Эспиэрдэр баан сүрүн ыстаапката эмиэ үрдүүрүн күүтэллэр
Үп-харчы ырыынагын исписэлиистэрэ, эспиэрдэрэ уонна аналитиктара баан сүрүн ыстаапката үрдүүрүн күүтэллэр.
Бу туһунан боппуруоһу Арассыыйа баана аныгыс бээтинсэҕэ, алтынньы 25 күнүгэр, көрүөҕэ. 16 эспиэртэн 10-на баан сүрүн ыстаапката 20% диэри улаатарын сабаҕалыыллар диэн «Известия» суруйар . Атыттар 20-21% диэри үрдүүрүн күүтэллэр. Балартан аҥардас биир эрэ исписэлиис баан сүрүн ыстаапката урукку таһымҥа оннунан хааларын билгэлиир.
Киин баан салайааччыта Эльвира Набиуллина алтынньы 17 күнүгэр «Финополис» үп-харчы пуорумугар эппитинэн, сүрүн ыстаапкаҕа быһаарыы өссө да ылылла илик.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа баанын дириэктэрдэрин Сэбиэтэ балаҕан ыйын 13 күнүгэр диэри сыллааҕы сүрүн ыстаапканы 19% диэри үрдэтэргэ быһаарыы ылыммыта. Оччолорго Киин баан ааспыт мунньахха сүрүн ыстаапканы улаатыннарар кыаҕы биэрбэтэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: