СИА
Дьэ, “сөбө бороҕон!” диэххэ. Кэлин кэмнэргэ өртөөһүн туһунан тыллаах сыҥаахтаах эрэ барыта дьаҥыдыйан, былааһы “өртөөһүнү бобор” диэн мөҕөр-этэр буолла. Хата, “ат бардаҕына ыт хаалсыбат” диэбиккэ дылы, мин эмиэ ирээппин куолулаан көрдөхпүнэ сатанар күнэ-дьыла үүннэ. Дьэ, оҕурдук да буоллун.
Мин көрдөхпүнэ, киһи эрэ барыта күн сарсын өртөөн абыраталаан барыаҕын, сокуон хааччахтаан, сордоон-муҥнаан эрэ сылдьарын курдук тутталлар эбит… Бука, өртөөһүҥҥэ даарым да наадыйбат эрээри, онон эрэ итээн сылдьар курдук тутталларыттан сонньуйа саныыбын.
Дьэ, өртөөһүн наада бөҕө буоллаҕа. Хайдах өртүөххэ? Ыллыҥ да өртөммөт ээ. Холобурун ыллахха, быйылгы дьыллаахха номнуо өрт уотуттан Дьааҥыга уот турда диэтилэр.
Өртөөһүнүнэн суудайан өрөһөлөнөр дьон үксүлэрэ ис хоһоонун олох билбэккэ эрэ: “Былыргы өбүгэлэрбит өртөөн-өртөөн кэлбиттэрэ, уот турбат этэ”, — диэн куоһур тутталлар. Сөп оннук этэ. Ол гынан, оччотооҕу дьоммут дьиҥ саха этилэр ээ.
Айылҕаны лаппа билэр, алтыһар, сүгүрүйэр этилэр. Өртөөһүн сыл аайы буолбат. “Өрт дьыла” диэххэ дуу, хас да сылга быысаһан биирдэ буолар этэ. Дьэ, ону көрө сылдьан күнүн-дьылын баттаһан өртөөн, ходуһа, хаһыы кэҥэттэр этилэр. Араастаах этэ “өрт дьыла”. “Сааскы өрт” эмиэ хас да сылга биирдэ эмэ буолар. Айылҕа оннук айбыт. Сорох саас ходуһа хаара эрдэ ууллан хаалар. Тыа хаара чөллөй турар. Ол дьиҥинэн, халыҥ хаардаах дьылларга буолар. Хара хапсыырдаах саас быйылгы курдук. Дьэ, онно тутуу баттаһаллар.
Оннук дьылларга оттонор ходуһаларга сайын хотуур түспэт кураан сатыылыыр эбит. Оччоҕо туора ыраах үрэхтэр бастарын лаҥхаларын күүскэ өртүүргэ кыһаналлар. Абыраналлар кыратык эмэ сэрбэйбити оттоон.
“Күһүҥҥү өртөөһүн” диэн, дьэ, бу саамай куттала суоҕа. Кэбиһиилээх оттору эрэ сэрэниэххэ наада. Онон бүтэр. Көтөҕө түспүтүн кэннэ биир эмэ кураан дьахтар сутуруотун быттанар куйаас, ооҕуй ситимэ көтөр күннэрин баттаһа тугу да быраҕан туран уолдьаһан өртөнүөххэ айылаах сирдэрин көрө сылдьан өртөөн кэбиһэллэр этэ. Сарсыҥҥа, өйүүҥҥэ эҥин көһөрбөккүн, хаһааммаккын, куоттарыаххын сөп. Ардах-сирдэх да буолан хаалыан сөп. Хаһыҥ көтүүтэ күн уоттаныыта лаҥха ааттааҕын диэн умайар да, киэһэ чэлгиэн түһүүтэ умуллан хаалар. Ити биирэ. Аны туран уонча сыл иһигэр биирдэ улахан дьогдоот дьыл үүнэр. Дьэ, ол айылҕа анаан сүөһү-сылгы ииттиҥ диэн ыытар дьыла. Дьон барахсан онно үөрэ-көтө дэлби саныыр сиргин барытын килэччи өртөөн, өр сыллаах сылгы хаһыытын чиэски ыраах сирдэргэ оҥостон кэбиһэллэрэ. Онтубут уонча сыллаах Дьөһөгөй оҕотун элбэтэргэ олук уурар айылҕа бэйэтин дьаһала эбит.
Ааспыты аҕыннахха итинник. Оттон билигин өртөөһүн бобуулааҕын умнумаҥ.
Дьөгүөр Һэрэмээт. Садын сирэ
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар аналлаах маассабай тэрээһиннэринэн сибээстээн, Дьокуускайга ыам ыйын 8-9…
«Мамаев курган. Подвиг артиллериста» киинэ анал көрдөрүүтэ «Якутия 24» телеханаалга ыам ыйын 8 күнүгэр киэһэ…
Ыам ыйын 7 күнүгэр Дьокуускайга Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө бырааһынньыктааҕы автопробег буолан ааста. Ааспыт…
Бу күннэргэ сааскы сылаас күннэр турбуттарынан саас кэлиитэ 3-4 суукка иннинэ эрдэлээн иһэр. Покровскай —…
Дойду Үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оробуочай сырыытын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаевы кытта…
"Саха" НКИХ дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата «СӨ Суруналыыстарын сойууһа» эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Олег Марков…