Эспиэрдэр үрдүк таһымнаах психологтартан сүбэлэтиҥ-амалатыҥ диэн сүбэлииллэр
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр психологическай өйөбүлү 10 тыһ. тахса киһи ылбыт, ону тэҥэ, 11700 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн тустаах сүбэлэр-амалар ыытыллыбыттар.
«Тустаах үлэ бойобуой стреһи намтатыыга туһаайыллар. Үлэ биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ыытыллар. Уопсай ылан этэр буоллахха, байыаннайдар туруктара ортоһуор. Уустук турук байыастарга буолбакка, кинилэр чугас дьонноругар баар буолар — кэргэттэригэр, ийэлэригэр уонна бииргэ төрөөбүттэригэр. Маннык турук, биллэн турар, төттөрүтүн байыастары аймыыр. Онон бэйэни кыана туттуохха наада», – диэн киин дириэктэрэ этэр.
Кини быһаарбытынан, итиннэ араас буола турар сабыытыйалар, олох-дьаһах стреһэ эбиллэн биэрэллэр. Онон психологтар маннык сүбэни-аманы биэрэллэр:
— байыаннай сулууспалааҕы кытта кэпсэтэргитигэр, киниэхэ эрэнэргитин, кини олоххо уопуттааҕын, муударайын туһунан санатыҥ;
— Кэпсэтии кэмигэр мөкү, мөлтөх сонуннары тумнуҥ;
— Эрэбилэ суох, сымыйа иһитиннэриилэри бастаан ийэлэр кэмитиэттэриттэн, «МыВместе» волонтердар ыстааптарыттан ыйытан чуолкайдааҥ;
— Идэлээх психологтартан сүбэни-аманы хайаан да ылыҥ. Уонна ыйытартан олох кыбыстымаҥ.
«Психолог ханнык да учуокка туруорбат, кини сүбэ-ама биэрэр. Биһиги кииммитигэр үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Кэпсэтии туһунан ханна да атын сиргэ кэпсэниллибэт. Онон тустаах дьон 8-800-100-35-50 диэн нүөмэргэ эрийэн тиийиэххитин сөп», – диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическа киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: