Салгыы
Эспиэрдэр тымныыга Өлүөнэ муостатын тутуохха сөбүн быһаардылар

Эспиэрдэр тымныыга Өлүөнэ муостатын тутуохха сөбүн быһаардылар

25.10.2024, 09:55
Сахагов
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ муостатын тутуу былаһааккатыгар буронабивной сыбаайалары туруораллар. Үлэни намыһах температураларга ыытыахха сөп, тоҕо диэтэххэ, нуулга диэри эбэтэр сылаас температураларга  буор үөһээҥҥи араҥата тоҥор бэлиэтин аллараа өттүгэр бааллар, диэн ВИС бөлөх эспиэрдэрэ быһаардылар.

Кинилэр этэллэринэн, технология кэккэ үлэлэртэн турар: скважинаны үүттээһин, скважинаҕа арматура каркааһын туруоруу, бетонунан бүрүйүү, сыбаайаны тургутан  көрүү. Бетонунан  бүрүйүүгэ тымныыны тулуйар аныгы эбиликтэрдээх бетон анал маарката туһаныллар. Бетон кытаатар кэмигэр экзотермическэй дьайыылар түмүктэригэр сылааһы таһаарар.

Сэттэ хонуктааҕыта Өлүөнэ хаҥас биэрэгэр Эргэ Табаҕа сэлиэнньэтин сиригэр-уотугар Өлүөнэ муостатын 6 №-дээх тирэҕин аннынан бастакы буронабивной сыбаайаны бетонунан куппуттара. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутааччылар өссө биир скважинаны сыбаайаҕа анаан үүттээтилэр. 1 №-дээх технологическай былаһааккаҕа  маннык сыбаайалар арматурнай каркастарын оҥорон таһаарыы саҕаланна. Хайы-үйэ 120 устууканы оҥордулар. Ону тэҥэ кыһыҥҥы кэмҥэ бетон собуоттарын үлэҕэ бэлэмнииллэр.

6 №-дээх тирэх бырайыагынан 1,5 миэтэрэ диаметрдаах уонна 10 миэтэрэ уһуннаах 32 сыбаайа туруоҕа.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудаҕынан уустук, киэҥ хабааннаах инженернэй тутууну кылгас болдьоххо – 2028 сылга түмүктэниэхтээх. Тустаах бырайыак Саха сирин Бырабыыталыстыбатын уонна “ВИС” бөлөх икки ардыларыгар түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэһиинэн олоххо киирэр, үбүн-харчытын партнерунан СБЕР буолар.

Сууккаҕа 5300 массыына муостанан ааһыаҕа. Муоста уһуна массыына кытылга киирэр сириниин 14,5 км усталаах.

Бырайыак быһыытынан муоста 26 тирэхтээх: өрүс сүнньүгэр үс, атыттар өрүс икки кытылынан массыына тиксэр сирдэринэн. Сиринэн 18-тан 32 диэри, сүнньүгэр 102-тэн 208 диэри буронабивной сыбаайа баар буолуоҕа. Сыбаайа уһуна – 10-тан 40 миэтэрэҕэ диэри, диаметра – 1,5 миэтэрэ. Муоста саамай улахан тирэҕэ киин пилоҥҥа диэри оҥоһуллуохтаах. Ону тутууга 208 сыбаайа уонна 10000 тахса кубометр бетон наада.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: