Эстрада тыйаатырын хора: «Сахам сирэ барахсан» ырыаны толорууларын истиэҕиҥ! (видео)

Эстрада тыйаатырын хора: «Сахам сирэ барахсан» ырыаны толорууларын истиэҕиҥ! (видео)

Ааптар:
22.10.2022, 09:03
Бөлөххө киир:

Былырыын Улуу Кыайыы  күнүгэр (ыам ыйын 9 күнүгэр) эстрада тыйаатырын хора тэриллибитэ. Бастакы ырыаларынан аатырбыт, номоххо киирбит «Хайыһар» буолбута. 

«Хайыһар»кэнниттэн хор элбэх ырыаны толордо.  Ол ырыаларынан анал бырагыраама оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар анаан  дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит  «Сахам сирэ  барахсан» ырыаҕа килиип уһулан, быйыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр, ол эбэтэр Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр норуот истиитигэр тахсыбыта», — диэн эстрада тыйаатырын уус-уран салайааччыта Мария Герасимова иһитиннэрдэ.

Килиипкэ  эстрада сулустарыттан Сайсары, Умсуура, Люси, Амгаяна, Санита Ай, Ника, Айгылаан, Анатолий Горохов, Амикан бааллар. Хорга солист быһыытынан СӨ үтүөлээх артыыһа Байбал Семенов ыллаабыт. Санатар буоллахха, бу ырыа тылын Саха сирин норуодунай поэта Иван Гоголев — Кындыл, оттон матыыбын саха муусукатын сайыннарыыга cүҥкэн оруоллаах, РСФСР уонна Саха АССР  искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ Грант Григорян айбыттара.

Салгыы килииби истиҥ, сэргээҥ, ыллаһыҥ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: