Эстрада тыйаатыра Татарстаҥҥа ураты кэнсиэри көрдөрүөҕэ
Бэс ыйын 10 күнүгэр Татарстааннааҕы Г.Кариев аатынан Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырыгар “Мин сүрэхпинэн көрөбүн. Мин Сахам сирэ” тифло-кэнсиэрт буолуоҕа. Кэнсиэргэ Ю.Е.Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра кыттыаҕа.
Кэнсиэрт ыалдьыттара тэрээһин кэмигэр өйдөбүнньүк уонна фантазия долгунугар киириэхтэрэ. Ол курдук, кэнсиэрт бырагырааматыгар тойук, хомус, Саха сирин туһунан эстрада ырыалара киирэллэр.
Тифло-кэнсиэрт уратытынан ыалдьыттарга уоту аһарбат кэлгиэлэри биэриэхтэрэ, онон кинилэр “сабыылаах харахтаах, ол эрэн аһаҕас сүрэхтээх” буолуохтара.
Саха сиринээҕи Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын уус-уран салайааччыта Мария Герасимова:
“Биһиги маннык кэнсиэртэри тэрийэн, көрөөччү бэйэтин тулатыгар туох буола турарыгар итэҕэйэрин уонна ойуулаан көрөр эйгэтигэр киирэн хааларын көрөбүт. Биллэн турар, көрөөччүлэр уонна артыыстар араас чуубустабаны билэллэр. Бу – бэйэтэ долгуйуу, уйулҕа терапията”, — диэн кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: