2026 сылга Саха сиригэр өйөбүл бары миэрэлэрэ оннунан хаалаллар
СӨ бырабыыталыстыбата ыытар бэлиитикэтигэр социальнай эбэһээтэлистибэлэри инники күөҥҥэ тутар.
2026 сылга социальнай эйгэҕэ бүддьүөккэ 26,76 млрд. солкуобай көрүллэр, ити быйылгы көрдөрүүттэн 210,5 мөл. солкуобайынан элбэх.
Буоларын курдук, оҕолоох ыаллары күүскэ өйүөхтэрэ. “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалыгар, эдэр ыалларга төлөбүрдэр уонна оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр биир кэмнээх босуобуйаны үбүлээһин 117,5 мөл. солкуобайга тэҥнэһиэҕэ, манна үлэлии турар бары бырагыраамалар оннунан хаалыахтара. Социальнай эбийиэктэри тутууга 764,4 мөл. солкуобай көрүллэр.
Бу манна СӨ Инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн үп көрүллүөҕэ. Онон 2026 сылга Саха сиригэр өйөбүл бары миэрэлэрэ оннунан хаалаллар, ону тэҥэ, оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ уонна социальнай эбийиэктэри тутууга бырагыраамалары үбүлээһин улаатыаҕа.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ
СӨ бырабыыталыстыбата 2026 сылга нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин бигэргэттэ. Бу быһаарыыны Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-үлэ сыһыаннарын хонтуруоллуур үс өрүттээх хамыыһыйа ылынар.
Онон, 2026 сылга нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан 28 598 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Үлэлиир дьоҥҥо — 31 172 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 24 594 солкуобай, оҕолорго — 27 740 солкуобай. Ол эбэтэр, ортотунан 1,5–2 тыһыынча кэриҥэ үрдүүр.
Бу тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2 зонанан арахсан, суумата араас буолар.
1‑кы зонаҕа: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустарыгар, Айхал бөһүөлэгэр уонна Удачнай куоракка тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: үлэлиир дьоҥҥо — 36 471 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 28 775 солкуобай, оҕолорго — 32 456 солкуобай, нэһилиэнньэҕэ — 33 460 солкуобай.
2‑с зонаҕа: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга: үлэлиир дьоҥҥо — 30 549 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 24 102 солкуобай, оҕолорго — 27 185 солкуобай, нэһилиэнньэҕэ — 28 026 солкуобай.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ судаарыстыба кыаммат дьоҥҥо социальнай көмөнү оҥороругар, ону ааҕарыгар-суоттууругар наада. Холобур, оҕо төрөөтөҕүнэ биирдэ бэриллэр уонна ыйдааҕы босуобуйалар, биэнсийэҕэ социальнай эбилик кээмэйдэрин быһаарарга, социальнай көмөҕө наадыйар дьон дохуоттарын ааҕарга, о. д.а. туһаныллар.
2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэҕэ ортотунан 26 777 солкуобай, үлэлиир дьоҥҥо — 29 187 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 23 028 солкуобай, оҕолорго — 25 974 солкуобай.
“Социальнай эбэһээтэлистибэлэр толору төлөнүөхтэрэ”
Кэнники үс сылга эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 4,6 млрд. солкуобай дьиэ кэргэттэргэ төлөннө. Барыта 51 тыһыынча сайабылыанньа киирбитэ. Сүрүннээн “100 сыл оҕолоро” хапытаалга, “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалыгар, элбэх оҕолоох ыалларга босхо сир учаастагын оннугар бэриллэр төлөбүрдэргэ бу үп төлөннө.
— Быйыл бу сыалга 14 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ 1,5 млрд. солкуобай номнуо төлөннө. Быйыл ылыныллыбыт социальнай эбэһээтэлистибэлэр толору төлөнүөхтэрэ. Үп министиэристибэтэ бу боппуруоһу быһаарарга үлэлиир, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эттэ.
Маны тэҥэ, кэнники 3 сылга 4,8 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ 1,5 миллиард солкуобай суумалаах үп социальнай хантараак бырагырааматынан бэриллибит. Сүрүннээн бэйэ дьыалатын сайыннарарга, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ уонна үлэ көрдүүргэ биэрэллэр.
Бу олус көдьүүстээх миэрэ, тоҕо диэтэр, судаарыстыба көннөрү харчыны эрэ түҥэппэт. Бу үбү ылан, дьон үлэлиирин, дьиэ кэргэнин иитэрин, уопсастыбаҕа туһаны аҕаларын ситиһэллэр. Маны тэҥэ, бэйэ дьарыктаах, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал элбээн, экэниэмикэҕэ эмиэ үтүө дьайыылаах буолар. Үлэни көрдүүр кэмнэригэр харчы төлөнөр, саҥа идэ ыларга үөрэттэрэллэр, онон эмиэ улахан көмөлөөх.
Саха сиригэр “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак көмөтүнэн, ийэ-аҕа буолууну, оҕолонууну өйүүр миэрэлэр көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Кэнники алта сылга үбүлээһин 7 төгүл улаатта.
“Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл эбиллэн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Уратыта диэн, урут дьиэ кэргэҥҥэ биирдэ бэриллэр эбит буоллаҕына, билигин 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла төрөөбүт хас үһүс, төрдүс… оҕоҕо бэриллэр буолла. “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэни ылбыт ийэлэргэ 100 тыһыынча солкуобай бэриллэр.
Саха сирэ төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1‑кы миэстэни, Арассыыйаҕа 10‑с миэстэни ылар. 2020 сылтан элбэх оҕолоох ыал ахсаана 10%-нан эбиллэн, 34,6 тыһыынча буолла. 2024 сылга төрөөбүт оҕо 44%-на дьиэ кэргэҥҥэ үһүс, төрдүс оҕонон төрөөтө.
Сыл аайы 6 ыал аҕа баһылыгар “Ытык аҕа” бэлиэ уонна 100 тыһыынча солкуобай туттарыллар. Билиҥҥитэ 33 аҕа маннык бэлиэни тутта. Хоту дойдуга аҕа диэн — дьиэ кэргэн тирэҕэ, көмүскээччитэ, булааччы-талааччы тутаах киһитэ.
Социальнай боппуруостарга хоруйдуур нүөмэр
Саха сирин олохтоохторугар социальнай уонна биэнсийэ боппуруостарыгар контакт-киин нүөмэрэ үлэлээтэ — 8–800–100–00–01. Эрийии босхо.
Киин оператордара туох баар социальнай көмө туһунан ыйытыыларга консультацияны биэрэллэр. Холобур, ийэ хапытаалын, босуобуйаны анатыы, сонотуоруйга путевканы ылыы, инбэлииккэ тахсыыны оҥорторуу, о. д.а. боппуруостарга.
Нүөмэргэ эрийдэххэ, бастаан виртуальный ассистент эппиэттиир, боппуруоһу чуолкайдыыр. Ол кэнниттэн, боппуруоска консультация ирдэннэҕинэ, исписэлиис ылан, сиһилии быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: