Уһук Илиҥҥэ Саха сирин креативнай индустриятын баазата (форпост) киэҥник аатырда. Бу ааты дойду биир саамай улахан эрэгийиэнин киинигэр “Үлэ кыбаартала” аһыллыыта бигэтик бигэргэтиэ. Бу Уһук Илин уокурукка аан маҥнайгы креативнай кластерынан буолуоҕа.
Өлүөнэтээҕи кулууп (Ленский клуб) Арассыыйа креативнай экэниэмикэтэ сайдыытыгар эрэгийиэн кылаатын, Креативнай индустрия федерациятын генеральнай дириэктэрэ Игорь Намаконовтыын ырытта. Эспиэр экэниэмикэ саҥа секторын (интеллектуальнай бас билиини капитализациялааһыҥҥа тирэҕирэр) инфраструктуратын сайыннарар лиидэр-эрэгийиэннэр ортолоругар Дьокуускай номнуо киирдэ диэн бэлиэтиир. Ону сэргэ, биллэр түмүгү көрөр туһугар, бу хайысхаҕа үлэ 3-4 сыл устата тохтуо суохтаах.
Федерация салайааччытын санаатынан, аттыларыгар көдьүүстээх көрдөрөр холобурдар баар буолан, өрөспүүбүлүкэ былааһа креативнай индустрия сайдыыта экэниэмикэҕэ барыһын, туһатын атыттар иннилэринэ өйдөөбүт. Холобур, VK чаатыттан үөскээн тахсыбыт уонна күн бүгүн аан дойду капитализациятыгар иккиһинэн сылдьар InDrive саха такситын агрегатора. Ону тэҥэ, MyTona хампаанньа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэргэ тиийэ ньиргийбит уопсай саха киинэтэ.
Ол эрээри, аан дойдуга креативнай индустрия тэҥэ суохтук сайдар. Сайдыы уонна көрдөрүү быһыытынан Москва, Саха сирин сэргэ Калининград, Ульяновскай, Тюменскай уобаластар, Татарстан киирэр лиидэрдэр бөлөхтөрө бааллар. Кэлиҥҥи сылларга Нижегородскай, Псовскай уобаластар уонна Красноярскай кыраай көхтөөхтөр. Федерация салайааччыта бу кэккэҕэ хас биирдии ситиһиилээх кейс икки усулуобуйатын түмүгүнэн ситиһиллэригэр эрэллээх: олохтоох салалта бэлэтиичэскэй дьулуурунан уонна креативнай индустрия сайдыытын киинин салалтата күүстээх, компетентнай лиидэр буоларыттан. Бу икки сабыдыаллар түмүлүннэхтэринэ сайдыы биллэ үрдүүр.
“Арассыыйаҕа аан дойду болҕомтотун тардар уонна ол туһунан уопсастыбаннас киэҥ араҥата улаханнык билбэт дэҥҥэ көстөр бырайыактар бааллар. Холобур, тыйаатыр, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба уонна АйТи икки ардыларынан үлэлиир Sila Sveta хампаанньа. Саҥаны килллэриилэрин суотугар кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр перфомансынан уонна инсталляциянан лиидэр буолбуттара. Бу кыраттан өрө тахсыы холобура. Sila Sveta курдук элбэх хампаанньалар баар буолалларын туһугар уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта сибээстээх (институциональный) уларыйыылар киирэллэрэ ирдэнэр: нолуок чааһыгар, интеллектальнай бас билиини көмүскээһиҥҥэ, инвестицияҕа. Оччоҕо креативнай индустрияҕа аллараттан көҕүлээһин кэҥиэҕэ. Былырыын дойду бырабыыталыстыбата айар индустрияны сайыннарыы кэнсиэпсийэтин ылыммыта, оттон быйыл атырдьах ыйыгар — бу олоххо киирэр былаанын. Бу биһиги уларытыыга киллэрии диэки сыҕарыйан эрэрбитин толкуйдуурга төрүтүөнэн буолар. Биллэн турар, сааҥсыйалар уонна тас ырыынакка тахсыыга хааччахтар, дойдуттан киһи кыаҕын хапытаала халбарыйыыта уонна бу сыллааҕы түгэннэр тэтими намтаттылар. Ол эрээри, биһиги үлэбитин салҕыыбыт уонна идэлээх холбоһуктары кытта бииргэ быһаарыылары оҥорор санаалаахпыт. Ол иһигэр, бу сэтинньи 24-25 күннэригэр Красноярскайга ыытыллар Арассыыйатааҕы креативнай индустрия нэдиэлэтин былаһааккатыгар”, — диэн Игорь Намаконов бэлиэтиир.
Хаартыска: СИАтан.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…