһугар” диэччи бэрт аҕыйах.
Манньыаттаах уола дойдутугар ахтылҕанын ону-маны сураһан-билэн, быстах да кэмҥэ сахалыы саҥалааҕы кытары билсэн уҕарытара. Биир сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ кини (Анатолий Николаев) Японияҕа олорон, хараастан туран эттэ:
«Маҕаһыыннарым билиҥҥэ диэри үлэлии тураллар эбит Дьокуускайга. Ол эрэн, дойдубутугар туох да сайдыы суох. Арай — сэрии эбит».
Бу айымньы аан маҥнай 2002 сыллаахха туруоруллубутун да иһин, бу түгэн билигин бүрүүкээн турар кэми кытары хабы-дьүөрэ хапсар да эбит диэн киһи дууһата ытыыр. Эмиэ харах уута, эмиэ атарахсыйыы!
Испэктээккэ Манньыаттаах уола ол Үрүҥ күн сардаҥаларынан кыыһан тахсар сиригэр (Японияҕа) ыччаттаммыт диэн сабаҕалааһыҥҥа олоҕурбут номоҕу киллэрбиттэр. Мэҥэ Хаҥалас Тыыллыматын дьонун кэпсээнинэн, 90-с сылларга Японияттан аҕыйах киһилээх киинэ устар бөлөх кэлэн чопчу Аһыкай өтөҕүн ыйдаран ааспыта олус дьиктиргэппит, барытын хаартыскаҕа түһэрэн, устан барбыттар. Манан сабаҕалаатахха, ол ыраах туора сиргэ Манньыаттаахтар сыдьааннара баар эбит буоллаҕа. Оо, ол эрэн ол самнан күөдэл-таһаа баран эрэр балаҕаны көрөн, төһө эрэ харааһыннахтара, уйадыйдахтара. Бу киэҥ-куоҥ балаҕантан куорсун анньынан Манньыаттаах уола аар-саарга сахатын аатыртаҕа.
Бу курдук, Анатолий Николаев артыыс быһыытынан 50 сыллаах үлэтин дьоһун үйэлээх оруолунан, барыбытын ытатан-ыллатан бэлиэтээтэ. Бу курдук туруоруулар, аһыы харах уутун таһааран ааспыт үйэлэргэ олорон ааспыт чулуу уолаттарбыт иннигэр сөһүргэстээн, төбөбүтүн хоҥкуппуппут бэлиэтэ, тахсыбыт ыар алҕастан сырдык тыыннара былдьаммытын иһин аныгы ыччат ол алҕас хатыламматын туһугар кэс тылбыт кэриэтэ.
Дьүөгэм Саргылана Анатольевна төрөппүттэрэ Изабелла Васильевна уонна Анатолий Павлович Николаевтар миэхэ кэрэни көрдөрбүт дьонунан буолаллар. Өрүү тыйаатырга сырытыннаран, быһааран, сыһыаран бу ускуустуба киэҥ уораҕайыгар толлугаһа суох сылдьабын, дууһабын ыраастыыбын, санаабын сааһылыыбын!
Арай, бу тэрээһиҥҥэ бииртэн хомойо санаатым: салайар былаастан ытыктыыр артыыска үс эҕэрдэ сурук ыыппыттар эрээри, барытын култуура миниистирин нөҥүө тириэрдии буолла. Дьиҥэр, бу историческай хабааннаах, номох буолбут, Саха сирэ сайдыытын уһансыбыт дьоммут туһунан туруорууну норуоту кытары бииргэ буолан салайааччылар көрөллөрө тоҕоостоох этэ.
Антонина УСКЕЕВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: