Өрүһү туоратар суудуналар сыаналара үрдүөҕэ
Халлаан тымныйыытынан өрүһү туоратар «Хивус» суудуналар сыаналара үс тыһыынчаҕа тиийэ үрдүөҕэ. Дьокуускай— Аллараа Бэстээх хайысхатынан дьону таһар салгын олбохтоох суудуналар бүгүҥҥүттэн, алтынньы 25 күнүттэн үлэлэрин саҕалаабыттар.
Билигин өрүһү 1000 тыһыынча солкуобайга туоруохха сөп. Ол рээри, халлаан сыыйа тымныйан бардаҕына, дьону таһар суудуна тарыыба үс тыһыынча солкуобайга тиийиэ5э. Бу туһунан «Ленаводсервис» салайааччыта Борис Строев санаатын үллэһиннэ:
— Халлаан тымныйан бардаҕына суудуналар собуоттанан турар буолуохтара. Онтон сылтаан уматыкка ороскуотуруу үксүүр. Ити кэмҥэ тарыып сыаната 1500-2000 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Саамай муҥутаан үрдээтэҕинэ 3000 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Кыдьымахтаннаҕына, дьону суудунаттан суудунаҕа көһөрөн таһар буолуохтара. Өрүс мууһа ыраастаннаҕына, суудуналар урукку суолларынан таһар буолуохтара. Ол кэмҥэ тарыып сыаната 1500 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Уопсайа 20 суудуна күн ахсын дьону таһыаҕа, ону сэргэ биэс «Тайфун» аэробот сылдьыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: