Өрүстэргэ үлэ күөстүү оргуйар кэмэ

Өрүстэргэ үлэ күөстүү оргуйар кэмэ

14.07.2024, 09:00
Хаартыскалар: СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтин пресс-сулууспатыттан уонна ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Саха сирин кылгас сайынын баттаһа хайа баҕарар салааҕа тэтимнээх үлэ оргуйар. Ыраах улуустарга сүрүн таһаҕаһы уу суолунан билигин эрэ тиэрдэр кыах баар.

Бу салааҕа үлэ хайдах барарын туһунан СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркины кытта кэпсэттибит.

Хаартыскалар: СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтин пресс-сулууспатыттан уонна ааптар түһэриитэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ таһаҕас 30 %-на таһылынна

– Семен Николаевич, улуустарга таһаҕаһы тиэрдии хайдах баран иһэрий?

– Быйыл былаан быһыытынан 1 мөл. 200 тыһ. тахса туонна таһаҕас таһыллыах­таах, ол онтон Аммаҕа 10 тыһ. туон­на, Бүлүүгэ 87 тыһ. туонна чох, оттук-энергетическэй ресурсалар, олоххо-дьаһахха аналлаах таһаҕастар тиэйилиннилэр. Билигин кыра-кыралаан Халымаҕа таһан эрэбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ таһаҕас
30 %-на тиэрдилиннэ, навигация бүтүөр диэри 70 %-ны таһан бүтэриэхпит.

Аллараа Бэстээххэ баар таһаҕас терминала бэйэтин кыаҕынан үлэлээн бардаҕына, көрдөрүүбүт өссө тупсарыгар эрэллээхпит.

Ааллар бэлэмнэр

– Төһө суудуна үлэлиир?

– Навигация устата 800-чэ суудуна үлэлиэхтээх. Бу бастакы туурга 200-чэкэ суудуна Осетровонан, Ленскэй-Өлүөхүмэ, Аллараа Бэстээх, Алдан хайысхаларынан үлэлииллэр. Билигин сүрүн үөһү дириҥэтэн, арктическай навигацияҕа бэлэмнэнии барар. От ыйын 20 күннэриттэн 350 тыһ. туонна таһаҕас арктическай навигацияҕа кэмигэр таһыллыахтаах, ол иһигэр хотугу муора суолунан 140 тыһ. туонна таһаҕас киириэхтээх. Ону таһарга 74-76 “река-море” кылаастаах суудуналарбыт бэлэм буолуохтаахтар.

Хомойуох иһин, Эдьигээҥҥэ бу саас икки үлэһит буксирбыт мууска астаран тимирбиттэрэ. Онон Жатайдааҕы суудунаны өрөмүөннүүр собуок­ка олору солбуйар буксирдары өрөмүөннээн үлэҕэ киллэриэхпит. Оттон ол тимирбит буксирдары хайаан да хостоон таһааран, өрөмүөннүөхпүт.

– Хотугу улуустарга балаһыанньа хайдаҕый?

– Анаабырга Өлүөнэ тардыытынааҕы пароходство (ЛОРП) “река-море” суудуналара киирэллэр, Индигиирдээҕи Белогорскай учаастакка 20-чэ суудуна баар, Дьааҥыга 37 суудуна уонна Өлүөнэ тардыытынааҕы пароходстволыын (ЛОРП) кэпсэтиилээх “Янатрансфлот” чааһынай тэрилтэ үлэлииллэр. Халымаҕа “Колыма” судоходнай хампаанньа Халыма баһын, Магадааны, Чукотканы хааччыйар. 47 суудуналаах, күн бүгүн 24 суудуна таһаҕас таһар. Этэргэ дылы, үлэ күөстүү оргу­йар кэмэ.

Тимир уонна Хотугу муора суоллара

– Тимир суол Аллараа Бэстээххэ кэллэ, Хотугу муора суола иккис тыынын ылан эрэр. Онон үлэ хаамыытыгар уларыйыылар тахсаллара буолуо?

– Арктикаҕа сыһыаннаах “Хоту таһаҕаһы таһыы” диэн федеральнай сокуон таҕыста, Уһук Илини, Арктиканы са­­йыннарар министиэристибэ таһаҕас таһыллыытын хонту­руоллуур, «РЖД» (ЦФТО) тэрилтэ диспетчерскэй управлениелара тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Онон тимир суолунан кэлэр таһаҕас салгыы суудуналарга сүөкэнэн аадырыстаах сирдэригэр тиийэл­лэрэ барыта курдат көстөн турар. Саамай улахан хонтуруолга убаҕас оттуктаах вагоннар тураллар, ону тэҥэ урбаанньыттар таһаҕастара.

Манна Осетровоҕа уонна Аллараа Бэстээххэ таһаҕаһы сүөкээһиҥҥэ бытаарыы тахса сылдьыбыта. Ол иһин ааспыт нэдиэлэҕэ “РЖД” 50 %-наах кыра конвенция киллэрэ сылдьыбыта, ол эбэтэр тимир суолунан Осетровоҕа уонна Аллараа Бэстээххэ барыах­таах таһаҕаһы кыччатан кэбиспитэ. Ол конвенцияны бу күннэргэ устубуттара, билигин ол таһаҕас кэлиитин, сүөкээһинин хонтуруоллаһа олоробут. Бу саас “Халыма”, “Амма” суол­лара сабылла сылдьыбыттара, ол кэмҥэ Аллараа Бэстээххэ таһаҕас мунньуллан хаалбыта. Элбэх убаҕас оттук Томпоҕо, Магадаан быыһыгар үлэлиир көмүсчүттэргэ барыахтаах этэ, ол эмиэ тохтуу сылдьан баран бу күннэргэ быһаарылынна. Осетровотааҕы пуун “Ленскэй транзит” диэн ньиэп бородуукталарын сүөкүүр причалыгар “РЖД” вагоннарын биэрбэккэ эмиэ бытаарыы тахса сырытта. Дьэ ситинник, барыта эриэ дэхси баран испэт.

Көдьүүһэ улахан

– Хотугу муора суола тигинэччи үлэлээтэҕинэ, балаһыанньа тупсуон сөп дуу?

– Бу суол тигинэччи үлэлээтэҕинэ, таһаҕаһы таһыыга чэпчэтии киирэрин күүтэбит. Архангельскайтан уонна Мурманскайтан улахан суудуналар ааһан иһэн, Тиксиигэ таһаҕас бөҕөтүн хаалларан ааһыахтаахтар. Биһиэнэ барыта олоҕу-дьаһаҕы хааччы­йар 1-кы категориялаах таһаҕас – чох, ньиэп бородуукталара, оннуктары тохтоппокко аһаран иһиэхтээхтэр. Ону саҥа сокуон олоххо киллэриэхтээх. Таһаҕас хайдах айанныырын Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар министиэристибэҕэ курдат көрөн олороллор уонна ханнык эрэ атын субъекка тохтоотоҕуна быһаарсаллар. Ол биһиэхэ үчүгэй.

Бэрээдэк тупсуо

– Уу суола аһыллаатын кытта паром тула мөккүөр оргуйа түһэр. Маны хайдах быһааран эрэҕит?

– Биһиэхэ паром туоруур 14 сирдээхпит. Олоҥхо ыһыаҕар уонна “Азия оҕолоро” оонньуулар кэмнэригэр тохтоло суох дьону таһыахтааххыт диэн сорук турбута. Онон бу улахан тэрээһиннэр үчүгэйдик ыытыллыыларыгар ууһуттар эмиэ дьоһун кылааттарын киллэрдилэр. Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ өрүс үрдүгэр күүтэр сири үлэҕэ киллэрдибит, онно урбаанньыт саха уола кэлэн, 8 киһиэхэ үлэ миэстэтэ таҕыста.

Бу от ыйыгар массыына өрүһү туоруур харчытын кытылга турар валидаторга төлөөн баран, паромҥа киирэр мэхэньиисимэ олоххо киириэхтээх. Бэстээх өттүгэр биир накопителы улаатыннаран, Дьокуускай өттүгэр массыына киллэрэр өттүн эмиэ уһатан биэрдибит. Барыта камера нөҥүө көстөн турар, онон бэрээдэк тупсар ини диэн эрэнэбит.

Дебаркадердар

– Үгүс улуустарга де­бар­ка­дердара суоҕунан кы­һал­ҕа бөҕө буолар.

– Сүрүн таһааччыбыт “Ленатурфлот”. Үс дебаркадеры былырыыҥҥыттан оҥорторо сылдьабыт, 35 мөл. солк. субсидия биэрбиппит. Бу от ыйын 20-23 күннэригэр Саха сиригэр аҕалыахтаахтар. Бастакы үчүгэй дебаркадеры Сангаарга туруоруохпут, биири Аллараа Бэстээххэ, үсүһү Өлүөнэ очуос­тарыгар. Биири Эдьигээҥҥэ көһөрөн биэриэхпит. Өссө 5 дебаркадеры туттарар курдук сайаапка биэрдибит.

– Өлүөхүмэ диэки эмиэ дебаркадеры кытта сибээс­тээх айдаан баара.

– Чапаево нэһилиэгэр дебаркадер алдьаммыта, онно быстах понтону туһанабыт. Ол алдьаммыт дебаркадеры өрөмүөннэтэн баран, илдьэн туруоруохтаах этибит, ону Чапаево нэһилиэк олохтоох былааһа бэйэбит оҥоруохпут диэн баран, аккаастаммыта. Ол иһин уһаан-тэнийэн хаалла.

Өрүс түгэҕин дириҥэтии

– Кураан сайын буолла. Өрүстэр ууларын таһыма хайдаҕый?

– Өрүстэри көрдөххө, уу таһыма этэҥҥэ турар.

– Оттон өрүс түгэҕин дириҥэтэр үлэни кимнээх ыыталларый?

– Итиннэ федеральнай тэрилтэ үлэлиир, 13 земснарядтаах. Биһиэхэ Өлүөнэ өрүскэ 10,9 тыс. км көрүллэр-истиллэр уу суола баар (Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү, Дьааҥы, Индигиир, Халыма уо.д.а кыра өрүстар), онтон 9,2 км мэктиэлэммит габариттаах.

Былаан быһыытынан 2400 кубическай миэтирэни хаһыахтаахтар. Итиннэ үбүлээһин уонна дьон тиийбэт кыһалҕата баар, онно үлэлэһэ сылдьабыт.

Каадыр тиийбэт

– Каадыр боппуруоһун таарыйбычча, үөрэххэ туттарсыан баҕалаах оҕолору биһиэхэ кэлэн үөрэниҥ диэн ыҥырабын. Бу навигацияҕа тустаах идэлээх дьон аҕыйаабыта күүскэ билиннэ, улахан кыһалҕа туран эрэр. Хапытааннарынан 60-ча саастаах дьон үлэлииллэр. Сорох суудуналарга 250-350 тыһ. солк. хамнастаах хапытаан, бастакы көмөлөһөөччу, механик миэстэтэ аһаҕас турар. Жатайдааҕы судоверфь үлэҕэ киириитигэр эмиэ үөрэхтээх дьон наадалар. Судоверфь 65 бырыһыан тутулунна. Урукку бэдэрээтчит ситэ оҥорботоҕун ситэрэ сылдьабыт. Бүгүҥҥү күннэргэ федеральнай пакеты биһиэхэ биэрдилэр, онон тутууну бэйэбит дьаһайар буол­лубут. Манна дебаркатердары, причаллары, кыра паромнары, улахан таһаҕас тиэйэр суудуналары бэйэбит оҥорор буолуох­пут.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: