Эстрада тыйаатыра  –  үбүлүөйдээх сыла

Share

Юрий Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра тэриллибитэ быйыл 55 айар дьылын бэлиэтиир. Саха сиригэр эстрада  бастакы идэлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа  Юрий Платонов аатын 2021 сыллаахха ылбыт тыйаатыр устуоруйатын хас да кэрдиис кэмҥэ араарыахха сөп. 

Юрий Егорович кэлин Саха сирин үтүөлээх артыыһа буолбут  Наталья Трапезниковалыын 1968 сыллаахха  Москваҕа  Эстрада ос­­куолатын бүтэрэн кэлбиттэрэ. “Кэнсиэртиир-эстраднай бюро” (КЭБ) диэн тэрилтэҕэ үлэҕэ ылыллыбыттара. Эстрада ускуустубута сайдан уонна кэҥээтэр кэҥээн, араас жанрга талааннаах артыыс­тары иитэн таһаарбыта. Ол да иһин, бу тэрилтэҕэ “Наара суохтар” көр-күлүү тыйаатыра, Үҥкүү тыйаа­тыра, цииркэ кэлэктиип­тэрэ үөскээбиттэрэ. Кэм-кэрдии ирдэбилэ улары­йан,  кинилэр бэйэ­лэрэ туспа тэрилтэ буолан, дьиэ­лэнэн уоттанан-барбыттара. Онтон КЭБ филармония аатын ыла сылдьыбыта. Эстрада тыйаатыра 1990-2000 сыллар саҥаларыгар  Каландрашвили уулуссаҕа  дьиэ­лэнэн үлэлээбитэ. 2015 сыллаахха  тыйаатыр дириэктэрэ Василий Филиппов оннугар Москватааҕы Щепкин аатынан тыйаатыр училищетын бүтэрэн кэлбит Саха тыйаатырын артыыһа Алексей Егоров анаммыта.

Саҥалыы көрүүлээх сала­йааччы  тыйаатыр үлэлиир хайыс­хатын уларытарга, ол иһигэр мусукаалынай испэктээктэри туруорарга,  быһаа­рыммыта. Ол гынан баран, бастатан туран, дьиэ-уот боппуруоһа атахтыыра. Залог оройуонугар Дежнев уулуссаҕа арыандаҕа ылбыт дьиэлэрэ 400 квадратнай миэтэрэ эрэ иэннээҕэ, олус кыараҕаһа, артыыс­тарга гримернай да хосторо, көрөөччүлэр саалалара да суоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, бу кэмнэр усталарыгар айар кэлэктиип улахан кэнсиэртэрин, туруорууларын барытын куорат атын тыйаатырдарыгар көрдөрөллөрө.

Ол да буоллар, сөптөөх  усулуобуйата суох дьиэлэригэр эрэпэтииссийэлэнэ-эрэпэ­тииссийэлэнэ, оччолорго эстрада ырыаһыттарыгар тосту уларыйыыны ирдиир, онтон көрөөччүгэ соһуччу көстүүнэн буолбут мусукаалынай испэктээктэри туруоран барбыттара. Режиссердар Сергей Потапов “Тыыммын ылан тыыҥҥар холбоо” мюзикла, Татьяна Чаранская Эмиэрикэ суруйаач­чыта  Рей Брэдбери кэпсээнинэн “Чудный костюм” мусукаалынай кэмиэдьийэтэ тахсыбыттара. “Тыыммын ылан тыыҥҥар холбоо” мюзиклга муусуката хомуллан оҥоһуллубут буол­лаҕына, Т.Чаранская кэмиэдьийэтигэр биир эрэ композитор (Егор Ефимов) муусуката туһаныллыбыт буолан, балачча үлэни көрсүбүттэрэ.

Салҕыы күн бүгүҥҥэ диэри репертуарга баар, саха норуо­тун тапталлаах ырыаһыта Христофор Максимов олоҕун кэпсиир  “Киристэпиэл” испэктээги Сергей Потапов бар дьонугар бэлэхтээбитэ. Сүрүн оруо­лу бэл, куоластыын, дэгэрэҥ ырыаларынан майгынныыр артыыс, СӨ үтүөлээх артыыһа Байбал Сэмэнэп толорон, элбэх көрөөччү харах уулаах көрбүтэ. Кырдьыгынан эттэххэ, бу кэмҥэ төрөөбүтэ 100 сыла туолбут улуу ырыаһыппыт   ыарахан дьылҕатын, кэргэнин, оҕолорун сүтэрэн да баран сыанаттан түспэтэҕин, олоҕун дьиҥ чахчы сыанаҕа анаабытын  сорох көрөөччү бу испэктээктэн эрэ билбитэ. Христофор Максимов бэйэтин кэмигэр байаанын кыбыммытынан Саха сирин бары кэриэтэ улуус­тарын көрөөччүлэригэр ырыа кэһии­лээх тиийбитин курдук, аны “Киристипиэл” испэктээк эмиэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар гостуруоллаан өрөгөйдүүр кэмэ кэлбит этэ. Онтон Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэрэ Захар Никитин Саха сирин норуодунай суру­йааччыта Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” арамаанынан,  норуодунай бэйиэт Семен Данилов хоһооннорун киллэрэн туран,  “Сүрэх тэбэрин тухары” испэктээги сыанаҕа таһаарбыта. Арамаан дьоруойдара сэбиэскэй кэмҥэ Саха тыйаатыра туруора сылдьыбытын кэнниттэн сыанаҕа иккистээн эргиллибиттэрэ. Уопсайа, ити кэмҥэ, 7 мусукаалынай  испэктээк туруо­руллубута. Бу испэктээктэр бары Эстрада тыйаатыра саҥа  дьиэлэнэ ­илигинэ көрөөччүгэ тиийбиттэрэ, саҥа сүүрээни киллэрбиттэрэ.

Саҥа дириэктэр, саҥа дьиэ

2018 сыл. Бу сыл бэс ыйын 1 күнүттэн тыйаатыр дириэктэринэн “Саҥа ырыа”, “Сулус буол”, “Погоннаах дьон”, “Мисс МВД”, “Чөмпүйүөннэр баал­лара”, “Далбар Хотун”, “Прес­са баала” уо.д.а. чаҕылхай көстүү­лэринэн  уонна ураты истииллэринэн  күн бүгүҥҥэ диэри умнуллубат  киэҥ хабаан­наах бырайыактарга  режиссер­даабыт. Ханнык да тэрилтэҕэ кэлбит салайааччы  үлэтигэр хайаан да бастакы уочараттаах соругу туруорунар. Ол курдук,  бэйэ  дьиэтэ суох олорбут тыйаатыр артыыстарын уонна көрөөччүлэрин ыра санааларын  сэрэйиэххэ сөп. Ол, биллэн турар, тыйаатыр  дьиэлэниитэ. Татьяна Николаевна кэлээт даҕаны, саатар кыра да буоллар, артыыстар оонньуур, көрөөччүлэр ытыстарын таһынар сыаналаах дьиэни көрдөөн барбыта.  Ситэриилээх былаас уорганнарыгар сурук суруйарыгар хас да эбийиэги киллэрэрэ булгуччулааҕын туһунан  эппиттэрэ. Тыйаатыр атыылаһыан сөптөөх хас да эбийиэгин, буолаары буолан быраҕыллыбыт дьиэлэри, көрбүттэрэ. Онуоха анаан­-минээн үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр риэл­торы булбуттара.  17-с кыбартаалга былыр үйэҕэ тоҥоруллубут эбийиэги,  “Меркурий” Эргиэн киинэ буола сылдьан баран быраҕыллыбыт дьиэни, Бүлүү тыраагар туран хаалбыт эргэ тутууну көрөн  үөрэппиттэрэ. Бу кэмҥэ куорат килбэйэр киинигэр турар   “Европа” дьиэтэ хайыы үйэ үлэлээн бүтэн, “тоҥон” кэриэтэ  турар кэмэ этэ. Татьяна Чаранская оччолорго бырабыыталыстыбаҕа култуура эйгэтин сүрүннүүр Ольга Балабкинаны кытары билсэн, сыалын-соругун кэп­сээн, онтон  Ил Дархан Айсен Николаев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга минис­тиэристибэтэ өйөөннөр, “Европа” дьиэтин ылбыттара. Инньэ гынан, 2018 сыллаахха, оруобуна Эстрада тыйаатыра үбүлүөйдээх  50-с айар дьылыгар дьэ,  саҥа дьиэлэммитэ.

Куорат киинигэр килэ­йэн-халайан турбут, атыттарга маарыннаабат тутуулаах, уотунан-күөһүнэн  “ыҥыра-угуйа” турбут “Европа” кулууп дьиэтэ Эстрада тыйаатырыгар бэриллэр сураҕын истээт, ким эрэ үөрэн саҥа аллайбыта, ким эрэ сонньуйар, сэтэриир да саҥата иһиллибитэ. Кырдьыга да, уруккута соччо бэрдэ суох ус­­туоруйалаах түүҥҥү кулууп буоллаҕа этэ эбээт! Арай, “миэстэ киһини буолбакка, миэстэни киһи уларытар” диэн өйдөбүл баара үтүө улары­йыы тахсыаҕын кэрэһилээбитэ. Эстрада тыйаатыра көһөн кэлбитин истэн баран, хаһан аһылларын, туох уларыйыы буоларын долгуйа кэтэһээччи элбэх этэ. Арай, тыйаатырбыт аана көрөөччүлэргэ анаан аһыллыбат да аһыллыбат… ол оннугар тыйаатыр манна дьиэлэммитин сөбүлээбэт, утарсар этии­лэр араас ситимнэргэ быгыалаан киирэн барбыттара… Ол тоҕо, туохтан этэй?

“Ууну-уоту ортотунан ааспыппыт…”

Чэ, тылы оччотооҕу ыарахан кэмҥэ, этэргэ дылы, ууну-­уоту ортотунан ааспыт Татьяна Николаевнаҕа биэриим.

Татьяна Чаранская:

– Билигин санаатахха, хорсуммут бэрт эбит, наар быраҕыллыбыт, туһаттан тахсыбыт дьиэлэри көрөрбүт. Бу да  дьиэ тымныынан аргы­йар курдуга да,  урукку хаһаа­йын: “Дьиэ улахана бэрт, онон кэмчилээн кыратык эрэ сылытабыт”, – диэбитэ.  Докумуоннарбыт ситэ оҥоһулла илик да буоллаллар, өрүттэр сөбүлэһэммит күлүүстэрин тылын биэрбиттэрэ. Саҥа уораҕайбытыгар 2018 сыл ахсынньы 29 күнүгэр киирбиппит. Онтон дириэктэри солбуйааччы Илья Николаевич Гаврильевтыын  сарсыныгар, ахсынньы 30 күнүттэн саҕа­лаан,  ууну-уоту ортотунан ааспыппыт… Дьиэбит бастакы күүтүллүбэтэх «бэлэҕин» ууммута. Ити түүн саахал тахсыбытыгар эрэ билбиппит – дьиэ хочуолунайа батарыайаларга сылаас 70 бырыһыанын эрэ биэрэр, атына салгын вентиляциятынан кэлэр эбит. Ол 12 вентиляцияттан иккитэ эрэ үлэлиир, уоннааҕыта барыта алдьаммыт! Батарыайаларбыт тоҥон киирэн бардылар. Мин сүрэҕим тохтуу сыста, маннык улахан дьиэни тоҥордохпутуна салҕыы туох буолара биллибэт, иэдээн! Хайыахпытый, боппуруоһу суһаллык быһаарыахпытын наада.

Аны Саҥа дьыл буолаары турар, баан счеттара бары сабыллыбыттар. Ыксааммыт, сүбэ-ама, көмө көрдөөн билэр-билбэт дьоммутугар эрийдибит. Бэйэбит маннык дьиэҕэ туох да уопуппут суох буоллаҕа. Биир да уот-күөс суох, урукку хаһаайыттар барытын тоноон, туура тардан илдьэ барбыттар. Тыбыс-тымныы дьиэҕэ банаар уотунан сирдэтэн, халыҥ таҥаспытынан сылдьан түүнү быһа итии чаанньыктаах уунан таһынааҕы систиэмэни сылыта сатаатыбыт. Мин абаккабыттан ытыыбын, күнүм-ыйым Илья Николаевич  эрэ буолбута (штаппытыгар инженер диэн көрүллүбэт этэ). “Водоканалга” эрийэн көрдөһөн, генеральнай дириэктэр Анаталий Кырджагасов биригээдэни ыытан, арыый сылыппыт курдук буоллубут. Кинилэр барбыттарын кэннэ иккистээн тоҥон барбытыгар аккаастаатылар. Турбалар биир миэтэрэттэн ордук дириҥҥэ сир аннынан бараллар эбит. Инньэ гынан, уу бөҕө дыгдайан тахсан, тулабытыгар “Байкал күөлүн” оҥордубут. Саҥа дьыл түүнэ….  Бары бырааһынньыктыы  сылдьаллар, таһынааҕы ыаллар киирэн миигин үөҕүү бөҕө, биһиги кэлбиппитин сөбүлээбэтэхтэрин аһаҕастык этэллэр. Биһиги дьолбутугар, доҕордуу омуктарбыт кэлэн быыһаатылар. Сир анныгар баар турбаларга тиийэр туһугар тоҥ буору дэлби үүттээн, тоҥсуйан, онтон куопсуктаах эскалаторы аҕалан буорун хостоон таһаардылар. Дыгдайан тахсыбыт ууну фекалка массыыната кэлэн обортордо. Хастыы да рейси оҥордулар, үлэ бөҕөтүн көрүстүбүт. Дьэ, ол кэнниттэн аны сыбаарсыктар кэлэн тоҥмут турбалары булан сыбааркалаатылар. Ол турбаларбыт барыта сиитэ курдук буолан хаалбыттар. Сыбаарсыктар тыбыс-тымныы сиргэ сытан эрэ үлэ бөҕөтүн көрүстүлэр. Барахсаттары наһаа убаастаабытым. Аны ол үөскээбит дьаамабытыгар ааһан иһэн дьон түһүө диэн ол куттала. Буруйдаах мин буолар буоллаҕым. Тыйаатырым үлэһиттэрэ, бырааһынньыгы бырааһынньык диэбэккэ, бары дьуһуурустубалаабыттара.
Дьэ, ама да ааспытын иһин, кытаанах тургутууну көрсүбүт, улахан кутталга киирэн тахсыбыт, элбэх да үлэни оҥорон ыксаллаах быһыыттан-майгыттан тахсыбыт эбиппит.
Бу быһылааны үөһээҥҥи салайааччыларбар кэпсээбиппэр баттахтара турбута…

Пандемия кэмигэр да олорон хаалбатахтара

Итинник улахан саахал кэнниттэн аны барытын өрөмүөннээн, сөргүтэн баран, үлэлиэххэ, харчы өлөрүөххэ наада этэ.
Тыйаатыр дириэктэрин бастакы уочараттаах соругунан Камернай сааланы арыйыы этэ (билигин кэнсиэртэр, испэктээктэр бары манна буолаллар). Камернай саала өрөмүөннэниэн иннинэ, 70-ча миэстэлээх биир кыра сааланы кыратык уларыта тутан оҥорон, онно СӨ үтүөлээх артыыската Тамара Попова «Ырыам кута» диэн бырайыагынан үстэ кэнсиэртээн, саҥа уораҕайга бастакы көрөөччүлэр кэлбиттэрэ.
Сайыны быһа өрөмүөн үлэтин хоннохтоохтук ыытан, аны куорат атын тыйаатырдарыгар оонньуу сылдьыбыт испэктээктэрин бэйэлэрин саҥа сыаналарыгар сөп түбэһиннэрэн көрдөрөн барбыттара. Ити испэктээктэрин барытын репертуарга киллэрэн, билигин тыйаатырга нэдиэлэ аайы хайаан да кэнсиэр эбэтэр испэктээк, Александр Бурнашов «Көмүс ааттар» бырайыага, вокальнай-инструментальнай бөлөх кэнсиэрэ көрдөрүллэр.
Тыйаатыр кэлэктиибэ пандемия да кэмигэр таах олорон хаалбатаҕа. Араас онлайн- бырайыактар, кэнсиэртэр тохтоло суох Куйаар ситимигэр тахса турбуттара, “Түмэр оһуохай” диэн улахан бырайыагы Ыһыах күнүгэр ЗУУМ былаһааккаҕа оҥорон, улуус оһуохайдьыттара кыттан ыһыахтаабыт тэҥэ сананаммыттара. Ону тэҥэ, «Мааппа» испэктээги бэлэмнээбиттэрэ, манна сүрүн оруолларга Амгаяна уонна Байбал Сэмэнэп оонньообуттара. Тыйаатырдар үлэлэрэ хааччахтанан, харчы өлөрөр уустугуран, көстүүмнэрин тигэллэригэр ыарахаттары көрсүбүттэрэ. Уопсайынан, саҥа туруорууларыгар инсценировкатын оҥорорго кып-кыра малтан саҕалаан, кимиэхэ туох баарынан дьиэлэриттэн, билэр-билбэт дьонноруттан көрдөһөн ылан үлэлээн кэллилэр. Холобур, «Үлэ үөһүгэр таптал» испэктээккэ, артыыстар таҥастарын-саптарын, интерьери көрө олорон айымньыга ойууланар кэмҥэ дьиҥнээхтии төннөн ылаҕын. Олус элбэх бэчээттиир массыынканы, туруубкалаах төлөпүөннэри уо.д.а. хантан булбуттара буолуой дии саныыгын. Татьяна Николаевна эппитинэн, барытын дьиэлэриттэн аҕалбыттар эбэтэр билэр-билбэт дьонноро бэлэхтээбиттэр, сорохтор кыра сыанаҕа атыылаабыттар. Чымыдааҥҥа хараллан хаалбыт ааспыт сыллар муодунай таҥастара, атах таҥастара хайдах курдук абыраабыттарын испэктээги бэйэҕит көрдөххүтүнэ итэҕэйиэххит диэн көрөөччү быһыытынан этэбин.

«Үлэ үөһүгэр таптал»

Бу испэктээк 2022 с. хайа күн туруоруллуоҕуттан билиэт эрдэттэн бүтэн испитэ, көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн хаста да хатыланнар да, билиэккэ тииспэккэ кураанаҕы кууспут көрөөччү элбэх этэ.
Татьяна Чаранская бу испэктээккэ тыйаатыр уус-уран салайааччыта Мария Герасимова тылын ылынан режиссердаабыта.
«Мария Николаевна «Үлэ үөһүгэр тапталы» туруор диэн үс сылы быһа элэ-была тылын эппитэ. Көрөөччү эрэ барыта сөбүлүүр, номох буолбут киинэтин мусукаалынай испэктээк оҥорортон, кистээбэккэ эттэххэ, толлубутум. Онуоха Мария Николаевна: «Бу хара маҥнайгыттан пьеса ээ. Эльдар Рязанов 1971 сыллаахха аан бастаан пьеса туруорбута», -– диир. Ону мин: «Арай табыллыбатын?! Режиссер быһыытынан кыайбатым, артыыстар ыарырҕаттыннар? Оччоҕо саакка-суукка барабыт», -– диэн аккаастанарга төрүөт көстөн испитэ. Ону Мария Николаевна: “Биһиги сахалыы тыыннаан туруоруохпут,”- диэн итэҕэппитэ.
Иннэ гынан, пьесаны ылан ааҕан барбытым уонна туох эрэ толкуйдар киирэн барбыттара. Тылбааһын Надежда Мордовская-Ильина биир ый иһигэр оҥорон биэрбитэ. Онтон артыыстар «ааҕыыга» ылсан барбыппыт. 2022 сыл алтыннньы 26 күнүгэр «Служебный роман» киинэ 45 сыла, онтон сэтинньи 18 күнүгэр Эльдар Рязанов 95 сааһын туолар эбит этэ. Онон, испэктээги туруоруу үөһээттэн ыйыллыылаах курдук этэ.
Саҥа испэктээги режиссердуохтаах киһиэхэ биэрэр үппүт-харчыбыт да суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, пандемиянан сибээстээн, туох баар сынньатар-аралдьытар тэрээһиннэри боппуттара. Саҥа дьыл кэнниттэн дьэ, өрө тыынан үлэлээн эрдэхпитинэ, тохсунньу 17 күнүттэн кулун тутар 8 күнүгэр диэри тыйаатырдар үлэлэрин эмиэ тохтотон кэбиспиттэрэ. Хаһан үлэҕэ тахсарбыт да биллибэт, үлэһиттэрбит 50 бырыһыанын ыраахтан үлэҕэ көһөрбүппүт.
Кулун тутар 8-18 күннэригэр, бастакы премьераларга кэрэхсэбиллээҕи билэ-көрө сатыыр, бэйэлэрин сабаҕалааһыннарын тэҥнээн көрөр баҕалаах көрөөччүлэр кэлбит этилэр. Арай, хаһыаттарга, социальнай ситимнэргэ көрдөххө, көрөөччүлэр санаалара барыта үчүгэй, төлөпүөнүнэн эрийэн эҕэрдэлээн бардылар. Премьераны биллэрбиппит икки нэдиэлэ инниттэн билиэттэр бары бүтэн хаалбыттар этэ. Көрөөччүлэрбит сэҥээрбиттэриттэн кынаттанан, гостуруолга туруммуппут», -– диэн Татьяна Чаранская пандемия кэмэ бэйэтэ туһунан устуоруйа буоларын тоһоҕолоон, хайаан да ахтан ааһарга көрдөстө.
Ити курдук, тыйаатыр кэлэктиибэ «Үлэ үөһүгэр таптал» испэктээгинэн бастаан Илин эҥээр улуустарга, онтон өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр Нерюнгринан, Алданынан, аны Мииринэйинэн сылдьан, бу испэктээги омугуттан тутулуга суох бары сэргээн көрдүлэр.
Кулун тутар бүтэһигэ уонна муус устар саҥата -– гостуруоллар кэмнэрэ. Адьас соторутааҕыта тыйаатыр үс бөлөҕүнэн Эбээн Бытантай, Уус Маайа, Усуйаана улуустарынан гостуруоллаан кэллэ.

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар, бэлэмниир “Таба Яна” кээпэрэтиип генеральнай дириэктэрэ Петр Егорович Томскай өйөбүлүнэн Татьяна Николаевна салайар бөлөҕө бу испэктээгин илдьэ ыраах Арктика биир улууһугар Усуйаанаҕа ыалдьыттаата. Түгэнинэн туһанан, “Таба Яна” кэлэктиибигэр хаһыат нөҥүө махталбытын биллэрэбит, итинник дойдутун, дьонун туһугар үлэлиир, хамныыр тэрилтэ баара кэрэхсэбиллээх.
Хотугу дойду аһаҕас дууһалаах, элэккэй, ыалдьытымсах көрөөччүлэрэ туран эрэ ытыстарын таһынан, өргө диэри сыанаттан ыытыахтарын баҕарбатахтар. Испэктээк кэннэ артыыстарга чугаһаан: «Биһиэхэ хаһан да биир да тыйаатыр маннык улахан састаабынан кэлбэтэҕэ. Эһиги бары «сулустар» мустан, өссө дириэктэр бэйэтэ бэйэтинэн кэлбит», -– диэн долгуйууларын, дьол хараҕын уутун кистээбэтэхтэр, махтал бастыҥын анаабыттар. Ол эрээри, артыыстар буурҕа түһэн, Хайар уонна Тумат көрөөччүлэригэр кыайан тиийбэтэхтэриттэн хомойо саныыллар.

ххх

Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын инники былаана киэҥ. Кистэлэҥтэн кыратык сэгэтэр буоллахха, Учуутал уонна уһуйааччы сылынан, Сергей Потапов Чингиз Айтматов «Маҥнайгы учуутал» айымньытынан мусукаалынай испэктээк туруорарга ылсан эрэр. Сергей Станиславович Эстрада тыйаатырыгар хайыы үйэ 4 испэктээгэ буолар.
Быйыл тыйаатыр 55 сылынан ыытыллар декаданы күһүн бэйэлэрин уораҕайдарыгар саҥа испэктээгинэн аһыахтара, уонна Цииркэ дьиэтигэр улахан кэнсиэринэн түмүктүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

8 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

9 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

9 часов ago