Өрүс флота саҥардыллыа
Москваҕа буола турар Тырааныспар нэдиэлэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Судаарыстыбаннай тырааныспар лизинговай хампаанньа дириэктэрэ Евгений Дитрих саҥа бырайыактар тустарынан кэпсэттилэр уонна Өлүөнэ өрүс флотун саҥардарга бииргэ үлэлэһэргэ илии баттаатылар.
Суудуналары оҥорооччулары СӨ бырабыыталыстыбата субсидиялары, судаарыстыбаннай мэктиэни туһанан, өйүүр кыаҕы көрүөҕэ. Оттон хампаанньа «Развитие судостроения и техники для освоения шельфовых месторождений» бырагыраама үбүлээһинигэр киирсэргэ үлэлэһиэҕэ.
— Пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйэр суудуналар эргэриилэрэ – өрөспүүбүлүкэҕэ өрүс флотун биир сүрүн кыһалҕата. Биһиги субсидиялар, судаарыстыбаннай мэктиэ көмөтүнэн суудуналары саҥардар былааннаахпыт. “ГТЛК” хампаанньаны кытары сөбүлэһии түмүгүнэн, суудуналары туттарыахпыт уонна чэпчэтиилээх лизинг усулуобуйатыгар биэриэхпит. Онон бу сөбүлэһиигэ илии баттаһыы өр сыллаах бииргэ үлэлэһиигэ тиэрдиэҕэ уонна өрүс флотун хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ, — диэн Ил Дархан эттэ.
Сөбүлэһии түмүгүнэн «Метеор 120Р» түргэн сырыылаах суудунаны лизинг көмөтүнэн ыларга дуогабар оҥоһулунна.
—“ГТЛК” хампаанньа Саха сирин салалтатын кытары бииргэ үлэлэспиппит ыраатта. 13 сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 12,8 миллиард солкуобай суумалаах тырааныспары аҕаллыбыт. Салгыы сайыннарарга, үлэлэһэргэ бэлэммит, — диэтэ Евгений Дитрих.
Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, сайын устата өрүһүнэн 36 хайысханан 300-350 тыһыынча киһи тиэллэр. Сүрүн кыһалҕа – суудуналар эргэриилэрэ. Пассажирдары таһар флот 32 суудуналаах, бу балартан 9 суудуна эрэ саҥатык. Оттон барыларын аахтахха, араас кээмэйдээх 1768 суудуна баар. Суудуналар ортотунан 41 сыл туһаныллыбыттар, дьиҥэ, нуорма быһыытынан, 24 сыл буолуохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: