Эспэдиисcийэ Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга үлэлэһэр
Евразия саамай тымныы хотугу сиригэр тиийбит «Челюскин – Пиай тумуллара» норуоттар икки ардыларынааҕы эспэдииссийэ айанньыттара бүгүн суруналыыстары кытта көрүстүлэр.
Түөрт киһилээх айанньыттар бөлөхтөрүн Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, блогер Богдан Булычёв салайан илдьэ сырытта. Кинилэр кулун тутар 8 күнүгэр айаҥҥа туруммуттара. Мииринэйинэн, Удачнайынан айаннаан, Анаабырга тиийбиттэрин айанньыттар сиһилии кэпсээтилэр.
— Уопсайынан, ханнык баҕарар көлөнөн айанныахха сөп. Хас биирдии эригийиэн бэйэтэ тус-туспа, ураты көстүүлээх. Биһиги айаммыт сүрүн соруга — Челюскин-Пиай тумулларыгар тиийэ туристическай маршруту тэрийии этэ. Онон Анаабыр улууһун сирэ-уота олус улахан туристическай кыахтаах эбит диэн анаан бэлиэтиибит. Аара долган национальнай нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын көрдүбүт-иһиттибит, — диэн кэпсэтиини саҕалаата айанньыт Богдан Булычев.
Айынньыттар сүрүнннээн массыыналарын сапыраапкалыыр сирдэринэн айаннарын былааннаабыттар. Салгыы Богдан Булычев бу курдук кэпсээтэ:
— Туристар интэриэстэрэ олус улахан. Ордук кытайдар Саха сирин хоту өттүн кэрэхсииллэр эбит. Бу күннэргэ кинилэр бэйэлэрин үс массыыналарынан айанныы сылдьаллар. Билигин Өлөөҥҥө тиийэн эрэр буолуохтаахтар. Биһиги куйаар ситиминэн билсэ, сүбэлии олоробут. Айаммытын түмүктүүр отчуоппутун кинилэри кытта бииргэ оҥоруохпут. Биһиги туристары тардар былааммытыгар бултааһын, балыктааһын көрүҥнэрэ эмиэ киирэллэр. Бу үлэбитин аан дойду туристара бары туһаныахтара. Арассыыйа туристара кэлиҥҥи сылларга Саха сирин олус интэриэһиргиир буоллулар. Биһиги устуубутун көрөр дьон ахсааныттан итинник түмүгү оҥоробут. Ол эбэтэр суруйар тиэмэлэрбитин мөлүйүөнүнэн ахсааннаах дьон көрөр. Кинилэр Байкал күөлү, Карелия, Мурманскай уолбаластары ыйыталаһаллар. Биһиги сүрүннээн Саха сирин кыһыҥҥы өттүн эрэ көрдөрөбүт. Оттон сайыҥҥы кэм биллибэккэ хаалар. Оттон мин Магадан уобалаһыттан төрүттээх буолан, ыаллыы сытар өрөспүүбүлүкэҕэ уонна биһиэхэ кылгас сайыммыт олус кырасыабайын билэбин. Онон аны сайыҥҥы кэми арыйыыга үлэлэһиэхпит.
Туристары көрсүүгэ сылдьыбыт сирдэрбитигэр сүбэ-ама биэрэн ааһабыт. Холобура, хас да сыллааҕыта Сааскылаах гостиницата наһаа мөлтөх көрүҥнээҕэ. Онно «маннык гыныахха наада» диэн кэккэ сүбэни биэрбиппит. Быйыл олох атын хартыына. Биэс күн устата онтон олус сынньанан арахсыбыппыт. Турист сылдьар сиригэр улуустар өрө тардына түһэллэрэ харахха быраҕыллар. Өймөкөөн курдук сир мээнэҕэ туристары тардыбат. Манна туризм сайдыытыгар үлэ барара харахха быраҕыллар. Олохтоох предпринимателлэр киһини интэриэһиргэтэр бырайыактардаахтар
Эспэдьиисийэ чилиэннэрэ айанньыттары кытта бастыкытын сылдьар Мирлан Туркменов кэлэктиипкэ түргэнник киирбитин бэлиэтээтилэр.
— Космоска аан бастаан көтүү курдук ылынным. Хата, уопуттаах айанньыттары кытта сылдьан, бэрт элбэҕи биллим. Туундара хаара айанныырга олох атын эбит, — диэн бэлиэтээтэ айанньыт.
«Якутия» хаһыат суруналыыһа Лана Ильина айанньыттар мүччүргэннээх сырыыларын кэпсииллэригэр көрдөспүтүгэр, Богдан Булычев буурҕаҕа түбэспиттэрин, Евгений Шаталов хаартыскаҕа түһэрэ турдаҕына, 40 овцебык киниэхэ утары сүүрэн кэлбиттэрин холобурдаатылар. Кыыллар олус улахаттарыттан саллыбыттар. Холобура, куобах ыт саҕа үһү.
«Олус эрэнэр дьоммун кытта сырыттым. Онон тус бэйэм барытыгар эрэх-турах сырыттым. Саппаас чааспытын эрдэттэн бэрэбиэркэлэммит буолан, эрэйдэммэтибит. Ханна сылдьыбыт сирбитигэр Байанайы аһата сырыттыбыт. Ол да иһин этэҥҥэ сырыттыбыт диир кыахтаахпыт. Дьиҥэр, Ийэ айылҕа, эн хайдах да кыахтаахтык тэринэн бар, ылымматаҕына син биир харгыстаһар: массыынаҥ моһуоктуо, адьырҕа кыылга түбэһиэҥ, силлиэҕэ баттатан мунуоҥ. Онон биһиги Сир иччитититтэн олохтоохтор курдук эмиэ көрдөһө-ааттаһа сырыттыбыт», — диэн бэлиэтээтэ Богдан Булычев.
Мин айанньыттар «Өймөкөөннөр Тымныы полюһун быһыытынан туризмы сайыннарыыга улахан хардыыны оҥорбуттар» диэн холобурдаабыттарын истэн баран, «Эһиги уопуттаах туристар быһыытынан Өймөкөөҥҥө туризм сайдыытыгар ордук туохха болҕомтоҕутун уурдугут?«, — диэн ыйыттым. Онуоха Богдан Булычев маннык хардарда:
— Маныаха мин икки өрүккэ тохтуохпун баҕарабын. Бастакытынан, өймөкөөннөр тымныыларын бренд оҥостубуттара хайҕаллаах суол. Ол эрээри туристарга аҥаардас кыһын тымныытын эрэ туһунан өйдөбүл үөскээбит. Дьиҥэр, Өймөкөөн сайына өссө ураты кэрэ көстүү эбээт! Онон сибээстээн быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн, туристарга Өймөкөөн атын туристическай көрүҥү — сайыҥҥы тэрээһини көрдөрөр соруктаахпыт. Иккиһинэн, «Халыма» трассатын уустук айана айанньыт туриска «экстремальнай» дэнэр өрүттээҕэ. Билигин аатырбыт «Чернай» уонна «Желтай прижимнэри», «Заячай петляны» дэлби кэҥэтэн, холкутук айанныыр усулуобуйаны тэрийбиттэр. Онон экстрим-айанньыттары билигин ордук былыргы «Магадан трассата» интэриэһиргэтэр. Сайын кэллэхпитинэ, биһиги бу суолунан айанныыр былааннаахпыт.
Ити курдук, «Айанньыттар киһи күнү да быһа кэпсэтэ олоруох дьоно эбит», — диэн суруналыыстар бэркэ астынан тарҕастыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: