Эспиэрдэр үрдүк таһымнаах психологтартан сүбэлэтиҥ-амалатыҥ диэн сүбэлииллэр

Share

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр психологическай өйөбүлү 10 тыһ. тахса киһи ылбыт, ону тэҥэ, 11700 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн тустаах сүбэлэр-амалар ыытыллыбыттар. 

Кэлиҥҥи кэмҥэ байыаннай госпиталларга тиийэн үлэлээччилэргэ аналлаах боппуруостарга ыйытыылары биэрии элбээбит.  Психологтар хас биирдии байыаһы уонна  госпиталларга сытар байыастарга кэлбит кинилэр дьиэ кэргэттэрин, чугас аймахтарын кытта ыкса үлэлииллэр. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическа киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.

«Тустаах үлэ бойобуой стреһи намтатыыга туһаайыллар. Үлэ биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ыытыллар. Уопсай ылан этэр буоллахха, байыаннайдар туруктара ортоһуор. Уустук турук байыастарга буолбакка, кинилэр чугас дьонноругар баар буолар — кэргэттэригэр, ийэлэригэр уонна бииргэ төрөөбүттэригэр. Маннык турук, биллэн турар, төттөрүтүн байыастары аймыыр. Онон бэйэни кыана туттуохха наада», – диэн киин дириэктэрэ этэр.

Кини быһаарбытынан, итиннэ араас буола турар сабыытыйалар, олох-дьаһах стреһэ эбиллэн биэрэллэр. Онон психологтар маннык сүбэни-аманы биэрэллэр:

— байыаннай сулууспалааҕы кытта кэпсэтэргитигэр, киниэхэ эрэнэргитин, кини олоххо уопуттааҕын, муударайын туһунан санатыҥ;

— Кэпсэтии кэмигэр мөкү, мөлтөх сонуннары тумнуҥ;

— Эрэбилэ суох, сымыйа иһитиннэриилэри бастаан  ийэлэр кэмитиэттэриттэн,  «МыВместе» волонтердар ыстааптарыттан ыйытан чуолкайдааҥ;

— Идэлээх  психологтартан сүбэни-аманы хайаан да ылыҥ. Уонна ыйытартан олох кыбыстымаҥ.

«Психолог ханнык да учуокка туруорбат, кини сүбэ-ама биэрэр. Биһиги кииммитигэр үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Кэпсэтии туһунан ханна да атын сиргэ кэпсэниллибэт. Онон тустаах дьон 8-800-100-35-50 диэн нүөмэргэ эрийэн тиийиэххитин сөп», – диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическа киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

32 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

3 часа ago