Саха сиригэр ВИЧ статистиката 1996 сылтан ааҕыллар. Ыарахан ыарыыттан суорума суолламмыт ыарыһах ахсаана 194-кэ тэҥнэспит. ВИЧ-инпиэксийэ сааһа улаатан эрэрэ биллэр, кэлиҥҥи кэмҥэ сэттэ уончалаах кырдьаҕас дьон ыалдьар түбэлтэлэрэ бэлиэтэнэр эбит. Өскөтүн урут кэлии дьон ыалдьар буоллахтарына, билигин бу ыарыынан төрүт олохтоох нэһилиэнньэ сүһүрэрэ үксээтэ диэн тустаах исписэлиистэр бэлиэтииллэр.
Киһи организмыгар вирус түөрт эттиккэ муҥутаан мунньустар. Ол курдук, киһи хааныгар, сперматыгар, вагинальнай секреккэ уонна ийэ үүтүгэр. Бу түөрт эттиги кытта доруобай киһи хантаахтастаҕына, сүһүрэр кутталланар.
Маны таһынан, ВИЧ-инпиэксийэҕэ киһи чааһынай тату, пирсинговай уонна кырасыабай оҥорор солуоннарга сыстыан сөп. Бу маннык тэрилтэлэргэ сылдьаргытыгар олус болҕомтолоох буоларгыт наадалаах. Туттар үстүрүмүөннэрин, холобур, иннэлэрин көрөн турдаххытына, арыйалларын ирдииргит булгуччулаах.
ВИЧ-инпиэксийэ киһи организмыгар киирэн баран, уһун кэмҥэ бэйэтин биллэрбэккэ, кирийэн сылдьара ордук кутталлаах диэн исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Бастаан утаа киһи кыраадыһа үрдүөн, быччаххайдара көбүөхтэрин, иһэ убаҕаһынан таһаарара элбиэн, эмискэ тугу да кытта сибээһэ суох ыйааһына түһэн саҕалыан уонна тыҥа уонна искэн ыарыыларынан ыалдьыан сөп.
Сүһүрүү, сыстыы кэнниттэн киһи организма вируска эппиэттээн специфическэй антителалары оҥорон таһааран барар. Олору аналлаах экспресс-тестэр көмөлөрүнэн эбэтэр ИФА-ньыматынан булаллар. Туох баар лабораторнай чинчийиилэр уонна инпиэксийэ бырааһа ыарыы килиниикэтин барытын көрбүтүн эрэ кэнниттэн “ВИЧ-инпиэксийэ» диэн диагноһу туруораллар.
Дьокуускайдааҕы СПИД-киинэ сыл ахсын маассабай аахсыйалары ыытар. Экспресс-тестэр икки көрүҥнээх буолаллар: киһи силин чинчийэн 15-20 мүн. иһинэн (неинвазивнай) уонна киһи тарбаҕыттан анаалыһы биирдэ туттуллар стерильнэй лацентынан ылан диагноһы билии (инвазивнай). Ону тэҥэ, классическай ИФА-тестэр оҥоһуллаллар, бу тест түмүгэ тахсарыгар лаппа бириэмэ наада. Оттон экспресс-тест түмүгэ аҕыйах мүнүүтэ иһинэн биллэр.
40 сыллаах чинчийии түмүгэр, ВИЧ-инпиэксийэни кыайар эмп билигин да айылла илик. Ол гынан баран, мэдиссиинэ билиҥҥи сайдыытын түмүгүнэн, дьулаан ыарыыны бириигэбэр диир сыыһа. Билиҥҥи кэмҥэ ыарыһах олоҕун уһатар биир бастыҥ ньыманан антиретровируснай эмтээһин буолара саарбаҕа суох.
СПИД-кииҥҥэ учуокка турар бары ыарыһахтар олохторун устатын тухары вируһу утарар эми иһэллэр. Судургутук быһаарар буоллахха, тустаах эмп вируһу килиэккэҕэ хаайар, элбиирин тохтотор, оччоҕо киһи иммуннай систиэмэтэ оннунан хаалар.
Билигин ВИЧ-инпиэксийэни утары вакцинаны оҥорууга үлэ, чинчийии бөҕө ыытыллар. Уустуга диэн, вирус уларыйа, сайда турар. Ол да буоллар, хаһан эрэ вакцина айыллыаҕа. Ол туһугар тустаах чинчийиилэр уонунан сыллар тухары ыытыллаллар. Уопсайынан мэдиссиинэ биир сиргэ турбат, сайдыы бара турар диэн СПИД-киин быраастара этэллэр.
Аахсыйа кэмигэр тест түмүгэ “положительнай” буоллаҕына, ол туһунан киһиэхэ хаһан даҕаны тутатына эппэттэр эбит. Анаалыһы иккистээн туттарарга көрдөһөллөр. Ханнык баҕарар тест систиэмэтэ сыыһыан сөп. Оттон иккистээн, үһүстээн оннук көрдөрдөҕүнэ, биллэн турар, сыыһа диир сатаммат. Тест үстэ “положительнайы” көрдөрдөҕүнэ, бу киһини СПИД-киинигэр тымыртан ылыллар ИФА анаалыска ыҥыраллар. Өскөтүн ИФА-анаалыһа бигэргэттэҕинэ, пациентан бүтэһиктээхтик иммуноблоттинг диэн анаалыһы ылаллар. Б иммуноблоттинг түмүгүнэн ВИЧ-диагноз туруоруллар.
Ардыгар сорох дьоҥҥо экспресс-тест, ИФА анаалыстар “положительнайы” көрдөрүөхтэрин сөп. Иммуноблоттинг анаалыһа “отрицательнай” буоллаҕына, диагноз тута туруорбакка, пациены кэтээн көрөллөр. Сотору буолаат, хаттаан иммуноблоттинг анаалыһын ылаллар. Ол быраабыла быһыытынан “положительнайы” көрдөрөр эбит. Бу – ВИЧ-ыарыы саҥа саҕаланан эрдэҕинэ булуу буолар. Ыарыы төһөнөн саҥа саҕаланар кэмигэр булулуннаҕына уонна тустаах антиретровируснай эмтээһин тута ыытылыннаҕына, ыарыһах иммуннай систиэмэтэ оннунан хаалар.
Биллэн турар, дьон ыарыыны араастык ылынар – ытаансоҥоон, хаһыытаан-ыһыытаан… СПИД-киин бэйэтэ психологтаах. Кини ыарыһахтары кытта кэпсэтэр. Тустаах быраастар эмиэ көмөлөһөллөр, өйдөтөллөр, билиҥҥи кэмҥэ ВИЧ-бириигэбэр буолбатах, сөптөөхтүк эмтэннэххэ, көрүннэххэ, олох олоруохха сөп.
Өскөтүн ыарыһах ханнык эрэ төрүөтүнэн эмтэрин иһэрин тохтотор түгэннээх буоллаҕына, организмыгар вирус ноҕурууската улаатан, иммуннай систиэмэтин үлэтэ түргэнник кэһиллэн, алдьанан барар. Хаһан баҕар иккис инпиэксийэ кыттыһан, ВИЧ инпиэксийэ СПИД статуһугар көһөр. Ыарыһах үгүс өттө маны билэр, онон сөбүгэр эмтэнэр, көрдөрүнэр. Маны таһынан, эмтэнии ааһар кэмҥэ арыгы уонна атын итирдэр утахтары иһэр булгуччу бобуллар.
Эмтэнии ааһар, биллэн турар, арыынан-сыанан аҕаабат, үс-түөрт ыарахан эми иһэр киһи организмыгар улахан химиическэй ноҕурууска буолар. Арассыыйа олохтоохторо бу эмтэниини босхо ааһаллар. Биллэн турар, ханнык баҕарар киһи бэйэтин ВИЧ-статуһун аһаҕастык этэртэн туттунар. Биһиги уопсастыбабытыгар өйдөөбөт буолуу, ыарыһахтары туоратааһын, бэл, сойуолаһааһын суох буолбатах. Бу саамай ыарахан уонна боччумнаах боппуруос, хомойуох иһин, биһиги уопсастыбабыт ВИЧ боппуруоһун аһаҕастык ырытарга билигин бэлэмэ суох. Үгүс дьон бу ыарыы салгынынан, олох-дьаһах нөҥүө бэриллибэтин билбэт. Дьон үксэ билбэт буолан куттанар.
Оскуолаларга, улаатан эрэр кэнчээри ыччаппытын харыстыыр сыалтан, социальнай педагогтары кытта тэҥҥэ, оскуола оҕолоругар иитэр-өйдөтөр үлэ ыытыллара булгуччулаах. Биирдэ алҕас харыстаммакка сылдьыһыы ВИЧ ыарыыга тиэрдиэн сөбүн хайаан да билиэхтээхтэр.
Бастакытынан, саамай бастыҥ көмүскэнэр ньыманан чөл өй-санаа, чөл турук, чөл толкуйдааһын буолар. ВИЧ бэриллэр бары көрүҥнэрин чуолкайдык билиллиэхтээх, сексуальнай хантаахха киирэргэ харыстыыр ньыманы ол эбэтэр презервативы туһаныы буолар.
Миэдиктэр сүбэлииллэр. Талан ылбыт холоонноох доҕоргутугар бэринииилээх буолуҥ, бэрэдээгэ суох сылдьыһыыттан туттунуҥ, чааһынай быраастарга процедураларга (татуировка, макияж, татуаж) сылдьаргытыгар сэрэхтээх буолуҥ. Ону тэҥэ, арыгы, наркотик уонна араас киһи өйүн туймаардар сириэстибэлэри туһанан баран, көмүскэлэ суох сылдьыһыыга тиэрдэр быһыылары уонна дьайыылары оҥорумаҥ.
Төһө да презерватив инпиэксийэттэн харыстаабат диэн саҥалар иһиллэллэрин иһин, сатаан тутуннахха, вирус латекс нөҥүө ааспат. ВИЧ-тан ураты презерватив сылдьыһыынан бэриллэр сифилис, гонорея, хламидиоз, уреаплазма, герпес уо.д.а. ыарыылартан көмүскүүр.
Бэлэмнээтэ Октябрина Голикова.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…