Эрсан – хорсун, сэмэй, интеллигентнэй саха уола. Билбэт киһи бу эдэркээн уолу байыаннай дьайыыга сылдьыбыт, иккитэ баран кэлбит диэ суоҕа. Кинини бойобуой доҕотторо дроннары көтүтэр биир бастыҥ оператор, хорсун байыас быһыытынан билинэллэр, ытыктыыллар. Эрсан Андреев хорсун-хоодуот, дьоруойдуу быһыытын иһин «Хорсунун иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Бүгүн кини бойобуой сырыыларын, олоҕун туһунан кэпсэттибит.
– Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх диир буоллахха, мин Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээхпин. Г.Н. Трошев аатынан кадетскай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбытым, Үөһээ Бүлүү 4-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. Ол кэннэ И.И. Фадеев аатынан Дьокуускайдааҕы үп-харчы экэнэмиичэскэй кэллиэһигэр үөрэммитим. Билигин Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэҕин салалтатыгар хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир отдел начаалынньыгынан үлэлиибин.
Дьиҥинэн, анал байыаннай дьайыыга барарга эрдэ быһаарыммытым, ол эрээри дьоммор ону сатаан эппэккэ сылдьыбытым. Байыаннай дьайыыга барарга быһаарынным диэбиппэр, ийэм санаа-оноо бөҕөҕө түспүтэ. Ким чугас киһитин баҕа өттүнэн уот анныгар ыытыай, аймахтарым эмиэ утарыласпыттара. Ылыннарыылаах кэпсэтии, быһаарсыы кэнниттэн, өйдөөбүттэрэ, өйөөбүттэрэ, ыыппыттара. Төһө даҕаны дьоммор уустугун, ыарыылааҕын иһин, онтон атыннык хайдах даҕаны дьаһанар кыаҕым суоҕа. Дьонум арчылаан, сахалыы алгыстарын ылан айаннаабытым.
Ол иннинэ бастакы командировкабар пилота суох аппараат аҕыйах эрдэҕинэ беспилотнигы салайарга Арассыыйа Дьоруойа Владимир Жога аатынан үөрэтэр кииҥҥэ икки буолан, үөрэнэ бара сылдьыбыппыт.
Билигин дьоммун кытары сыһыаммыт истиҥ, уруккутааҕар өйдөһөр буоллубут.
– Байыаннай дьайыыга 2022 сыллаахха сэтинньигэ мобилизация кэнниттэн, бэйэм баҕа өттүбүнэн барарга быһаарыммытым. Тоҕо диэтэххэ, мобилизациянан хас даҕаны билэр киһим, биир уулуссаҕа улааппыт оҕолорум, убайдарым, бырааттарым уонна доҕотторум барбыттарын көрөн, сатаан туора хаалбат эбиппин дии санаабытым. Уолаттары өйүүр уонна кинилэргэ көмөлөһөр туһуттан бастаан «Боотур» добровольческай этэрээккэ киирэммин барсыбытым.
2 ый манна Дьокуускай куоракка доброволецтары дьарыктыыр “Боотур” үөрэтэр кииҥҥэ бэлэмнэнэн баран байыаннай чааспытыгар тиийбиппит, сэтинньи 11 күнүгэр төрөөбүт күнүм буолуо 6 күн иннинэ аан бастаан инники күөҥҥэ киирбиппит. Онно пилота суох көтөр аппараат операторынан сылдьыбытым.
Тиийээт «Летчик» диэн дроннары көтүтэр уопуттаах байыаһы кытта билсибитим. Кини дрону хайдах көтүтэргэ, өстөөх артиллериятыттан хайдах куотарга, маннык усулуобуйаҕа хайдах тыыннаах хааларга үөрэппитэ. “Чокур” диэн напарникпын кытта саамай ыарахан түгэни ааспытым. Мин онно өйдөөбүтүм, саамай кылаабынайа, аттыгар эрэллээх киһи баар буолуохтааҕын. Биһиги хайдах эрэ бэйэ-бэйэбитин ситэрэн-хоторон биэрэрбит. Биллэн турар, бастаан кыргыһыы хонуутугар киирэргэр куттанар бөҕө буоллаҕыҥ, итинниги киинэҕэ эрэ көрөр буоламмыт, эйэлээх кэмҥэ хайдаҕын улаханнык өйдөөбөт эбиккин. Аан бастаан киирэн иһэр сирбитигэр туман быыһыттан, хантан эрэ, снарядтар тоҕута тэбэр, хайыта эстэр тыастарыттан, ойоҕоспутуттан пулемет, аптамаат тохтобула суох ытыалыырыттан уонна рациянан дьон бааһырыытын истэн эккиттэн-сииҥҥиттэн кутуҥ куотан тахсарга дылы этэ. Ол кэннэ син үөрэнэн, сиҥҥэр түһэр эбиккин.
– Биирдэ биһиги баар дэриэбинэбитин түөрт күнү быһа тааҥка ытыалаабыта. Ким даҕаны бу тааҥка хантан ытыалыырын билбэтэ, ол иһин ону көрдөөһүн буолбута. Арай түһээтэхпинэ, «Летчик» тааҥка үрдүк сиргэ, «пьедесталга» турар диэтэ. Киһим дронунан көрдөөн булбута, кырдьык оннук сиргэ турар эбит. Ол сырыттахпытына «камикадзе» дрон кэлэн аттыбытыгар эһиннэ.
Көрбүтүм атаҕым хааннаах, сирэйим эмиэ хаан-билик буолбут, оттон «Летчигым» сиргэ сытар. Бэйэм бааһырбыппын дии санаабытым, киһим эбит. Тута суһал көмөнү хайдах оҥоруохтаахпын саныы түһээт, хаанын тохтоппутум уонна эмчити ыҥырбытым. Эмчиттэр тута кэлэн уолу госпитальга илдьэ барбыттара. Бойобуой атаһым-учууталым тыыннаах хаалбыта.
Биһиги эмчиппит аанньал тэҥэ, хас биирдии байыас олоҕун иһин охсуһара, дьону быыһыырга көмөлөһөрүгэр таҥараттан көрдөһөрө. Ол иһин мин илдьэ сылдьар сахам быһаҕын бэлэхтээбитим.
Биһиги эмчиппит аанньал тэҥэ, хас биирдии байыас олоҕун иһин охсуһара, дьону быыһыырга көмөлөһөрүгэр таҥараттан көрдөһөрө. Ол иһин мин илдьэ сылдьар сахам быһаҕын бэлэхтээбитим. Киһим олус долгуйбута, ытыы сыспыта.
– Байыаннай дьайыыга иккистээн барарбар саҥа бастакыларын кэлбит оператордары үөрэтээччи быһыытынан сылдьыбытым. Онно уолаттары инники кирбиигэ илдьэ сылдьан бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан үөрэппитим.
Бу бүтэһик командировкабар туспа разведка взводугар отделение хамандыырынан сылдьыбытым. Былырыын, 2023 сыл ахсынньытыгар барбытым уонна от ыйыгар кэллим.
Арай биирдэ, биэс буолан – «Свеш» диэн сапер, «Накын» уонна «Сумрак» диэн снайпердар, Влад диэн «Сокол» квадроцикл суоппара уонна мин кыргыһыы хонуутугар тахсан испиппит. Эмискэ биир түгэҥҥэ тыас иһилиннэ, эргиллэн көрбүппүт «камикадзе» үрдүбүтүгэр номнуо саайаары бэлэмнэнэн турар эбит. Онно тута «Свеш» аптамаатынан ытыалаан субуруппута даҕаны, дроммут сууллубатаҕа. Ол иһин бэһиэн «Соколбытыттан» үрүө-тараа ыстаммыппыт. Кыл түгэҥҥэ олохпун, дьоммун кытары бырастыылаһан ылбытым.
Хата ким даҕаны улаханнык эчэйбэтэҕэ, бааһырбатаҕа. Оттон квадроциклбыт бүттэтэ суох хампы барбыт этэ.
Бастакы сырыыбар «Хорсунун иһин» Арассыыйа мэтээлинэн, ол кэннэ Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ «Хорсунун иһин» икки мэтээлинэн наҕараадаламмытым.
Хаартыскалар Андреев Э.А. тус архыыбыттан
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…