Балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, ааспыт сууккаҕа 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Ол курдук, Өлүөхүмэҕэ 1556 гаа иэннээх сиргэ 2 баһаары умуруордулар. Маны тэҥэ, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Уус Маайаҕа өссө 5 саҥа баһаар күөдьүйэн эрэрин буллулар.
Барыта 33 744 гаа иэннээх сиргэ 38 ойуур баһаара умайа турар. Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа — 12-лии, уус-Майаҕа, Нерюнгрига — 4-түү, Ньурбаҕа — 2, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Кэбээйигэ, Намҥа — 1-дии. Бу мантан 21 гаа иэннээх сиргэ 3 баһаары эргитэн, сөҕүрүттүлэр.
Баһаардары умуруорууга 383 киһи, 21 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Салгынтан кэтээн көрүүгэ уонна умуруорууга салгын аалларын көтүтэллэр.
Суһал ыстаап иһтиннэрэринэн, бу сааскыттан барыта 1,4 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ 816 баһаар бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха баччаларга 7,5 мөлүйүөн гаа иэннээх сиргэ 1580 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстибитэ бэлиэтэммитэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
ХИФУ Археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлигэр ураты эспэнээт баар – хойукку неолит кэмигэр 4 тыһыынча сыл…
Бүгүн ыраах суоллаах-иистээх Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр улуус баһылыга Я.Г.Елисеев отчуота буолан ааста. Яков Гаврильевич…
Социальнай архитектордар куонкурустара РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, ону…
Саха сирин суһал ыстааба Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр анаан байыаннай сулууспалаахтарга хас да тыһыынча бэлэҕи…
Күммүт уһаабыта номнуо биллэр. Күнүһүн күн тыган ылара саас иһэрин биллэрэр. Ол эрээри, Тымныы оҕуһун…
Ааспыт сууккаҕа, олунньу 4 күнүгэр, Дьокуускай куоракка 11 суол быһылаана таҕыста. Икки киһи араас эчэйиини…