Салгыы
Көс оскуолата тэриллиэ

Көс оскуолата тэриллиэ

Ааптар:
21.09.2024, 17:15
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Эбээн Бытантайга Р.И.Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын баазатыгар 40  оҕону хабар көс оскуолатын тэрийиэхтэрэ.

Маны сэргэ, Кэбээйигэ «Нолтэнке» 11 №-дээх уһуйааныгар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго анаан эмиэ көс уһуйаанын бөлөҕө тэриллиэ. Мана аҕыс оҕо сылдьыа.

Билиҥҥитэ үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара үөрэх тэрилтэлэригэр лиссиэнсийэҕэ докумуоннары бэлэмнииллэр. Барыта табылынна, кыалынна да, көс оскуолата уонна уһуйаанын бөлөҕө үлэлээбитинэн барыаҕа.

Санатар буоллахха, 2023-2024 үөрэх дьылыгар Саха сиригэр сэттэ көс оскуолата үлэлээбитэ, онно 98 оҕо үөрэммитэ. Манна 18 учуутал, 8 иитээччи үлэлээбитэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: