Өскөтүн оҕо биир кэлим эксээмэҥҥэ боруогу ааспатах түгэнигэр
Биир кэлим эксээмэннэр түмүктэнэн эрэллэр. Быйыл нуучча тылыгар уонна математикаҕа эрэ биир кэлим эксэмээни (11-с кылаастар) иккистээн туттарар кыахтаахтар. Талар биридимиэттэр эһиилгигэ көһөллөр.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Саха сиринээҕи үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрин солбуйааччы Таисия Иванова:
— Сүрүн түһүмэххэ (основной период) биир кэлим эксээмэни кыайан туттарбатах оҕолорго эрэсиэрбэ күннэр көрүллэллэр (бэс ыйын 22 күнүгэр – нуучча тылыгар, бэс ыйын 26 күнүгэр – математикаҕа). Бу ситии-хотуу аттестатын ыларга булгуччулаах биридимиэттэр. Өскөтүн биир “иккилээх” буоллахтарына туттараллар, онтон икки биридимиэккэ иккиэннэригэр (нуучча тыла, математика) алын кээмэйи ааспатах буоллахтарына, күһүҥҥүгэ (балаҕан ыйыгар) бараллар. Талар биридимиэттэри быйыл иккистээн туттарыллыбат, биир сылы аһаран баран эһиил туттарыахтарын сөп.
Арай бу күннэргэ оҕо ыалдьан эбэтэр туох эрэ төрүөтүнэн эксээмэҥҥэ кэлбэтэх буоллаҕына, от ыйын 1 күнүгэр туттарыан сөп (ыспыраапка булгуччу ирдэнэр, туох төрүөтүнэн кэлбэтэҕэ онно ыйыллар), — диэн быһаарда.
Онон хомойор, хоргутар ирдэммэт. Эһиил даҕаны туттарарга кыах бэриллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: