Өссө икки нэһилиэк арыгыттан аккаастанна
Саха сиригэр аргыттан аккаастанан, чөл олоҕу тутуһар нэһилиэктэр ахсааннарын хаҥаттылар. Бэҕэһээ буолан ааспыт Ил Түмэн V уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара Сунтаар улууһун Аллыҥа уонна Ньурба улууһун Малдьаҕар (Быһыттаах) нэһилиэктэригэр арыгыны атыылыыры бобуу туһунан боппуруоһу көрдүлэр.
Сокуоннар барылларынан бу нэһилиэктэргэ арыгыны биирдиилээн нэһилиэнньэҕэ атыылааһыны төрүт боборго этиллэр.
Аллыҥа баһылыга Николай Спиридонов эппитинэн, маннык дьаһал нэһилиэнньэҕэ уонна үүнэр көлүөнэҕэ чөл олоҕу тарҕатар, буруйу оҥорууну аҕыйатар, сөбө суох социальнай быһыыны-майгыны туоратар туһуттан ылылынна. Кини 2010 с. нэһилиэккэ арыгыны атыылыыр сир суоҕун бэлиэтээтэ уонна маннык сокуон барыла олохтоохтор баҕаларынан оҥоһуллубутун уонна инники өттүгэр атыыламматын курдук эттэ.
Оттон Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Александр Степанов сотору кэминэн арыгы атыылыыр маҕаһыын аһыллаары турарын, 2015 с. нэһилиэккэ арыгы атыылана илигин иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, эрдэ Ньурба улууһун Полициятын отделыттан Ил Түмэн бу боппуруоһунан дьарыктанар сис кэмитиэтигэр Малдьаҕар нэһилиэгэр арыгы атыытын төрүт бобор боппуруоһу көрөр туһунан сурук киирэ сылдьыбыта. Сурукка арыгыны бу нэһилиэккэ атыылыыры көҥүллүүр буоллахха, Маалыкай, Чуукаар, Өҥөлдьө нэһилиэктэригэр арыгылааһын элбиэн сөбүн туһунан суруйбуттара. Сис кэмитиэт дьокутааттара дьүүллэһии түмүгүнэн көҕүлээһини өйөөбүттэрэ.
Ил Түмэн дьокутааттара сокуон барылын дьүүллэһэн баран, Аллыҥа уонна Малдьаҕар нэһилиэктэригэр арыгы атыытын төрүт бобор туһунан сокуону ылыннылар. Бэлиэтээн этэххэ, «Чөл олохтоох нэһилиэк» хамсааһын үлэтэ кэҥээн, чөл олоҕу тутуһар нэһилиэк ахсаана элбээр иһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: