Эспиэр эрэгийиэн кииннэрин баһылыктарын талыы бэрээдэгэр уларытыылары киллэрии туһунан көҕүлээһин суолталаах диэн этэр

Share

 “Дьокуускай куорат Дууматын дьокуттааттара эрэгийиэн кииннэрин баһылыктарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнар талыыларын туһунан киллэрбит этиилэрэ, Дьокуускай куорат муниципальнай тэриллии баһылыктарын быһаччы быыбардаан талар Арассыыйа субъектарын түөрт киин куоратыттан биирдэстэринэн буоларын быһыытынан, улахан болҕомтону турта. Маныаха Саха сиригэр муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын быһаччы быыбарынан талан хаалларыы – өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону киллэрээччи ураты көҥүлэ буоларын чопчулуур ирдэнэр» — диэн эспиэрт Валентина Румянцева этэр.

“СӨ олохтоох бэйэни салайыныы туһунан” сокуон баазатын 13-с ыстатыйатыгар, СӨ муниципальнай оройуон административнай киининэн буолар муниципальнай оройуон, куорат уокуругун,  тыа сирин бөһүөлэктэрин баһылыктарын, уопсай бырааптаах уонна кистэлэҥ куоластааһынынан   дойдулаах дьон быһаччы талар быраабынан куоластанара бигэргэтиллэ сылдьар. Ону кытта “РФ олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсибин туһунан” билиҥҥи Федеральнай Сокуон 131-с нүөмэрдээх сокуонугар муниципальнай тэриллии баһылыгын дуоһунаһын солбуйуу (замещения) хас даҕаны көрүҥүн бөҕөргөтөр, ол иһигэр куонкуруһунан талыыны ыытыы нөҥүө.

Территория сайдыытын чопчу түһүмэҕэр ирдэнэр сатабыллаах киһини таларга кыаҕы биэрэрин быһыытынан, муниципальнай тэриллии баһылыгын чопчу аһаҕас куонкурус нөҥүө талыы көрүҥэ бөдөҥ куораттарга уонна монокуораттарга кэрэхсэнэр. Онно сөп түбэһиннэрэн, “Аһаҕас былаас биир кэлим систиэмэтигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” саҥа федеральнай сокуону ылыныыга, ону тэҥэ, сайдыы далааһыннаах саҥа стратегиятын, куорат агломерациятын үлэтин ырытыһыыга Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын көҕүлээһинэ суолталаах”, – диэн эспиэрт бэлиэтээтэ.

Алтынньы 15 күнүгэр Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатыгар Ил Түмэн, куорат Дууматын дьокутааттара, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаата итиэннэ куорат уопсастыбаннаһын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон саҥа бырайыагын ырытыһыыга “төгүрүк остуол” буолан ааста. Ырытыһыы кэмигэр Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын бөлөҕө федеральнай сокуон саҥа бырайыагар, эрэгэйиэн киин куораттарын мээрдэрин, эрэгийэн баһылыктара туруорбут хандьыдааттарыттан муниципальнай дьокутааттар талар нуормаларын бигэргэр туһунан этии киллэрбиттэрэ.

Федеральнай сокуон бырайыагын Судаарыстыбаннай Дуума 2022 сыллаахха бастакы ааҕыыга ылыммыта. Быйыл күһүн парламент иккис ааҕыыга көннөрүүлэри уонна этиилэри хомуйарын туһунан биллэрбитэ, алтынньы бүтүүтэ түмүктэниэхтээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: алтынньы 31 күнэ

Бүгүн хаар түһэр дуо?  Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох диэтилэр? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар, Халымаҕа кыралаан хаардыа.…

4 минуты ago
  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago