Эстрада тыйаатыра Москваҕа мюзикл бэстибээлигэр кыттыаҕа
2024 сыл Саха сиринээҕи Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырыгар үчүгэй сонуннартан саҕаланна. Ю.Е.Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра Musical Universe, ГИТИС уонна Москонцерт “Выходные мюзикла” киэҥ хабааннаах холбоһуктаах бырайыагар кыттарын туһунан иһитиннэрии кэллэ.
Бырайыак сыала-соруга – дойдуга мюзикл араас хайысхатын көрөөччүгэ тириэрдии. Көрөөччүлэр араас куораттар тыйаатырдара, продюсердар кииннэрэ уонна айар холбоһуктара туруорбут араас нүөмэрдэрин, ону таһынан Арассыыйа артыыстара кыттыылаах кэнсиэртэри, мюзикллары билсиэхтэрэ.
“Выходные мюзикла” ону сэргэ уопуту атастаһарга, хардарыта бииргэ үлэлииргэ аналлаах былаһаакканан буолуоҕа.
Саха сирин эстрадатын тыйаатырыттан эдэр артыыстр Людмила Грязнухина-Люси, Михаил Рожин уонна Долун Борисов мюзикл бэстибээлигэр аан бастаан кыттыахтара. Москонцерт Холла сыанатыгар “Алыптаах таҥас” (“Чудный костюм”) мюзиклтан 10 мүнүүтэлээх быһа тардыыны сахалыы тылынан көрдөрүөхтэрэ.
Бу испэктээк хас да сыллааҕыта Саха сирин култууратыгар улахан сэргэхсийиини таһаарбыта. Оттон билигин саҥа таһымҥа тахсарыттан олус үөрэбит уонна киэн туттабыт.
Ырыалар инсценировкаларын уонна тиэкистэрин ааптара Ангелла Попова, композитор Егор Ефимов, режиссер Татьяна Чаранская, сахалыы тылга Мария Герасимова тылбааһа.
Бэстибээл Москваҕа олунньу 17-18 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: